Сахалыы тылынан үөрэтэр иитээччилэр өр күүппүт сэминээрдэрэ буолла

Сахалыы тылынан үөрэтэр иитээччилэр өр күүппүт, кэтэспит өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаһаллара буолла. Арассыыйатааҕы оҕону уһуйааччылар күннэригэр анаан, сахалыы тылынан үөрэтэр иитээччилэргэ анаан сэминээр буолан ааста.


Сэминээр Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогика билимин кандидата, С.А. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата Игнатий Иванович Каратаев «Оҕону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии уонна сурукка үөрэнэргэ бэлэмнээһин» босуобуйатын хос, эбиилээх таһаарыытын сүрэхтиир уонна өрөспүүбүлүкэбит уһуйааччыларын түмэр сыаллаах тэрилиннэ.

Бу улахан тэрээһин «Бичик» национальнай кыһа, Дьокуускай куорат сахалыы тылынан иитэр-сайыннарар уһуйааннарын педагогтарын ассоциацията, 51 №-дээх «Кэскил» уһуйаан үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ, Инновация, сыыппара сайдыытын уонна инфокоммуникационнай технологиялар министиэристибэлэрэ өйөөһүннэринэн, үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.


«Кэскил» уһуйаанын сырдык уораҕайыгар барыта 19 улуустан 295 педагог ыалдьыттаата. Дьокуускай куораты, киин, илин эҥээр улуустары таһынан ыраах диэн аахсыбакка Өймөкөөнтөн, Үөһээ Дьааҥыттан, Өлүөхүмэттэн, Кэбээйиттэн, Сунтаартан, Ньурбаттан, Бүлүүттэн, Томпоттон тиийэ кыттыыны ыла кэллилэр.

Сэминээр үөрүүлээх аһыллыытыгар Дьокуускай куорат сахалыы тылынан иитэр-сайыннарар уһуйааннарын педагогтарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, Е.Г. Корнилова аатынан 51 №-дээх «Кэскил» уһуйаан сэбиэдиссэйэ С.М. Захарова; Саха сиринээҕи С.А. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кыһа генеральнай дириэктэрэ А.В. Егоров; Ил Түмэн депутата, наука, үөрэхтээһин, культура, киэҥник иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ уонна общественнай тэрилтэлэр дьыалаларыгар комитет чилиэнэ П.В. Ксенофонтов; Үөрэх уонна наука министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһин отделын исписэлииһэ Т.Н. Васильева; Дьокуускай куораттааҕы Үөрэх салаатын салайааччытын солбуйааччы Т.Н. Попова иитээччилэри идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтилэр, Каратаев босуобуйа кинигэтэ тахсыытыгар үлэлэспит Дьокуускай куорат «Кэскил», «Туллукчаан», «Мичээр», «Светлячок» уһуйааннарга махтал суруктары туттардылар.

Маны таһынан үөрүүлээх түгэни «Кэскил» уһуйаан иитиллээччилэрин толорууларыгар эҕэрдэ нүөмэр киэргэттэ.

Кэлиҥҥи сылларга оҕо тылланыыта, тылын сайдыыта хойутуура үгүстүк көстөр буолан, билиҥҥи иитээччилэр үлэлииллэригэр судургута суох кэм. Оттон үлэ түмүгэ оҕону кытта биирдиилээн дьарыктаннахха эрэ көстөр. Уһуйааҥҥа биирдии-иккилии логопед, сорох сиргэ олох да суох буолан, хас биирдии оҕо саҥатын чуолкайдыырга иитээччи да, логопед да бириэмэтэ тиийбэтэ чахчы. Онон сэминээр маҥнайгы чааһыгар баар кыһалҕаны хайдах сөпкө туоратарга көмөлөөх, Каратаев кинигэтин салгыы хайдах үлэлэригэр туһанары бу кинигэҕэ үлэлэспит уопуттаах логопедтар, иитээччилэр аһаҕас дьарыктарыгар, маастар кылаастарыгар көрдөрөн, кэлбит ыалдьыттар махталларын, сэҥээриилэрин ыллылар.

Сэминээр иккис чааһыгар «Бичик» эрэдээксийэлэрин уһуйаан оҕолоругар аналлаах саҥа бырайыактарын быыстапкалара тэрилиннэ. Манна араас энциклопедиялар, оҕону сайыннарар, биллэрэр-көрдөрөр кинигэлэр, оонньуурдар, электроннай-мультимедийнай таһаарыылар, оҕо аһын ырысыаптарын тустарынан кэпсээтибит, оонньотон көрдөрдүбүт, ааптардарбытын кытта билиһиннэрдибит.


Үөрэ-дьүөрэ дорҕоонноох олук хоһооннор ааптара Алып Чаҕаан, оҕо аһын ырысыаптарын ааптара, биллиилээх блогер Мария Столярчик уонна ыкса үлэлэһэр иитээччи идэлээх ааптардарбыт Таатта Ытык Күөлүттэн, Уус Алдан Мындаабатыттан , Бүлүү 1-гы Күүлэтиттэн, Горнай Маҕараһыттан, Дьокуускай куорат «Туллукчаан» уһуйааныттан кэлэн, хайдах ааптар буолбуттарын, кинигэ кыһатын ирдэбиллэрин, эрэдээктэрдэри кытта хайдах үлэлэспиттэрин туһунан сырдаттылар.

Салгыы эбиэттэн киэһэ оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ сонун педагогическай технологиялары туһаныы маастар-кылаастарын «Кэскил» (Дьокуускай), «Мичээр», «Олимпионик» (Мэҥэ Хаҥалас) уһуйааннарын иитээччилэрэ көрдөрдүлэр.

Түмүккэ кыһа сүүйүүлээх лотереята бэрт тыҥааһыннаахтык баран, көмүс оҥоһуктар сертификаттара, сүрүн бириис –бриллианнаах киэргэл, кинигэ эгэлгэтэ, «Бичик» оҥорон таһаарбыт эркин чаһыта оонньонно.

Тэрээһин түмүгүнэн бары кыттааччылар маннык түмэр сэминээри өр күүппүттэрин, кэтэспиттэрин, ийэ тылбыт чэчирии сайдарын туһугар ахсаабат кыһамньыларын ууран үлэлиир өрөспүүбүлүкэбит иитээччилэригэр олус наадалааҕын иһитиннэрдилэр.

Сахалыы куттаах, ыалдьытымсах «Кэскил» уһуйаан кэлэктиибин, иитиллээччилэрин үлэтин-хамнаһын сэргээтилэр, хайҕаатылар. «Бичик» кыһаҕа үгүс-элбэх кинигэ арааһа, оонньуур эгэлгэтэ тахсар буолбутун көрөн-билэн олус сэргээтилэр, үөрдүлэр, айымньылаах үлэлэригэр туһанар матырыйаалларын булан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Ыалдьыттар күн бүгүнүгэр диэри бу күнтэн элбэҕи туһаммыттарын, билиилэрин хаҥаппыттарын, уопут атастаспыттарын, оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэлэригэр төрөөбүт тылы сайыннарыы уонна үөрэтии тула санаа үллэстибиттэрин, баар кыһалҕалары хайдах туоратыахха сөбүн ырытыспыттарын туһунан махтаннылар.

This post was published on 30.09.2019 10:43 10:43