23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сахалыы тиэрмини оҥоруу

11:01, 07 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саҥа тиэрмини оҥоруу – аныгы үйэ биир сүрүн көрдөбүлэ. Бу уустук соругу кыайан толорбот тыл билиҥҥи тэтимнээх олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр кыаҕа суох. Онон тиэрмини айарга уонна туһааннаах эйгэтигэр олохсутарга өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн болҕомто күүһүрүөхтээх. Оттон тиэрмини айар дьон билим чопчу хайысхатыгар чахчы дириҥ билиилээх-көрүүлээх, итиэннэ саха тылын дэгиттэр баһылаабыт буолуохтаахтар, диир тыл үөрэҕин хандьыдаата Киргиэлэй уола Хабырыыл Торотуойап. 


Киргиэлэй уола Хабырыыл Торотуойап, тыл үөрэҕин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ

Норуоппут киэн туттар чулуу уолаттара саха тылын сайдыытыгар тиэрмини оҥоруу сүдү суолталааҕын дьэҥкэтик өйдүүллэрэ. Онон айар да, салайар да үлэҕэ сылдьыбыттарын иһин ити сытыы боппуруоһу хаһан да тумнубатахтара. Бу ыстатыйаҕа сахалыы тиэрмини оҥорор үлэни саҕалаабыт алта киһи сүрүн санааларын кылгастык сырдатан ааһыам. Бу дьонтон түөрдүн хааннаах эрэпириэссийэ ыар тыына хаарыйбыта. Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Күндэ күн сириттэн эрдэ күрэммэтэхтэрэ буоллар, кинилэри да аһыналлара саарбах этэ.

Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Русские слова, перенятые и усвоенные якутами (Кроме собственных имен и названий)” диэн үлэтигэр нуучча тылыттан киирэн сахатыйбыт 2300-тэн тахса тылы испииһэктээн киллэрбитэ, холобур: кэнгириэс – конгресс, бырамыысыланнас – промышленность, датаассыйа – дотация,  эрэбиисийэ — ревизия. Бу үлэтин иһинэн “Правила” диэн олукка нуучча тылын дорҕооно саха тылыгар киирэригэр хайдах уларыйарын, а.э. сахатытыы быраабылатын олус чуолкайдык ырытан суруйбута. Ол быраабыланы билэр киһи хайа баҕарар омук тылын сөпкө сахатытар кыахтаах диэн сиэрдээхтик бэлиэтээбитэ: “Большинство якутских интеллигентов думает, что якуты якобы коверкают русские слова, что они переделывают их как попало, наобум. Но это мнение неправильно. Правда, услыхав какое-нибудь чуждое слово, якут переделывает его, иногда до неузнаваемости, на свой лад, сообразно со способностями органов своей речи. Но переделка эта совершается не наобум, а по определенным законам языка. Зная эти законы, наперед можно переделать данное иностранное слово так, как должен произнести его безграмотный якут. Я, напр., с уверенностью могу сказать, что так переделаю любое иностранное слово”.

Анемподист Иванович Софронов-Алампа уус-уран айымньыларыгар, тылбаастарыгар, ыстатыйаларыгар нуучча тылын ыпсаҕайдык сахатытара. Ону аҥаардас ыстатыйаларын да аата кэрэһилиир: “Дыраама диэн тугуй?”, “Саха бисээтэллэрэ, кинилэр наадалара”, “Ускуустуба”, “Саха тийээтирэ”, “Саха алпаабыта”, о.д.а. Оттон бу кэрчиккэ Алампа саҥа тиэрминнэри хайдах ылыныахтаахпытын сүбэлиир: “…түүрк омук норуоттарын кэпсэтэр тылларыгар урут суох, саҥа киирэр атын омуктар тылларын (тиэрминнэрин) бастаан төрүөбүт тылынан тылбаастыырга кыһаныахха. Бэйэҕэ, саҥа ылар тылы тылбаастыыр тыл суох буоллаҕына, атын аймахтыы омуктарбыт тылларынан тылбаастыахха, ол кыаттарбат буоллаҕына, саҥа ылар тылы хайтах ааттаналларынан ылан баран, бэйэбит төрүөбүт куоласпытыгар сөп түһэр гына саҥарыахтаахпыт, холобур, саҥа ылар тыл буукубаларын дорҕооннорун бэйэбит дорҕоонноох буукубаларбытынан уларытыахтаахпыт”. Алампа бу кэскиллээх этиитэ билигин да суолтатын сүтэрэ илик, инникитин даҕаны саха тылыгар үйэлээх эркээйи быһыытынан сыаналаныа турдаҕа.

