Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар

Хаартыска: Саха парламент

Сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Таатта улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ эппиэттээх салайааччылары кытта мунньахтаата. Киин уонна илин эҥэр улуустар оту бэлэмниир үлэлэригэр соруктары туруорда. Халлаан туруга мөлтөҕүнэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустарга кыстыгы туоруурга тирэхтээх буолалларыгар сөптөөх үлэни ыыталларыгар дьаһайда.

2024 сылга окко былаан — 435 тыһыынча туонна. Маны таһынан, «Кормопроизводство» бырагыраама чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 175 мөл. солк, олохтоох бүддьүөттэн 204 мөл. солк 14 тыһыынча туонна сенаж уонна 29 тыһыынча туонна сиилэс бэлэмнээһинигэр үбүлээһин көрүлүннэ.

Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылары өйүүр бырагырааманан бу сылга сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ 203 анал тиэхиньикэ уонна тэрил ылыллар, 198 км күрүө тутуллар, 1 сиилэс траншеята уонна үс 400 туонна киирэр от харайар эбийиэк тутуллар.

Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 421 га ходуһа охсулунна, онно 164 туонна от кэбиһилиннэ.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров эппитинэн, от бэлэмэ борогунуос быһыытынан 370 тыһ туонна, былаантан 85% туолар. Судургута суох балаһыанньа илин эҥэр оройуоннарга сабаҕаланар.

Айсен Николаев түмүк таһаарарыгар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ түргэн биригээдэлэри тэрийэригэр, кыстыгы туруктаахтык туоруурга сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ сөптөөх быһаарыылары ыларыгар сорудахтаата.

Ил Дархан сотору кэминэн муниципальнай оройуоннарга тыа хаһаайыстыбатыгар биирдиилээн боломуочуйалар бэриллэллэрин иһитиннэрдэ. Анаан мунньах тэриллиэҕэ. Баһылыктар миэстэтигэр оҥорон таһаарыыны күүһүрдэллэригэр этилиннэ.

Намнар – окко

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар иһитиннэрэллэринэн:

— Сааскы ыһыы үлэтэ этэҥҥэ түмүктэнэн, бу күннэргэ окко киирии саҕаланна. Быйылгы сылга от былаана — 27 533 туонна.  1609 гектарга сүөһү эбии аһылыга: эбиэс, элбэх сыллаах от ыһыллынна, ону тэҥэ 850 туонна сиилэһи бэлэмниир сорук турар. Эбии аhылыгы бэлэмнииргэ ааспыт сылтан МТС «Агро» диэн тэрилтэ тэриллэн үлэлиир. Тэрилтэ салалтата  360 га быраҕыллыбыт сирдэри чөлүгэр түhэрэр үлэни ыыта сылдьар (эбиэс, элбэх сыллаах от). Нэһилиэктэр дьаһалталара, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ уонна хаһаайыстыбалар салайааччылара ходуһаларын кэрийэн көрөн,  төһө оту ылыахтарын сөбүн барыллаан ааҕан-суоттаан үөрэттилэр. От үлэтин кэмигэр саҕалыыр инниттэн хаһаайыстыбалар оттугунан-уматыгынан бириэмэтигэр хааччылыннылар, оттуур тиэхиньикэлэрин көрүннүлэр, өрөмүөннэннилэр.

Улууска окко киирии биирдиилээн хаһаайыстыбаларынан саҕаланна. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 250 га сир охсулунна, 120 тонна от бэлэмнэннэ. Ити ааспыт сылга тэҥнээтэххэ, 35 туоннанан элбэх. Быйыл отчуттар от үүнүүтүн ортоһуор диэн сыаналыыллар. Алаас сирдэрэ курааннаан, түүнүн тымныы буолан, от үүнүүтэ бытаарбыт эбит буоллаҕына, уу ылбыт арыы сирдэригэр үүнүү үчүгэй. Онон оттооһун былаана кэмигэр туолуоҕа диэн эрэнэбит, — диэн бэлиэтээтэ баһылык Юрий Слепцов.

Бүлүүгэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ Бүлүү улууһугар “1 Тоҕус нэһилиэгин” Тыымпы сэл. “Сырдык Уулаах” сайылыгар СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин, «Сахаагроплем» ГБТ, Бүлүү улууһун дьаһалтатын, тыатын хаһаайыстыбатын департаменын уонна «Тыымпы» ПК тэрийиилэринэн үрдүк тэрээһиннээхтик  ыытыллыбыт зоотехник-селекционердар өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс куонкурустара ыытыллыбыт.

Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Павел Иннокентьев эппитинэн, улууска оттооһуҥҥа суһал ыстаап тэриллибит. Орто Бүлүү нэһилиэктэрин баһылыктарын кытта мунньахтаабыттар. Былаан төһө туолуон сөбүн сабаҕалааһын оҥоһуллубут. Былаантан 80 %  толорор инибит диэн ааҕыммыттар. Ону сэргэ, сорох нэһилиэктэргэ үүнүү үчүгэй буолан, олор былааннарын олороллоругар эрэллээхтэр.

Сунтаарга куйаас күннэри баттаһа

“Сунтаар сонуннара” хаһыакка Марфа Иванова матырыйаалыгар улууска Күндэйэ нэһилиэгэр сүөһү иитиитинэн олохтоохтук дьарыктанар Трофянов В.А. хаһаайыстыба дьоно окко киирбитэ балачча кэм буолбут, ардаҕа суох күннэри баттаһа ходуһаҕа буһа-хата үлэлии сылдьар диэн суруллар. Василий Трофянов бу курдук кэпсээбит: “Ынах сүөһү кыралыын-улаханныын уопсайа 40-ча төбө кыстыахтаах, ыанньыкпыт — 18 төбө. Окко сыл аайы эрдэ киирээччибит, ый саҥатыттан, биир үксүн оттуур сирбит хайдах үүммүтүттэн көрөн. Быйыл үрдүк сир син үүнүө эбит да, “тиистээх отчут”– аһыыка элбэх. Номнуо от төҥүргэһин эрэ хаалларан эрэллэр. Күн бүгүнҥү туругунан 14 т. оту оттоон күрүөнү буллардыбыт. Быйыл оппут былаана 80 т. Билиҥҥитэ сирбит аҥаара, күөл кытыыта буолан, ууга сытар. Күһүҥҥэ диэри тартаҕына, былааммытын толорор инибит дии саныыбыт. Сайын аайы куораттан, Элгээйиттэн, Күндэйэттэн, Кутанаттан балтыларым, бырааттарым кэлэн көмөлөһөн абырыыллар. Дьахтар аймах ынах ыыр, эр дьон бары окко түһүнэбит. Биир шасси уонна ЛТЗ -60 тыраахтардары үлэлэтэбин”.

Улахан ыам

Билигин Саха Сиригэр «улахан ыам» кэмэ саамай үгэнигэр турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 24 909 туонна үүт туттарылынна, бу 2024 сыллааҕы былаантан 45%-на. Саха Сирин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, 10%-нан элбэх  үүт ыаммыт.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ үүтү оҥорууга харчынан көмө кээмэйэ 60-тан 65 солкуобайга диэри үрдээтэ.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр эппиттэринэн, ааспыт сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ бу көрдөрүү 10% элбэх. Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Ньурба, Нам улуустарын оҥорон таһаарааччылара инники күөҥҥэ сылдьаллар.

Субвенция 68% муниципальнай тэриллиигэ ыытыллан турар, ол иһигэр Нам уонна Өлүөхүмэ улуустара 80% ыллылар. Улуустарга барыта 2 млрд 430 тыһ солк. ыытылынна. Үүккэ былаан быйыл — 54 924 туонна.

Источник: Саха парламент

This post was published on 19.07.2024 14:01 14:01