Сахамин Афанасьев: Уһук Илин сайдыытыгар этиилэри киллэрэргэ бэлэммит

РФ Президенэ Уһук Илин социальнай-экономическай сайдыытыгар миэрэлэр тустарынан ыйаахха илии баттаата, СИА суруйар.


Докумуон нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар уонна социальнай-экономическай сайдыытын көрдөрүүтэ улаатарыгар ананар.

Экология миниистирэ Сахамин Афанасьев:

Мин Владимир Путин этиитин кытта сөпсөһөбүн. Экономика көрдөрүүтүн улаатыыта ойууру, балыктааһыны, уу култууратын уонна экологическай туризмы сөпкө аттаран туттууну кытта ыкса сибээстээх. Бу хайысхалар кылгас кэм иһигэр экономикабыт атаҕар турарыгар көмөлөһүөхтэрэ. Биһиги этиилэри киллэрэргэ уонна туруоруллубут соруктары толорорго бэлэммит.

This post was published on 29.06.2020 17:01 17:01