Гавриил Васильевич Баишев-Алтан Сарын анаан-минээн тиэрмин тылдьытын оҥорботоҕо. Ол эрээри тиэрмин туһунан ыйааһыннаах ыстатыйалары суруйбута, бэйэтэ үөскэппит тиэрминнэрин уус-уран айымньыларыгар киллэртээбитэ. Кини Илиҥҥи тыллар үнүстүүттэригэр үөрэммит анал идэлээх тыл үөрэхтээҕэ (тюрколог) буолан, тиэрмини олохсутарга киэҥ көрүүлээх этэ. Ол курдук тиэрмини үөскэтэргэ умнуллан хаалбыт тыллары (хой – бараан, кудук – колодец, тэбиэн — верблюд) сөргүтүөххэ, бэйэбитигэр баар сорох тыллар суолталарын (номох – повесть, дэгэт – рифма, кут — душа) чопчулуохха, үөскэмэйэ суох саҥа сыһыарыылары (киһинээт — человечество, чаҕылыма – электричество, моһуур – требование, көрүк – картина, саппах — потолок) айымньылаахтык туһаныахха, сорох тиэрмини уруулуу тыллаах омуктарбытыттан уларсыахха (тайаара (туурак тыла) – аэроплан,  чэчик (алтаай тыла) – цветы, одон (моҕол тыла) – планета) диэн кэскиллээх санааны этэрэ.

Семен Николаевич Донской-II 1922 сыллаахха, Саха АССӨ тэриллээтин кытта, маҥнайгы Үөрэх норкуомунан (билигин – үөрэх миниистирэ) анаммыта. Кини Саха сиригэр үөрэх-билии тэнийэригэр үгүс күүһүн-күдэҕин биэрбитэ. Оскуолаларга барыларыгар, бэл диэтэр, тыа хаһаайыстыбатын, учуутал уонна биэлсэр техникумнарыгар сахалыы булгуччулаах үөрэхтээһини туруорсан киллэрбитэ. Үөрэх араас биридимиэтин сахалыы үөрэтэр кэскиллээҕин өйдөөн, сахалыы тыллаах үөрэх кинигэлэрин уонна тылдьыттары оҥорууга быһаччы кыттыбыта.  Ол курдук кини 1931 сыллаахха 174 сирэйтэн турар “Нууччалыы-сахалыы тылдьыты” оҥорон бэчээттэтэн таһаарбыта. Бу тылдьыт оскуола үөрэнээччилэригэр үөрэх араас биридимиэтин тиэрминнэрин  ис хоһоонун быһааран биэрэр сыаллааҕа. Маны таһынан кини сиэпкэ укта сылдьар дьоҕус кээмэйдээх тылдьыты (“Карманный якутско-русский словарь”) таһаартарбыта.

Алексей Андреевич Иванов-Күндэ “Тиэрмин тылдьытын” Саҥа түүр алпаабытын кэмитиэтин сорудаҕынан 1932 с. оҥорбута. Ол эрээри бу тылдьыт кэмигэр бэчээккэ тахсыбатаҕа.  Күндэ бу тылдьытын саха тылын сайдыытыгар улаханнык көмөлөһүө диэн бигэ эрэллээх оҥорбута: “Бу үлэ үөрэх тус-туспа салааларын тиэрминнэрэ олохтоноругар төрүт буолуо, кинигэ суруйааччылар, тылбааччыттар үлэлэригэр көмө буолуо диэн эрэнэбин”. Акадьыамык П.А. Слепцов Күндэ тылга үлэлэрин олус үрдүктүк сыаналыыр: “Күндэ тиэрмин сайдар тосхолун, олохсуйар суолларын аан бастаан сөпкө быһаарбыта… Күндэ саха тиэрминин үөрэҕин акылаатын уурбут маҥнайгы теоретик буолар”. Кырдьык, Күндэ бу тылдьыта оччотооҕу кэм ирдэбилигэр бары өттүнэн толору эппиэттиир таһымнаах үлэ этэ. Тылдьыкка киирбит тиэрминнэр үксүлэрэ тупсаҕайдар, холобур: управление — салалта, приправа – тума, раствор — суурадаһын, смесь — буккудаһын, регресс – кэхтии. Балары билигин да хайа баҕарар эйгэҕэ бэрт айымньылаахтык туһаныахха сөп.

