Ойуур баһаарын тохтотууга туттуллар саҥа техника «Экология» национальнай бырайыагынан «Ойууру харыстааһын» регионнааҕы бырайыагынан ылыллан, тута улуустарга ыытыллар. Ол туһунан экология миниистирэ Сахамин Афанасьев эттэ.
«Нацбырайыагынан техника ылбыппыт үһүс сыла. 2019 сылтан барыта 108 техника ылылынна, ол иһигэр вахтовай оптуобус, бортовой вездеход-массыына, «КамАЗ» баазатыгар тягач, «ПАЗ» автобус, анал эбии тэриллээх көлөһөлөөх тыраахтырдар, УАЗ массыыналар, гусеницалаах массыыналар уонна да атыттар», — диэтэ Сахамин Афанасьев.
Кини иһитиннэрбитинэн, улуустарга техникалар лесничестволар хааччыллыыларынан көрөн бэриллэллэр.
«Техника элбэх улууска баар, ойуур баһаарын бохсууга элбэх үлэни ыыттылар, эрэллээх буолаллара көһүннэ. Анал техникалар иҥнигэһэ суох айанныыллар, күүстээхтэр, туттарга боростуойдар», — эттэ миниистир.
Источник: Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата
This post was published on 08.06.2021 18:01 18:01