Саханы эрэйдээбит паром

Өлүөнэ өрүһү өбүгэбит Эллэй дүлүҥнэри миинэн туоруоҕуттан ыла саха эрэйэ саҕаламмыта. Уонтан тахса үйэ ааста эрээри быһыы-майгы улаханнык уларыйбата. Сайдыылаах ХХI үйэҕэ олоробут дэнэбит да, муоста тутуллуор диэри эрэйбит салҕанара буолуо оҥоробун. Күһүн-саас (сайынын кытта бээтинсэҕэ-өрөбүлгэ) — үөхсүү-үтүрүйсүү, анньыалаһыы-үтүөлэһии, этиһии-охсуһуу…


Жатайынан туорааһын

Быйыл Өлүөнэ — Аллараа Бэстээх сырыыта алтынньы 21 күнүнэн тохтоото. Аны “Жатайынан таһаҕасчыт массыыналары туораталлар үһү” диэн сурах тарҕанна. Ол туһунан “ЛОРП” сайтыгар (www.lorp.ru) биллэрии таҕыста.
“Саха сирэ” хаһыат аналлаах кэрэспэдьиэнэ субуота күн репортаж суруйа онно айаннаатым. Айуу-айа, сүүстэн тахса таһаҕасчыт массыына уочараттаан турарыгар иҥинним. Массыынабын салайа тутан массыыналар хотоҕосторун кытыытынан элээртим. Уҥуор туораабат киһини суоппардар кырыы харахтарынан көрбөттөр ини?

Сыана (тэҥнэбиллээх)

Кыра иномарка (1 туоннаҕа диэри) — 4 000 солк (сайын 420 солк)
УАЗ-люкс — 5 500 солк (сайын 570 солк)
УАЗ-фургон, джип – 7 700 солк (сайын 750 солк)
“Скания” (20 куб) таһаҕас тиэйар массыына, кураанах — 75 000 солк. (сайын 5000 солк.)
“Скания” таһаҕас тиэйар массыына, толору таһаҕастаах (20 куб) — 120 000 солк. (сайын 13000 солк)

Паромщик

Сайын массыыналары «Якутск» судоходнай хампаанньа таспыт эбит буоллаҕына, күһүнүн — «ЛОРП» ААУо ааллара туораталлар. Даркылаахтан буолбакка, Жатайтан Төхтүр анныгар диэри туоратан биэрэллэр. Сыаналара – сүрдээх (таблицаны көр). «ОТ-2131» паром “Капитан Бородкин” диэн 6000 ат күүстээх ледоколу батыһа сылдьар. Субуотаҕа киэһэлик тиийиибэр кими да киллэрбэккэ тураллара, “салалта сыананы чопчулуурун” кэтэһэллэрэ.

Валерий Михайлов, шкипер:
— Быйыл саҥа үлэлээн эрэбин. Шкипер аппарелы (паромҥа массыына үктэнэн тахсар тимир далаһата) көтөҕөр, түһэрэр уонна массыыналар төлөөбүттэрин хонтруоллуур эбээһинэстээх.
— Өрүс мууһа төһө халыҥый?
— Өрүс барыта муус. Фарватерынан (үөһүнэн) эрэ сүүрдэ сытар. Муус халыҥа 10 см дииллэр…
— Маннык быыһык кэмҥэ дьон туругуран туран айанныыр дии саныыгын? Хам-бааччы дьиэлэригэр олорбокко? (уочараттаан турар массыыналар халҕаһаларын диэки көрөбүн).
— Кэлиҥҥи күннэргэ Даркылааҕынан паромнар, мууһа бэрдиттэн, сүгүн сылдьыбатылар быһыылаах.