Былатыан Ойуунускай С.Б. Харытыанабы, К.С. Таарыскайы көмөлөһүннэрэн оҥорбут “Нууччалыы-сахалыы тиэрминнээх-арпагыраапыйа тылларын кинигэтэ” 1935 с. Москубаҕа тахсыбыта. Бу тылдьыкка 13018 тыл киирэ сылдьар. Былатыан Ойуунускай саҥа тиэрминнэри үөскэтэригэр икки сүрүн хайысханы тутуһар: а) саха тылын ис кыаҕын туһанар: объем – сабардам, водопад — күрүлгэн, тело – эттик, чувствительность – билимньитэ, горючее — уматык; б) нуучча тылын дорҕоонун сахатытар: конгресс — кэнгириэс, промышленность — бырамыысыланнас, дотация — датаассыйа, театр – тийээтир, музыка – муусука, спорт – успуорт. Биллэрин курдук, Б. Ойуунускай үлэлээбит хайа баҕарар эйгэтигэр туох эрэ саҥаны киллэрэр дьүккүөннээх эспэримэнтээтэр этэ. Ардыгар саха тылын нуорматын кэһэн туран, кини манныктары олохсута сатаабыта: а) уустук тыллары ханыыласпыт тыл курдук тылбаастаабыта: автомашина – аапта-массыына, идеоплазма – идиэйэ-пылаасыма, метаморфоза – миэтэ-морпуос; б) аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитин сокуонун кэспитэ: геолог – гиэлуок, гегемон – гэгэмуон, металл – миэтаал, метеор – мэтэйуор, мелодия — мэлуодьуйа; г) үс бүтэй дорҕоону сэргэстэһиннэрбитэ: инспектор — инспиэктэр, инструмент – үнстүрүмүөн, экстремист – экстирэмиис, о.д.а.

Барыллаан ааҕыынан, бу күҥҥэ диэри билим 23 хайысхатыттан 14 хайысхатыгар (хиимийэ, мэдиссиинэ, устуоруйа, уйулҕа үөрэҕэ, бэлиитикэ, иитии-үөрэтии билимэ (педагогика), түмэт  билимэ (социология), быраап билимэ, экэниэмикэ, география, тыа хаһаайыстыбатын билимэ, биисикэ-ахсаан билимэ, айылҕа үөрэҕэ (биология), тыл үөрэҕэ) сахалыы тыллаах тиэрмин тылдьыта оҥоһуллубут эбит. Оттон 9 хайысхаҕа: ускуустуба, култуура, бөлүһүөпүйэ, бэтэринээрийэ, тутуу, тиэхиньикэ, сир баайын хостооһун, эмп-томп, байыаннай үөрэх эйгэтигэр биир да анал тылдьыт суох. Уопсайа 60-ча тиэрмин тылдьыта оҥоһуллубут, 10 тылдьыт харата архыыпка харалла сытар. (1 №-дээх сыһыарыыны көр).

Араас эйгэҕэ таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы сылдьар учуонайдарга туһаайабын. Үөрэтэр-чинчийэр эйгэҕит туһунан кытаатан сахалыы суруйуҥ. Байҕал курдук баай-талым сахабыт тылынан эттээн-сииннээн, сиһилээн-быһааран суруйаргытын дьоҥҥут-сэргэҕит олус диэн кэтэһэр. «Омук күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ — тылыгар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Норуоккут кута бөҕөргүүрүн, үөрэҕэ үрдүүрүн, тыла сайдарын туһугар тус кылааккытын угуҥ!

