Сайдыылар Кыайыы 75 сылыгар бэлэмнэнэллэр

Сайдыытааҕы сынньалаҥ киинигэр Кыайыы 75 сылыгар аналлаах тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии үлэтин саҕалаатылар. Ааспыт өрөбүллэргэ Ийэлэргэ сүгүрүйүү күнэ ааста. Оҕолуун улаханныын бары кытыннылар.


Сайдыы кулуубун уус-уран салайааччыта Николай Бурцев эппитинэн, билиҥҥиттэн олохтоох дьаһалтаны кытары үлэни барар. Күһүн тэрилтэлэр сыһыарыылаах кырдьаҕастарыгар муус ылан тиэйэн биэрбиттэрэ, саас аайы мас кэрдэн киллэрэн биэрэллэр. Кырдьаҕастар кыраҕа да үөрүнньэҥ дьон махталлара муҥура суох.

Ааспыт өрөбүллэргэ Ийэ күнүгэр аналлаах «Ис сүрэхтэн» түһүлгэҕэ тыа хаһаайыстыбата, суоналар уонна кырдьаҕастар түмсүүлэрэ көхтөөхтүк кыттыннылар. Атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыттан саҕалаан, балыктан, эттэн тотоойу ас арааһын, бурдук аска тиийэ, үүт, сүөгэй, арыы, суорат дэлэйдик атыыланна. Кэнсиэр иннинэ баһылык солбуйааччыта Руслан Семёнов эҕэрдэ тылын эттэ уонна махтал суруктары туттартаата.

Ийэ, дьахтар, кыыс киһи билиңңи уопсастыба тутуллар тутааҕа буолбута мэлдьэх буолбатах. Ол курдук А. Н. Бегишева (АРЧЫ) түөлбэ, З.В. Бурцева
(ЭРЭЛ), М. В. Чирикова (САРЫАЛ), В. К. Соловьева (САРДАНА) кыргыттарынан сайдыылар киэн тутталлар. Хаһыс да сылын таһаарыылаахтык салайан кэлбит Т.Г. Артамонова (САҺЫЛ-СЫҺЫЫ) түөлбэтэ үгүстэргэ холобур буолар.

Сайдыытааҕы сынньалаҥ Киинэ 1972 сыл күһүнүгэр үлэҕэ киирбитэ. Оччоттон баччаҕа диэри элбэх өрөмүөн ыытылынна да, кыһын тымныынан аргыйар култуура киинигэр дьон син биир тоҕуоруһа мустар.

«Үбүлээһин өттүнэн ыарахан буолан, хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубатаҕа ыраатта. Икки сылынан үбүлүөйү баттаһа үп көстөрө буоллар, өрөмүөн ыытарга баҕа санаа кыыма уостубат«, — диир Николай Бурцев.

Ханна да буоларын курдук, улахан көмөнү, тирэҕи үөскэтээччилэринэн тэрилтэлэр буолаллар: Эңэ орто оскуолата (салайааччы Я. Е. Малькова), оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ (салайааччы В. И. Слепцова), балыыһа (сал. Э. В. Григорьева) уонна түөлбэлэр буолаллар.

Кулууп 6 үлэһиттээх. Сайыҥҥы от кэнниттэн, уоппускаларыттан күүс-күдэх ылынан кыһыңңы тэрээһин үөһүгэр сылдьаллар.

Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА, Дьааҥы улууһа

This post was published on 21.10.2019 11:10 11:10