Экология миниистирэ Сахамин Афанасьев бэлиэтээбитинэн, РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһын Россия уопсастыбатын түмсүүтүн уонна сомоҕолоһуутун көрдөрүөҕэ.
«Көннөрүүлэр ис хоһоонноро улахан интэриэһи үөскэттэ. Ити эрээри — социальнай мэктиэҕэ быраап, үлэ харыстабыла, дьиэ кэргэн сыаннастара, Россия суверенитетын көмүскэлэ, гражданскай уопсастыба сайдыыта, айылҕа баайын харыстабыла, култуура, үгэстэр уонна наука ситиһиитэ — курдук олус суолталаах хайысхаларга болҕомто ууруллубутун ким утарылаһыай?», — диэтэ миниистир Сахамин Афанасьев.
Кини бэлиэтээбитинэн, куоластааһыҥҥа уопсастыба түмсүүтэ уонна сомоҕолоһуута көстүөхтээх.
«Сүрүн сокуон бүгүҥҥү олоххо сөп түбэһиэхтээх. 1993 сыллаахха ылыллыбыт Конституцияттан кэмиттэн олохпут чыҥха уларыйда. Өйүүр эбэтэр утарар — хас биирдии киһи бэйэтин толкуйа. Ол гынан баран саҥа киллэриллэр көннөрүүлэр Россия сайдыытыгар кыаҕы түстүүллэрин утарсыа суохтаахпыт», — диэтэ миниистир.
This post was published on 10.06.2020 16:02 16:02