 

1 №-дээх сыһыарыы

САХА ТЫЛЫН ТЫЛДЬЫТТАРА

 

  1. Алексеев М.П.-Дапсы. Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьыта. [Ноуукатын эрэдээктэрэ Г.Г. Филиппов]. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 272 с.
  2. Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын синонимнарын, омонимнарын уонна антонимнарын тылдьыта / Н. А. Ааллаҕыскай ; Учууталлар идэлэрин үрдэтэр Саха респ. ин-т. — Якутскай, 1957. — 66 с.
  3. Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын омонимнарын тылдьыта. — Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979. – 184 с.
  4. Ааллааҕыскай Н.А., Луковцев Х.Х. Саха тылын синонимнарын кылгас тылдьыта. — Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1982. — 144 c.
  5. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта / Афанасьев П.С. уо.д.а.; [эппиэттээх эрэдээктэрдэр: П.А. Слепцов, А.Г. Нелунов, Н.Н. Васильева]. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 688 с.
  6. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын Быһаарыылаах Улахан тылдьыта: в 13 т. Т. IV: Буква К / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2007. – 672 с.
  7. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын Быһаарыылаах Улахан тылдьыта: в 15 т. Т. V: (Буква К: күөлэһис гын – кээчэрэ: / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2008. – 616 с.
  8. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын Быһаарыылаах Улахан тылдьыта: в 15 т. Т. VI: (Буквы  Л, М, Н) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2009. – 519 с.
  9. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын Быһаарыылаах Улахан тылдьыта: в 15 т. Т. VII: (Буквы Нь, О, Ө, П) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2010. – 519 с.
  10. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. VIII: (Буква C – cөллөҕөр) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2011. – 572 с.
  11. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. IХ: (Буква C: сөллөй – сээн, буква Һ) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2012. – 630 с.
  12. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. Х: (Буква Т: т — төһүүлээ) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2013. – 575 с.
  13. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. XI: (Буква Т: төтөллөөх-тиэтэллээх) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2014. – 528 с.
  14. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. XII: (Буквы У, Ү) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2015. — С. 598.
  15. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. XIII: (Буква Х) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2016. – 639 с.
  16. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. ХIV: (Буквы Ч, Ы) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2017. – 592 с.
  17. Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. XV: (Буква Э) / Под ред. П.А. Слепцова.  – Новосибирск: Наука. – 2018. – 576 с.
  18. Диалектологический словарь якутского языка. 8500 слов / Сост. П.С. Афанасьев, М.С. Воронкин, М.П. Алексеев. — М.: Наука, 1976. — 391 с.
  19. Афанасьев П.С., Слепцов П.А., Попов Г.В., Лиханов В.И., уо.д.а. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 1994. – 264 с.
  20. Григорьев Н.С. Саха тылын сомоҕо домоҕун тылдьыта. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1974. — 126 с.
  21. Гурьев Г.И. Синоним кылгас тылдьыта: көмө босуобуйа. – Дьокуускай: Бичик, 2018. – 56 с.
  22. Краткий (толковый) словарь якутского языка / Сост. Г.Ф. Сивцев; под ред. П.С. Афанасьева. – Якутск, 1975.
  23. Нелунов А.Г. Якутско-русский фразеологический словарь. Т. 2. — Новосибирск: Изд-во СО РАН. Филиал “Гео”, 2002. — 420 с.
  24. Нелунов А.Г. Якутско-русский фразеологический словарь. Т. I. А-К. — Новосибирск: Изд-во СО РАН, 1998. — 286 с.
  25. Попов Г.В. Этимологический словарь якутского языка = Саха тылын этимологическай тылдьыта. / Г. В. Попов; Отв. ред. П. А. Слепцов. — Новосибирск : Наука. — – 180 с. (Ч.1: А-Дь).
  26. Самсонов Н.Г. Словарь заимствованных слов. — Якутск: Бичик, 1996. — 141 с.
  27. Самсонов Н.Г. Словарь заимствованных слов / Н.Г. Самсонов — Якутск: Бичик, 2012. — 112 с.
  28. Сахалыы таба суруйуу тылдьыта / Саха Респ. Наукатын акад. Гуманит. чинчийии ин-та; Редкол.: В.М. Анисимов уо.д.а. – Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2002. – 543 с.
  29. Сахалыы таба суруйуу тылдьыта: 32000 кэриҥэ тыллаах / Россия наук. Акад., Сибиирдээҕи салаа Гуманитар. чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын ин-та; [эрэдээксийэлиир хамыыһыйа: А.Г. Нелунов уо.д.а.] – Дьокуускай: Бичик, 2015. – 480 с.
  30. Саха түөлбэ тылын тылдьыта (Эбии том) = Диалектологический словарь языка саха (Дополнительный том). 5000 слов / Сост. Воронкин М.С., Алексеев М.П., Васильев Ю.И. — Новосибирск: ВО “Наука”. Сибирская издательская фирма, 1995. — 296 с.
  31. Сахалыы тыл ситимин тылдьыта: аат тыл / хомуйан оҥордулар: Е.Н. Афанасьева, Л.М. Готовцева. – Дьокуускай: Саха ун-тын изд-вота, 2009. – 110 с.
  32. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта = Краткий толковый словарь якутского языка / П.С. Афанасьев ред. — Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1994. — 264 с.
  33. Саха тылын орфографическай тылдьыта. Көннөрөн, эбэн хос таһаарыы / Л.Н. Харитонов уонна Н.Е. Петров редакцияларынан. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1975.- 192 с.
  34. Сивцев Г.Ф. Сахалыы кылгас тылдьыт : 3500 кэриҥэ тыл / Г. Ф. Сивцев ; доц. П. С. Афанасьев ред. — Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1979. — 223 с.
  35. Толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука. – 2004. – 680 с. (Буква А).
  36. Толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука. – 2005. – 912 с. (Буква Б).
  37. Толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука. – 2006. – 844 с. (Буквы Г, Д, Дь, И).

