Сайдыы бөһүөлэгин устунан хааман эбээн омук кыыһын дьиэтин тэлгэһэтигэр тиийэбит. Хаһаайка Татьяна Ивановна Колесова – Удьу хотоҥҥо киирэн баайын-дуолун билиһиннэрэр, иитэр миҥэтэ, ииттэр көтөрө, сүөһүтэ эмиэ элбэх.
Ааспыт сыл Баатаҕай урбаанньыта Елена Дударенко ким баҕалаахха куһу, хааһы, индюкка тиийэ биэрбитин, инкубаторынан да таһаарарын туһунан Удьу кэпсиир. «Хаки Кембл диэн сыата суох диетическай кус боруодатын иитэр. Миэхэ икки тыһылаах биир атыыры ыыппыта, уотурбаны, оту, хаппыыстаны сииллэр. Ол кустарбар килиэккэ хайаҕаһынан хоруолугум киирэ сылдьыбыт. Тахсыбытын кэннэ атыыр кус кынатын соһон кэбистэ, хоруолук тэппит быһылаах. Инньэ гынан куһум ыран истэ, адьас аһаабат, уонна, өлөн хаалла. Атыыра суох хааллахпыт. Еленаттан ыйыппыппар «үчүгэй кус бэйэтэ төрүөхтээх” диэбитэ. Сайын кэтээн көрүөм. Атыыласпыт дьоммутугар индюкка тиийэ баар. Манна хоту буолан тымныы, кыһыны сатаан туоруо суохтара диэн ылбатаҕым”, — диэн сэһэргиир.
Кыараҕас хотон иһигэр дьиэ кыыллара, көтөрдөрө бииргэ иллээхтик олордоллор да — кыраныысса уонна былаас былдьаһыыта кинилэргэ да ханна барыай?!. Оттон дьиэтийбит кууруссалар хооҕурҕаһа-хооҕурҕаһа хотон сырдык уотугар хотумсуйа хаамаллар, ортолоругар бэрт көстүүлээх үрүҥ бөтүүк бөтөрөҥнүүр.
Алта хоруолуктан биирэ өлбүт. Хобуулга киирдэҕинэ ынах кэйэн быраҕаттыыр быһылаах диир Удьу. Барыларыгар туһунан уйалыаҕын хотоно кыараҕаһа бэрт буолан босхо сырытыннарар. Дьон оту өрөһөлөөн, хоруолугу таһырдьа кыстаталларын истэн, бу сааскыттан хоруолуктарын таһырдьа таһаартыыр санаалаах. «Барахсаттары иитэбин эрэ, дьоҥҥо биэрэбин, сиэбэппит, наһаа хараһыйабыт, илиибит барбат”, — диэн ийэлии аһынар.
Улахан дьиэ кэргэн аҕата Егор Петрович Потапов Эбээн Бытантай улууһун Кустуурутан төрүттээх, хачыгаардыыр. Егор Петрович эдьиийэ икки саха ынаҕын биэрэн, ааспыт сыл соҕотох сыарҕалаах бураанынан дойдутуттан тиэйэн аҕалбыт: «Мантан быһа суол баар, билигин Булуҥ массыыналара сылдьаллар. Аарааҥҥа диэри ол суолунан иккиэ буолан биир сыарҕалаах бураанынан барбыппыт. Ынахтарбытын тыал-силлиэ тэһэ үрбэтин диэн анал сабыынан бүрүйэн, сыарҕаҕа кэлгийэн айаннаабыппыт. Айана биир суукка. Үрүйэни тахсыыга сыарҕа тиэрэ баран ынахтар охтубуттара. Дьэ, мучумаан бөҕө буолла. Ынахтарбыт быһа сордонон баран тахсыбыттара, тоҥмуттар этэ», — диэн кини кэпсиир.
Уһун айан суолугар аара суолга Сатаҕай диэн сиргэ баар дьиэҕэ киирэн хоммуттар, ынахтарыгар тиэйэ сылдьар отторун сиэппиттэр. Хоту дойду томороон тымныытын тулуйарын, хойуу үүтээҕин билэр эбээн дьоно саха ынаҕын ииттэллэр, тарҕаталлар. Ынах ииттибиттэрэ сүүрбэччэ сыл буолбут, быйыл эбиллиини кэтэһэллэр, оттон саха ынахтарын аҕалбыттара сыл буолан эрэр.
Удьу салгыы ынахтарын билиһиннэрэр: «Бу нууччалар, оттон бу сахалар. Бу дьон (ынахтарын этэр) атын киһи кэллэ диэн саһан тураллар, куттанан турар дьүһүннэрэ. Ити биирэ атыыр оҕус, кинини кытта холбоһуннаран саханы төрөтөөрү гынабыт. Ээ, бүгүн бэтэринээрдэр кэлэн укуоллаабыттара дии, ол иһин атыҥырастар эбит. Хайа абааһы буоллулар дии санаатым. Ити ынах үрдүгэр хоруолук олорор, тоҥнохторуна итинник иттэллэр», — диэн дьону кытта кэпсэтэрдии ынахтарын таптыыр.
Удьулаах сылгылара эбиллэн “убаһаны быйыл саҥа сиэтибит” диэн үөрэллэр. Ыал улахан оҕото 11 кылааска үөрэнэр, быйыл үөрэх туттарса куораттыахтаах. Бэһискэ үөрэнэр кыыс сүөһүгэ, кыылга-көтөрдөргө сыстаҕас, дьоно Айаан күөл сайылыгар оттуу бардахтарына хотону бэйэтэ көрөр-истэр. Ийэтин батыһа сылдьан көтөрдөргө, дьиэ сүөһүтүгэр хайдах, төһөнү аһатарын барытын билэр.
Ааспыт сыл кураан сайыҥҥа от үүнүүтэ аҕыйаан, эбии икки туонна оту сакаастаабыттар. Сылга 40 куб. маһы оттоллор. Бэйэҥ бэлэмнээбит маскын тиэттэрии түөрт тыһыынча солкуобай. Оттон атыылаһыыга биир бырысыап мас 15 тыһыынчаҕа тиийэр да буоллар, биэс оҕолоох эбээн эдэр ыала хоп курдук олороллор.
Удьу сололонноҕуна, иэйиитэ киирдэҕинэ пластилинынан мэтириэттэри оҥорор, үлэлэрин оройуон быыстапкаларыгар көрүөххэ сөп. Олоҥхоһут Даарыйа Андреевна Томская – Чаайка төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан оҥорбут мэтириэтин көрбүт эрэ барыта сөҕө хайгыы көрөр. «Аан бастакы холонуум – пластилинынан ньыһыйан тугу эрэ оҥоруохпун баҕарбытым, оҥорон истэҕим ахсын олоҥхоһут Даарыйа Чаайка тахсан кэллэ. Онтон эр ылан хаартыскатыттан көрөн кинини оҥордум. Мусуойдар атыылаа диэбиттэрин аккаастаабытым», — диэн айар үлэтин туһунан кэпсиир.
Айылҕаттан аһыныгас киэҥ сүрэхтээх Татьяна Ивановна – Удьу ытык ийэ олоҥхоһут соҕотох туруо дуу диэн олоҥхоһут Афанасий Николаевич Томскай 100 сааһыгар мэтириэтин оҥорбут. Эдьиийдэрин Чаайканы икки өттүттэн арыаллаатыннар диэн, быйыл төрөөбүтэ 100 сылын туолуохтаах олоҥхоһут Дмитрий Николаевич Томскайы эмиэ оҥорбут. Оттон оҕуруонан оҥоһуктара иэримэ дьиэ харысхаллара буолан анал миэстэҕэ ууруллубуттар.
«Кыра эрдэхпэр ийэм Удьу диэн ааттаабыт. Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы диэн аатым «Удьуор – Удьу» диэн суолталаах эбитин дириҥник ылынан иһэбин», — диир арылхай мичээр аргыстаах эбээн кыыһа.
Ааптар: Раиса Чирикова
This post was published on 04.02.2020 09:28 09:28