17 Балаҕан ыйа 17.09
  • $ 91,14
  • 101,28

Сахатын сиригэр байыаннай анал дьаһалтан өссө биир байыас кэллэ

09:01, 09 декабря 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга ахсынньы 7 күнүн түүнүгэр байыаннай анал дьаһал кыттыылааҕа Владислав Кондаков кэллэ. Байыаннай сулууспалааҕы дойдутугар аймахтарын кытта ыччат миниистирин солбуйааччы Андрей Сосновскай уонна кадет оскуолатын иитиллээччилэрэ көрүстүлэр.

СВО кыттыылааҕа дойдутугар эргиллибитин регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. «Биһиги бырааппыт армия кэнниттэн, 2020 сыллаахтан, хантараагынан сулууспалыы хаалбыта. Олунньуга кини ийэ дойду көмүскэлигэр барарга быһаарыммыта. Биһиги куруук кинилиин кэпсэтэрбит. Кини куруук барыта этэҥҥэ диирэ, ити эрээри ыам ыйыттан сибээскэ тахсыбат буолан хаалбыта. Кэлин кини эчэйбитин туһунан истибиппит, Москваҕа байыаннай госпиталга сыппыта. Бырааппытынан киэн туттабыт, көрсүһүүттэн үөрэбит! Махтанабыт, бырабыыталыстыба биһигини кытта тэҥҥэ Владиславы көрсө кэллэ, өйөбүллээхпит», — саллаат туһунан аймахтара Алексей Гоголев уонна Анастасия Макарова кэпсээтилэр.

Билигин Владислав Кондаков реабилитация кууруһун ааһыаҕа, социальнай уонна медицинскай тэрилтэлэргэ. Быраастар көмөлөһүөхтэрэ, диэн реабилитация уонна спортивнай медицина киинэ иһитиннэрдэ.

Хаартыска: ыччат министиэристибэтэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА