Сайсаар оройуонугар дьиэҕэ төрөөбүт кыыс оҕо туһунан

Саҥа киһиэхэ күн сирин бэлэхтээбит аанньал бэйэтин сиэннэрин кытта

Арьянда Данилова уоппускатыгар олорор буолан, күһүҥҥү сылаас күннэри мүччү туппакка отоннуу бараары тэринэ сылдьыбыта. Дьиэлэригэр Эбээн-Бытантайтан кэлбит, сотору оҕолонуохтаах аймах балта хаалыахтааҕа.


Арай балта ыксаабыт саҥата иһиллибитэ уонна хоско киирэн: «Эдьиэй, төрөөрү гынным быһыылаах», – диэн ыгылыйбыт куолаһынан саҥарбыта. Арьянда Николаевна эдэр дьахтар талыыта киирэн, оҕолоноро бу кэлбитин тута таайбыта.

Мантан салгыы балаҕан ыйын 11 күнүгэр Сайсаар оройуонун биир дьиэтигэр буолбут дьикти түгэни Арьянда Николаевна маннык кэпсээтэ:

Аймах балтым ыксаабыт сирэйин көрөн баран, төрүүр кэмиҥ кэлбит. «Суһал көмөнү» ыҥыра охсуохха диэтим. Эрийдибит. 5 мүнүүтэ ааста дуу, ааспата дуу, кыыһым олох ыксаан, ыгылыйан киирэн барда. Кэтэһэр туһата суох эбит! Дьыбааҥҥа сытыардым. Кыыспын сытыаран баран кэргэммэр суһал көмөнү ыксатарыгар, сиреналарын холбоон, түргэнник кэлэллэригэр дьаһайдым иҥин. Тоҕо диэтэххэ, оҕо төбөтө бу быган кэлбитэ. Кыыспын олох куттаныма, хаһыытаама, ытаама, атаахтаама диэн эмиэ да уоскуттум, эмиэ да кытаанахтык саҥардым. Дьолго, кыра уолбут биһигиттэн чугас олорор. Онон кинилэр дьиэтээҕи «аптечкаларыттан» груша киллэртэрдим. Түргэн үлүгэрдик итиигэ тутан баран, айаҕын иһинээҕи чалахайын грушанан оборторон ыллыбыт, оҕобут тута ытаан бэбээрдэ. Мин саамай итинтэн куттаммытым. Чугаһынан медицинскэй бэрчээккэ да, груша да суох буоллаҕа. Кырачааны былыргы ньымабытынан кыратык таһыйан ыллым, атаҕын тилэҕин кычыгылаттым. Инньэ гынан уонча мүнүүтэнэн кыыспытын төрөтөн кэбистибит. Аны кэнэҕэскитэ тахсыахтаах, онон «суһал көмөлөр» кэлэн түргэнник укуол оҥоруохтарын наада.

Оҕобут номнуо күн сирин көрбүтүн кэннэ, «суһал көмөбүт» тиийэн кэллэ. Петр Алексеев аатынан уулуссаҕа эмиэ суһал ыҥырыыга сылдьан баран кэлбиттэр. Оҕо ытаан бэбээрэрин, ийэ мичээрдии сытарын көрөн соһуйдулар. Тута систиэмэ туруордулар. Кыра уолбуттан кыһыл оҕо таҥаһын ылан, эһээхэйбитин үрүҥ халааттаах аанньалларга туттаран ыыттыбыт.

Аны ийэ доруобуйата хайдаҕын, хас киилэлээх оҕо төрөөбүтүн билээри, санаабытыгар өр да күүттүбүт. Дьолго, кыыспыт туох да быһа барыыта суох оҕоломмут, онтон оҕобут 3600 киилэлээх, 51 см уһуннаах. Эмчиттэр: «Оҕо уонна ийэ туруктара үчүгэй. Барытын сөпкө оҥорбуккун», – диэн хайҕаабыттарыгар эрэ уоскуйдум. Биир идэлээхтэрим олус соһуйдулар, «Мин эбитим буоллар, куотан хаалыам этэ» диэччилэр да баар буоллулар. Онон элбэх эҕэрдэни туттум. 

Арьянда Данилова дьиэ усулуобуйатыгар оҕону төрөтөргө киһи эрэ санаммат хорсун санаатын ылыммыта олус үөрүүлээх.

Кини бэйэтэ фельдшер-акушер идэлээх эбит. 1984 сылтан бастаан фельдшер пуунугар, онтон учаастактааҕы балыыһаҕа үлэлээбит. Икки уола улаатан, кинилэри үөрэттэрээри 1998 с. куоракка көһөн киирбит. Үлэлээбитин тухары күнүстэри-түүннэри суһал ыҥырыыга сылдьан, сааһыран арыый чэпчэки үлэҕэ үлэлииргэ санаммыт. Кини дьолугар, куораттааҕы военкомакка үлэ көстүбүт. Онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри онно үлэлиир, икки кыыс, икки уол сиэннэрин бүөбэйдэһэр.

Эмчит үлэтигэр төһө да 32 сыл ыстаастааҕым иһин, оҕону төрөппөтөҕүм 20-чэ сыл буолла. Онон бэйэлээх бэйэм дьиэбэр буолбут ыксаллаах балаһыанньаҕа урукку үөрүйэхпин туһанан аймах кыыспар көмөлөстөҕүм дии. Бэйэтэ да төрдүс оҕото буолан кылбардык оҕолонно, – диэн бүгүҥҥү дьоруойум сымнаҕас илиитинэн тутан-хабан күн сирин көрдөрбүт кыысчаана балыыһаттан номнуо тахсан, дьиэлэригэр этэҥҥэ айаннаабыттарын туһунан сэһэргээтэ.

This post was published on 20.09.2016 16:04 16:04