Сайсаар уокуругар тутуллар спортивнай саала ыам ыйын бүтүүтэ үлэҕэ киириэҕэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Азия оҕолоро» VIII норуоттар ардыларынааҕы оонньууларга анаан Дьокуускайга Сайсаар уокуругар элбэх хайысхалаах спортивнай саала тутуллар. Эрдэ маннык универсальнай спортивнай эбийиэк бу микрооройуоҥҥа суоҕа.

Эбийиэги ыам ыйын 31 күнүгэр диэри үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.

Икки этээстээх дьиэ иэнэ 2,8 тыһ кв м. Манна универсальнай саалалаах, трибунатыгар 400 миэстэлээх, художественнай гимнастиканан уонна боксанан дьарыктанар саалалардаах, тренажернай эмиэ баар.

Азия оҕолорун оонньууларын кэмигэр манна волейболга күрэхтэһии буолуоҕа.

Сиһилии https://ysia.ru/sportivnyj-zal-v-sajsarskom-okruge-yakutska-planiruyut-vvesti-do-kontsa-maya/

This post was published on 25.03.2024 16:05 16:05