 

ИККИ ТЫЛЛААХ ТЫЛДЬЫТТАР

 

  1. Антонов-Саратовский В.П. Русско-якутский речевой справочник. — М.; Л., 1931.
  2. Бетлингк О.Н. Якутско-немецкий словарь // О языке якутов / Пер. с нем. Рассадин В.И. – Новосибирск: Наука. Сиб. Отд-ние, 1990. — С. 422-645.
  3. Будищев И.П. Русско-якутский словарь, содержащий самые простые и необходимые слова для разговорной речи: Справ. пос. для уч. по ликвидации якут. и рус. тех. неграмотности. — Якутск, 1926. — 2530 слов и словосочетаний.
  4. Данилов В.Н. Русско-якутский систематизированный словарь. — 2-е изд-е, испр. и доп. — Якутск: Кн. изд-во, 1974. — 112 с.
  5. Данилов В.Н. Русско-якутский систематизированный словарь. — 3-е изд-е, испр. и доп. — Якутск, 1980. — 107 с.
  6. Донской С.Н. Карманный якутско-русский словарь. — 2-е изд. — Якутск, 1931. — 83 с.
  7. Донской С.Н. Русско-якутский словарь = Нууччалыы-сахалыы тылдьыт. — Якутск, 1931. — 174 с.
  8. Краткий русско-якутский словарь: учебный словарь = Нууччалыы-сахалыы кылгас тылдьыт: үөрэх тылдьыта / [сост. Т.И. Петрова]. – Якутск: Бичик, 2008. – 368 с.
  9. Краткий якутско-русский словарь = Сахалыы-нууччалыы кылгас тылдьыт / [сост. Т.И. Петрова]. – Якутск, 2005. – 204 с.
  10. Кулаковский А.Е. Научные труды [Подготовили к печати: Н.В. Емельянов, П.А. Слепцов]. – Якутск: Кн. изд-во, 1979. – С. 321-451.
  11. Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. Т. I. Выпуски 1-4. Ленинград: Академия наук СССР. – 1958.
  12. Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. Т. II. Выпуски 5-9. Ленинград: Академия наук СССР. – 1959.
  13. Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. Т. III. Выпуски 10-13. Ленинград: Академия наук СССР. – 1959.
  14. Попов И.Н. Сахалыы-нууччалыы кылгас тылдьыт = Краткий якутско-русский словарь. — Якутскай, 1947. — 252 с.
  15. Попов И.Н. Сахалыы-нууччалыы тылдьыт = Якутско-русский словарь. — Якутск, 1931. — 222 с.
  16. Павлов H.H., Попов.И.Н. Русско-якутский словарь.Вып. 1. А-Н. — Якутск, 1948. — 316 с.
  17. Павлов H.H., Попов.И.Н. Русско-якутский словарь. Вып. 2. О-Я. – Якутск, 1949. — 365 с.
  18. Русско-якутский словарь: Ок. 28500 слов / Под ред. П.С. Афанасьева, Л.Н. Харитонова. — М.: Советская энциклопедия, 1968. – 720 с.
  19. Сахалыы-нууччалыы, нууччалыы-сахалыы кылгас тылдьыт: үөрэх тылдьыта = Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь: учебный словарь / [сост. Т.И. Петрова]. – Якутск: Бичик, 2015. – 576 с.
  20. Тарский Г.С. Русско-якутский словарь для начальных и семилетних школ. — Якутск, 1942. — 119 с.
  21. Харитонов Л.H. Русско-якутский словарь для начальной школы. — Якутск, 1949. — 94 с.
  22. Якутско-русский словарь: 25300 слов / Под ред. П.А. Слепцова. — М.: Сов. энциклопедия, 1972. — 606 с.