Сокуоҥҥа олоҕуран, киир…

Шкипердыын кэпсэтэн баран киһибэр үөһэ, хапытаан мостигын (саамай үөһэ баар салайар хос) диэки ыйабын. «Хапытааҥҥар тахса сылдьыам этэ, ким диэний?» — диибин.
Шкиперым чахчы «саҥа үлэлээн эрэр» киһи буолла: «Билбэтим ээ, Соболь дуу, Соболев дуу диэн араспаанньалаах, көннөрү “Михалыч” диэччибит».
Валерийга хапытаанын хаһыытыырыгар эттим, бэрт улгумнук толордо. Өр ыҥыртаран баран үөһэттэн тор курдук туора бытыктаах аҕамсыйбыт нуучча киһитэ өҥөйдө (билиниэххэ наада, уу суолугар үлэ — сахалар букатын баһылыы илик эйгэлэрэ)
Тугуй? – быһаччы ыйытар киһи буолла. Дастабырыанньабын көрдөрөн баран “суруналыыспын, наада баар диэбиппэр”, дьэ, сөбүлэстэ.

Хапытаан Соболев: «Дьону аһыммаппын»

Михалычпыт арыый тоҥуй киһи буолла. Ол эрэн докумуону, сокуону ытыктыыр киһи эбит. Дастабырыанньабын көрдөрбүппэр уонна «СМИ туһунан» сокуоҥҥа олоҕуран паромҥа быһыыны-майгыны билсэ кэлбиппин истэн эрэ баран мостикка киллэрдэ. Дьэ манна баар эбит, ырай олоҕо (таһырдьа тоҥо-хата сылдьар дьоҥҥо холоотоххо) — сып-сылаас, остуолга чэй, кофе турар. Уопуттаах ууһут көрүҥнээх Михалыч тапочкалаах сылдьар (сылааһа бэрт), сигарета тардан унаарытар: «Сокуоҥҥа олоҕуран диэбиккин иһин киллэрэрин киллэрдим гынан баран, эн ыйытыыларгар олох хоруйдуом суоҕа», -диэтэ.
Ону истибэтэҕэ буоллум, суруналыыс кыра киитэрэстэрин туһанан, син биир кэпсэтэргэ соруннум. Тарбахтарбын сылааһынан үрэр оһоххо даҕайан туран, түннүгү көрө-көрө: «Ычча да ычча! Аллараа турар уочарааттааччылары аһынааччыгын дуо? Эрэй бөҕөтүн көрөллөр быһыылаах…”.
— Суох, аһыммаппын. Кинилэр кыһалҕара. Тоҕо кэлбиттэрэй, мин кинилэри ыҥырбатаҕым. Мин манна баарбын, айаннааччылар — онно. Кинилэр кэлэн уочараттаабаттара буоллар, мин дьиэбэр тиийбит буолуом этэ. Дьоммун көрбөтөҕүм 3,5 ый буолла…
— Тыый, тоҕо өрөй! Дьокуускай бу икки ардыгар сайыны быһа тахсыбатыҥ дуо?
— Мин тоҕо Дьокуускайга олоруохтаахпыный? Урут олорбутум, сөп буолуо. Билигин Ростовскай уобаласка олоробун (сирэйигэр-хараҕыгар киэн туттуу күлүгэ көһүннэ). Мин манна навигация аайы кэлэбин. Күһүн төттөрү дьиэбэр барабын.
— Ол аата вахтанан курдук үлэлиир буоллаҕыҥ?
— Оннук. Ыйытыыларгар хоруйдаан бүттүм! — киһим тиэрэ хайыһар. Ол эрэн кэпсэтэрин олус сөбүлүүр киһи буоларын көхсүбүнэн сэрэйдим. Куолубунан истибэтэхтии:
— Уочараттааччылар настырыанньалара хайдаҕый? Сорох “УАЗ-иктарга” оҕо-дьахтар пассажирдар көстөллөр…
— Ол мин кыһалҕам буолбатах… Манна диэн эттэххэ, бу — хас сыл аайы буолар хартыына – Михалыһым тимэҕэ сөллөн барда. — Эн ити массыыналары хаартыскаҕа түһэрдиҥ дии? Өйүүн кэлэн тэҥнээн көрөөр — аҥардара төттөрү илин эҥэртэн кэлээри анньыһа-үтүрүһэ сылдьар буолуоҕа. Дьон майгыта дьиибэ — баҕаран туран эрэйи көрөр курдуктар. Ол эрэн мин кыһалҕам буолбатах, эрэйдэнэр буоллахтарына эрэйдэнниннэр…
— Төхтүргэ анныгар тиийэ илдьэҕит дуу, аара сүөкүүгүт дуу?
— Төхтүргэ тиэрдибэппит, аара боротуоха бэттэх түһэртиибит, суол баар.
— Ледокол “Капитан Бородкин” эһиги соһор дуо?
— Суох, мууһу эрэ алдьатар, биһиги батыһабыт.

