Сахамин Афанасьев маһы таҥастааһыҥҥа үлэ туһунан кэпсээтэ

Ойууру аҥаар кырыытыттан кэрдии Саха сиригэр бобуулаах. Ити эрээри үс оройуоҥҥа маһы таҥастааһынынан дьарыктаныы көҥүллэниэн сөп.  Бу туһунан экология миниистирэ Сахамин Афанасьев бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр ыйытыыга эппиэттээтэ, суруйар СИА.


«Ойууру кэрдии Россия ойуурга кодексатынан бобуулаах. Саха сирэ ирбэт тоҥноох оройуоҥҥа киирсэр, онон маһы аҥар кырыытыттан кэрдии сокуонунан хонтуруоллаах. Маһы таҥастааһын үс промышленнай оройуоҥҥа көҥүллэнэр —  Ленскэй, Алдан уонна Уус Майа», — диэтэ Сахамин Афанасьев.

Миниистир эппитинэн, «Россельхоз» тэрилтэ сылын аайы маһы бэлэмнээһин иэнин хонтуруоллуур. Бу категорияҕа 100-тэн үөһэ саастаах тыа киирсэр.

«Алдаҥҥа икки учаастак баар, федеральнайдааҕы аукциоҥҥа киирсэллэр. Лоттаахтар. Ханнык баҕарар маһы таҥастааһыҥҥа бырааптаах предприниматель дэлээнэ ылыан сөп», — диэтэ кини.

This post was published on 08.02.2021 18:02 18:02