 

ТИЭРМИН ТЫЛДЬЫТТАРА

 

  1. Алексеев Б.Н., Никонов В.Н. Русско-якутский юридический словарь. – Якутск: Бичик, 2000. — 100 с.
  2. Афанасьев Л.А. Суут-сокуон тиэрминнэрэ. — Якутск, 1997. — 77 с.
  3. Баишев Г.В.-Алтан Сарын. Тоҕус этиҥ тойуга: Старостин М.Г. уруһуйа. – Дьокуускай: “Бичик” нац. кинингэ кыһата, 1998. – 384 с. (С. 44-84).
  4. Барашков П.П. Саха тылын кылгас терминологическай тылдьыта=Краткий терминологический словарь якутского языка. — Якутскай, 1955. — 299 с.
  5. Бурцев А.А., Федоров И.С. Русско-якутско-английский словарь литературоведческих терминов / Бурцев А.А., Федоров И.С. – Якутск: Изд-во Якутского госуниверситета, 2008. – 142 с.
  6. Быганова В.И. Краткий русско-якутский словарь экономических терминов = Экономика тиэрминнэрин нууччалыы-сахалыы кылгас тылдьыта / В. И. Быганова ; Акад. наук Респ. Саха (Якутия), Ин-т гуманитарных исслед. — 2-е изд. — Якутск : Изд-во ЯНЦ СО РАН, 2007. – 67 с.
  7. Васильев Г.М. Нууччалыы-сахалыы поэтическай тылдьыт = Русско-якутский поэтический словарь. – Якутскай: Саха сиринээҕи кн. изд-во, 1976. — 207 с.
  8. Васильев П.К., Федоров И.Г. Ойуу тылдьыт. 5-9 кылаастарга аналлаах үөрэнэр пособие. 2-с тахсыыта. – Дьокуускай: Бичик, 1998. – 80 с., ил.
  9. Делопроизводство: терминологический словарь = Дьыаланы бэрийии: тиэрмин тылдьыта / Рос. акад. наук, Сиб. отд-ние, Ин-т гуманит. исслед. и проблем малочисл. народов Севера; [сост.: Л.А. Афанасьев и др.]. – Якутск: ИГИиПМНС СО РАН, 2013. – 52 с.
  10. Егоров И.Г., Петров П.П., Петрова А.И. Математика терминнэрин нууччалыы-сахалыы быһаарыылаах тылдьыта (Русско-якутский толковый словарь математических терминов) / сост. И.Г. Егоров, В.В. Петров, А.И. Петрова. – Дьокуускай, 1998. – 180 с.
  11. Егоров Н.В., Корякина А.О. Химия терминнэрин быһаарыылаах тылдьыта = Толковый словарь химических терминов. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 143 с.
  12. Егоров Н.В., Корякина А.О. Химия терминнэрин быһаарыылаах тылдьыта. – Дьокуускай: РНА СО ССНК изд-вота, 2007. – 144 с.
  13. Иванов В.С. Экология токкооломмут тылдьыта / В.С. Иванов; Науч. ред. В.Г. Алексеев; Саха Респ. айылҕатын харыстабылын м-та; Ирбэт тоҥноох зона биол. пробл. чинчийэр ин-та. – Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2001. – 528 с.
  14. История: терминологический словарь = Устуоруйа: тиэрмин тылдьыта / Рос. акад. наук, Сиб. отд-ние, Ин-т гуманит. исслед. и проблем малочисл. народов Севера; [сост.: Л.А. Афанасьев и др.]. – Якутск: ИГИиПМНС СО РАН, 2013. – 142 с.
  15. Итэҕэл тылдьыта / Тэрис. – Дьокуускай: Бичик, 2012. – 128 с. – (Айыы суолунан).
  16. Краткий терминологический словарь якутского языка / Сост. П.П. Барашков, ред. Л.Н. Харитонов. – Якутск, 1955.
  17. Краткий русско-якутский толковый словарь научно-технических терминов = Наука-техника тиэрминнэригэр быһаарыылаах нууччалыы-сахалыы кылгас тылдьыт. Бастакы кинигэ / под ред. К.Н. Гурьева. – Дьокуускай, 1994. — 201 с.