Бэрээдэк туһунан

Ити икки ардыгар кыһыҥҥы халлаан хараҥаран барда. Владимир Соболев диэн «ЛОРП» ААУо «ОТ-2131» суудунатын хапытаанын кытта кэпсэтиибин соччо астымматым. Аллараа баржаҕа түһэн эмиэ улаханнык кэпсэтиэн баҕарбат көрүҥнээх Анатолий диэн киһини буллум. “Смена старшайабын” диэтэ. Бэрээдэк хайдаҕын токкоолостум.
— Дальнобойщиктар бэрээдэк бөҕө. Кыралар бэрээдэгэ суохтар (УАЗ-ктар, иномаркалар – аапт. ) Уопсай бэрээдэги ГАИ кэлэн көрүөхтээх. Хаандыга таксистара оннуктарын билэбин. Таһаҕасчыт массыыналар үксэ кураанахтар. Маннааҕы коммерсаннарга Благовещенскайтан таһаҕас аҕалан баран төннөн эрдэхтэрэ.

Дьон санаата

Ефимов Андрей, Таатта улууһун таксиһа:
— 32 сыл суоппардаатым, таксилаабытым сэттэ сыл буолла. Наһаа соһуйа көрүмэ, 50 саастаахпын.
— Туох айылаах ыксал тирээн, маннык ыктарыылаахтык айаннаатыҥ?
— Үлэм буолан айанныыбын, харчылаһыахпын наада. Тус дьыалам эбитэ буоллар, айыкка, сылдьыам суоҕа этэ. Сыл аайы баччаларга анньыһыы бөҕө буолааччы. Аны тохтуом, Ытык Күөлтэн «Ирбискэ» дьону таһыахпыт.
— Таксистар паромҥа үтүрүйсэри сатыыгыт быһыылаах?
— Сатаан буоллаҕа. Уҥа өттүттэн анньыһар ордук. Кыл түгэнэ быһаарар. Муннуну эрэ угуохха наада.
— УАЗ-иктаах эбиккин, төһөнү көрдүүллэр быһыылааҕый?
— 7700 солк. диэтилэр, сайын сэттэ мөһөөх этэ — суоттаан кэбис. Арба даҕаны, мин “Саха сирэ” хаһыатын Парижка Эйфель башнятын анныгар аапыт киһи буолабын. Хаартыската баар, батсааптыам…

Уйбаан Федоров диэн Уус Алдан киһитэ, “Тойота Карина” иномарка массыыналаах:
— Бу массыынам мотуорун куоракка уларыттардым (массыынатын уруулун таптайар). Наһаа уһуннук оҥордулар. Сарсыҥҥа диэри кыайан барбатахпына, куоракка хаалларыам. Өрүһү “Ирбиһинэн” туоруом.
— Кытылга хаска кэлбиккиний, халлаан хараҥарда дии.
— Бу сарсыарда 11 чааска кэлбитим, хайдах эмэ туораабыт киһи.., — Иван улахан эрэлэ суох сабылаах турар баржаны көрөр…

Таһаҕас тиэйэр аарыма массыыналар суоппардара туспа өйдөөх-санаалаах дьон. Дальнобойщиктар. Олохторо – айан. Тугу кэпсии олорор дьон эбитэ буолла? «Скания» массыына кабинатын тоҥсуйабын: «Я репортёр, скажите пару слов для газеты…» — диибин. Пассажир аанынан киирэрбин көҥүллээтилэр. Икки нуучча уола сылаас кабинаҕа чэй иһэ-иһэ ноутбукка урукку «Красотка» киинэни көрө олороллор. Джулия Робертс мичээрдээбитинэн паузаҕа турар, уолаттар тугу ыйытарбын күүтэллэр.
Хаһаанныттан уочараттыылларын ыйыттым.

