Алтынньыга табаардар уонна өҥөлөр сыаналара иннинээҕи ыйтан 0,4% үрдээбитин бэлиэтээтилэр. Ордук ас сыаната үрдээбит (+1,0%). Өҥө эйгэтигэр, төттөрүтүн сыана түһүүтүн бэлиэтээбиттэр (-0,1%), диэн Сахастат биллэрэр.
Алтынньыга эт аһылыгар сыана биллэ үрдээбитэ, ол быыһыгар сүөһү быарыгар 4,0%, уҥуоҕа суох сибиинньэ этигэр — 3,9%, тоҥоруллубут куурусса этигэр — 2,5%, куурусса буутугар — 2,1%.
Атын аһылыктартан сыана ордук оҕуруот аһын кэнисэрбэтигэр ыараабыт – 4,6%, фрукталаах-отонноох оҕо аһылыга — 4,2%, 2,5% -наах иһэр үүт сыаната -3,2%, 3,2%-наах иһэр үүт – 4,1%, бурдук – 3,6%, куурусса сымыыта – 3,4%.
Ону тэҥинэн, сүбүөкүлэ сыаната 1,9%, виноград 5,3%, эриэппэ лууга 5,5% түспүт.
Атын табаардары ыллахха, култуура табаардарыгар – 4,2%, кыылларга аналлаах табаардарга –1,7%, чукку-наскы –1,0%, миэбэл – 0,6% сыана үрдээбит. Сууйар-тарыыр тэрилгэ сыана 0,8% түспүт.
Алтынньыга тэлэбиисэр, араадьыйа табаардарыгар сыана үрдээбит, көмпүүтэр монитора — 2,9%, моноблок – 1,8%, ноутбук – 1,6%, дьиэ төлөпүөнүн сыаната –1,3%, тэлэбиисэр – 0,6% үрдээбит.
Алтынньыга поезд, такси сыаналара 1,9% үрдээбит. Эконом кылааһынан сөмөлүөткэ көтөөһүн – 0,5%. Тас дойдуга сынньарга харчы өттүнэн ордук табыгастаах Турция буолбут, манна туризм сыаната 18,0% чэпчээбит, ОАЭ барыы — 4,0%.Чаһы өрөмүөнүгэр (8,2%), бүрүүкэ абыраҕар 3,8%, химчистка, прачка өҥөлөрүгэр – 2,0% сыана үрдээбит.
Маны таһынан, доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах өҥөлөргө сыана 1,2% түспүт, оттон баҕа санаа өттүнэн сыллааҕы страховкаҕа (КАСКО) 4,1% үрдээбит.
This post was published on 25.11.2021 15:08 15:08