Егор Борисов миниистирдэри, баһылык, бырабыыталыстыба аппараатын салайааччыларын кытта пленарнай мунньаҕар сыл бастакы аҥаарыгар ыытыллыбыт үлэ түмүктэрин таһаарда уонна инники соруктары торумнаата.
Тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри аан дойду, Россия экономикаларыгар улахан дьалхааннаах уларыйыылар буола турар кэмнэригэр Саха сирин экономическай көрдөрүүлэрэ куһаҕана суохтарын мунньахха бэлиэтээтилэр. Итиниэхэ «АЛРОСА» АК аан дойду таһымыгар баһылыыр-көһүлүүр оруола эрэ буолбакка, экономикаҕа кэмигэр киирбит диверсификация оруола улахан.
Ол курдук, Саха сиригэр айылҕа гааһын хостооһун дойду «Сила Сибири» бырайыагын көҕүлүүр. Азия-Чуумпу акыйаан регионнарын чоххо болҕомтото улахан. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Инаглинская» байытар фабрика үлэҕэ киириитэ – биир улахан көрдөрүү.
Итилэри таһынан көмүһү хостооһун бигэтийэр. Өрөспүүбүлүкэ 23 тонна көмүһү хостуур былаана күүһүгэр сылдьар. Нефть комплексыгар куһаҕана суох көрдөрүү ситиһилиннэ. Ити сыл бүтүөр диэри өссө үрдүүрэ күүтүллэр.
Егор Борисов аҕалбыт кэлиҥҥи дааннайдарыгар олоҕурдахха, 2015 сыл түмүгүнэн ситэриилээх былаас көдьүүстээх үлэтинэн Россия рейтинигэр 16 миэстэни ылар. Оттон чааһынай уонна судаарыстыба хардарыта дьайсан үлэлээһиннэрин көрдөрүүтэ 25-с кэрдиистэн 14-кэ диэри өрө тахсыбыт.
2016 сыл бастакы кыбаарталын түмүгүнэн социальнай-экономическай рейтиҥҥэ регион позицията эмиэ үрдүк. Олорор дьиэни үлэҕэ киллэриигэ Саха сирэ Россия биэс бастыҥ регионун ахсааныгар киирсэр. Дьиэ кэргэн олоҕун таһымынан өрөспүүбүлүкэ Россияҕа 9 миэстэни, розничнай атыы эргииригэр 19-с, кредити төлүүр кыах индексинэн – 27-с, промышленнай оҥорон таһаарыы көрдөрүүтүнэн 33-с миэстэлэри ылар.
Саха сирин баһылыга Егор Борисов эппитинэн, төһө да 2015 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатын үбүлээһин 14 млрд 860 мөл. солк., ол иһигэр 9,8 тахса млрд. солк. өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан көрүллүбүтүн иһин, бу эйгэҕэ көрдөрүү намтыыр. Салааны өйүүр механизымнар олоххо саҥа киирээри тураллар.
Судаарыстыба үбүн-харчытын көдьүүтээхтик туһаныы туһунан этэригэр Егор Борисов тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын, архитектура, тутуу комплексын, доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии министиэристибэлэрин аадырыстарыгар улахан сэмэлээһини оҥордо. Министиэристибэлэр федеральнай киинтэн кэлэр субсидиялары ситэри туһамматахтар.
Егор Борисов билигин үлэлии турар өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалар туолууларын туһунан дааннайдары иһитиннэрдэ уонна тустаах министиэристибэлэргэ уонна биэдэмистибэлэргэ профессиональнай үөрэхтээһини, нэһилиэнньэни хаачыстыбалаах дьиэнэн-уотунан, коммунальнай өҥөнөн хааччыйыыны сайыннарарга эттэ. Ил Дархан ону таһынан ойуур хаһаайыстыбатын, нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһыны, энергия көдьүүстээх буолуутун, көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэри сайыннарар бырагараамаларга болҕомтону уурарга эттэ.
Дьон-сэргэ сорох категорията ылыллар дьаһаллар тустарынан билиитэ-көрүүтэ тутаҕын баһылык бэлиэтээн эттэ. Тус интэриэстээх дьон бөрүкүтэ суох санааны соҥнооһуннара чахчы баарын Егор Борисов ыйда. Онон, дьон ыйытыгар, көрдөһүүтүгэр толору уонна суһаллык хоруйдуур, сорох хайысханан иһитиннэрэр-сырдатар үлэни күүһүрдэр наадалааҕын ыйда. Эминэн-томунан хааччылыы, кыаммат араҥаны өйөөһүн, о.д.а инники кирбиигэ тутуллуохтааҕын кини ыйда.
Судаарыстыба уонна бөдөҥ промышленнай компаниялар хардарыта дьайсыыларын туһунан иһитиннэриини киэҥник тарҕатарга, онуоха ураты болҕомто социальнай эппиэтинэһи улаатыннарыыга ууруллуохтааҕын Егор Борисов эттэ. Бу эйгэҕэ бэрээдэк киирбитин, бигэтийбитин түмүгэр бюджет дохуоттаах чааһа түөрт төгүл эбиллибит. Ол суотугар саҥа инфраструктура тутуллар. Бөдөҥ промышленнай тэрилтэлэртэн нолуок быһыытынан киирэр үп-харчы кэлиҥҥи сылларга биллэ элбээбит. Оннук, «Сахатранснефтегаз» АО киллэрэр үбэ-харчыта 1,5 төгүл, «Якутцемент» ААО – 2 төгүл, «Туймада-Нефть» ААО – 2,5 төгүл, «Якутскэнерго» ПАО – 3 төгүл үрдээбит.
Ону таһынан мунньахха спорт уонна култуура тэрээһиннэрин, РФ Госдумата уонна министиэристибэлэрэ Саха сиригэр ыытар көһө сылдьар мунньахтарын тустарынан ырыттылар.