Павел Иванов, суоппар:
— Нерюнгрилэрбит, Жатай кытылыгар бэҕэһээ кэлбиппит, бастакынан. Оттон Дьокуускайга иллэрээ күн туораабыппыт, биир маҕаһыыҥҥа таһаҕас тиэйэн аҕаллыбыт. Сүөкэнэн баран ол күн сатаан туораабатахпыт. Хайаан да төннүөхпүтүн наада. Бородуукта, тутар матырыйаал таһааччыбыт.
— Төһө сыанаҕа туоратабыт дииллэрий?
— 75000 солк диэтилэр. Киинэ көрөн баран ас буһарыахпыт, аһаан баран утуйуохпут. Киэһэлик кыра массыына бөҕө кэллэ — аллараа диэки сөбүлээбэтэхтик көрөр, — бүгүн син биир баппаппыт. Сыл аайы маннык эрэй.
— Сүүстэн тахса таһаҕасчыт массыына уочаракка турар. Атыттары кытта билсэҕит дуо?
— Аҥардарын билэбит, өрөспүбүлүкэ суоппардарын. Тастан кэлбиттэри — суох буоллаҕа.
— Кыра массыыналаахтары аһынаҕыт дуо?
— Аһынабын. Биһиэхэ кабинабыт киэҥ, сыгынньахатанан утуйар оронноохпут, ас астанан аһыыбыт. Кинилэргэ оннук кыах суох. Хайдах тулуйаллара буолла?

Сүбэ

Уопуттаах таксист сүбэлиир. Паромна туораттан киирэргэ араас киитэрэс баар. Мин үксүн аттыбар олорор пассажирбын туһанабын. Хапсаҕай соҕус киһи түбэстэҕинэ абырааччы. Холобур, хойут кэлэн баран туораттан анньан иһэн чугаһаат, эмискэччи ааны арыйбыта буолар. Оччого аттынааҕы иһэр суоппар, ааны таарыйымаары, бытаара биэрэр. Оччоҕо мин, кыл түгэнин эрэ күүтэ иһэр киһи, тумсубун уган кэбиһэбин. Атын түгэн: пассажирым тахсан иннибэр хааман иһэн халтарыйбыта буолан, капоппуттан тайана түһэр. Оннукка суоппардар эмиэ, инистиин быьыытынан, тохтуу биэрэллэр — тумсубун уган кэбиһэбин…

Таксист ороскуота

Күһүн айанныыр таксист хайаан да ороскуотурар
(биир өттүгэр айан)

Паром – 7700
Чайнойга 300 солк,
бензин 5000 солк.,
(түүнү быһа кытылга турдахха эбии 1,5 тыһ. бензиҥҥэ барар),
Массыына амортизацията — 3000.
Сапчаас — 1500-2000.

Антон Танашкин, “ЛОРП” коммерческай отделын начальнига:
— ЛОРП дириэктэрин 12.10.16 күнүнээҕи 1486 нүөмэрдээх бирикээһигэр олоҕуран дуогабарынан парому ледокол сирдэтиилээх туоратыыны тэрийдибит, айан сыанатын быстыбыт.
— Сыанаҕыт сайыҥҥыттан тоҕо уон бүк ыараханый? Сыанаҕытын РЭК бигэргэппитэ дуо?
— Ити мин билбэт боппуруоһум, бирикээһи эрэ толоробун.
— Хаһааҥҥа диэри сылдьыаххытый? Күҥҥэ хаста кырынаҕыт?
— Сэтинньи 20-гэр диэри сылдьыахпыт. Баржа күҥҥэ иккитэ эргийэн кэлиэҕэ.

Дмитрий Антонов, Сыананы быһар кэмитиэтин (РЭК) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Таһаҕаһы таһыы сокуонун быһыытынан, Өлүөнэ уонна Алдан өрүстэргэ таһаҕаһы таһыы тарыыбын судаарыстыба хонтуруоллаабат. Бүгүн өрүһүнэн дьону туоратыы официальнайдык сабыллан турар.

This post was published on 25.10.2016 18:09 18:09