Сахастат ыал буолуунан бэлиэтээһиннэри оҥордо

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүгэр Сахастат сыыппаранан бэлиэтээһиннэри оҥордо, суруйар ЯСИА.

Россияҕа от ыйын 8 күнүгэр Дьиэ кэргэн, таптал, эрэллээх буолуу күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл ордук болҕомто ууруллан ыытыллар, Россияҕа дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн сибээстээн. Бырааһынньык күн Саха сиригэр 29 паара эр-ойох буолууларын бигэргэттилэр.

2023 сылга Саха сиригэр 5568 ыал буолуу суруллар. Эр дьон 24, кэрэ аҥардар 25 саастарыгар сүрүннээн ыал буолаллара этиллэр. Саамай элбэх ыал буолууну бигэргэтэр докумуон бэс ыйыгар уонна ахсынньыга оҥоһуллубут.

This post was published on 09.07.2024 11:03 11:03