"Сахамедиа" холдинг "Улуус олоҕо" бырайыагы саҕалыыр

«Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагы бүгүҥҥүтэн ыла саҕалыыр. Манна улуустар сонуннара, дьон-сэргэ, дьарык эйгэтин, тыҥаан турар кыһалҕалар тустарынан суруллар, кэпсэнэр.


Бырайыак Хаҥалас улууһуттан саҕаланар. Улууска 30 тыһыынчаттан тахса киһи олорор, үгэс быһыытынан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Тыа хаһаайыстыбатын 15 тэрилтэтэ, итинтэн биэс ХЭТ, сүөһүнү, сылгыны иитэр сэттэ кооператив, бааһынай 260-тан тахса, кэтэх 1700 хаһаайыстыбалара бааллар. Саҥа бырайыак киэҥ араҥаҕа ананар. Бырайыак көмөтүнэн ааҕааччы өрөспүүбүлүкэ инникитин туһугар үлэлиир дьон, улуус олоҕун туһунан билсиэхтэрэ.

Бырайыак балаһата манна.

This post was published on 03.11.2016 10:35 10:35