  18. Краткий русско-якутский толковый словарь научно-технических терминов = Наука-техника тиэрминнэригэр быһаарыылаах нууччалыы-сахалыы кылгас тылдьыт. Иккис кинигэ / под ред. К.Н. Гурьева. – Дьокуускай, 1994. — 248 с.
  19. Күндэ. Тиэрмин тылдьыта // Күндэ. Кыыһар туҥат сырдыга. — Дьокуускай, 2000. — С.117-228.
  20. Лингвистика: терминологический словарь = Тыл үөрэҕэ: тиэрмин тылдьыта / Рос. акад. наук, Сиб. отд-ние, Ин-т гуманит. исслед. и проблем малочисл. народов Севера; [сост.: Л.А. Афанасьев и др.]. – Якутск: ИГИиПМНС СО РАН, 2013. – 52 с.
  21. Макаров А.А. Краткий русско-якутский словарь биологических терминов. — Якутск: Кн. изд-во, 1974. – 63 с.
  22. Максимов Г.Н., Сивцева А.И. География тиэрминнэрин тылдьыта (Словарь географических терминов) / сост. Г.Н. Максимов, А.И. Сивцева. – Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1993. — 112 с.
  23. Максимов Г.Н., Сивцева А.И. География терминнэрин тылдьыта. – 2-с тахс. – Дьокуускай: РНА СО ССНК изд-вота, 2007. – 112 с.
  24. Математика терминнэрин нууччалыы-сахалыы быһаарыылаах тылдьыта / [тылдьыты оҥордулар: И. Г. Егоров, ф.-м. н. к., доц., П. П. Петров, ф.-м. н. к., доц., А. И. Петрова, пед. н. к., доц.; тылга эксперт, ред. уонна киирии тылы суруйда М. П. Алексеев-Дапсы]. — 2-с тахсыыта. — Дьокуускай : РНА СО ССНК изд-вота, 2007. — 179 с.
  25. Менеджмент: терминологический словарь = Менеджмент: тиэрмин тылдьыта / Рос. акад. наук, Сиб. отд-ние, Ин-т гуманит. исслед. и проблем малочисл. народов Севера; [сост.: Л.А. Афанасьев и др.]. – Якутск: ИГИиПМНС СО РАН, 2013. – 204 с.
  26. Русско-якутский термино-орфографический словарь = Njuuccalьь-sagаlьь tierminneeg-arpagьraapьja tьllarьn kinjigete / Сост. П.А. Ойунским при участии С.П. Харитонова, Г.С. Тарского ; НИИ национальностей СССР при ЦИК СССР. — Москва : Гос. учеб. пед. изд-во, 1935. — 266 с.
  27. Обществознание: терминологический словарь = Уопсастыба үөрэҕэ: тиэрмин тылдьыта / Рос. акад. наук, Сиб. отд-ние, Ин-т гуманит. исслед. и проблем малочисл. народов Севера; [сост.: Л.А. Афанасьев и др.]. – Якутск: ИГИиПМНС СО РАН, 2013. – 110 с.
  28. Ойуунускай П.А.. Талыллыбыт айымньылар: III том. Научнай үлэлэр / Аан тылын П.А. Слепцов, сыҕарымын Е.И. Оконешников суруйдулар, А.Е. Евстафьев ойуутун оҥордо. – Дьокуускай: “Бичик” национальнай кинигэ кыһата, 1998. – 480 с.
  29. Оконешников Е.И. Русско-саха общественно-политический словарь. – Якутск: Институт гуманитарных исследований АН РС(Я), 1998. — 154 с.
  30. Оконешников Е.И. Русско-якутский словарь общественно-политических терминов. — Якутск: Кн. изд-во, 1989. — 169 с.
  31. Петров А.М. Словарь русско-латинско-якутских названий растений Якутии = Саха сирин үүнээйилэрин нууччалыы-латыынныы-сахалыы ааттарын тылдьыта: Около 2000 слов / А. М. Петров; Подгот. к печати Д. А. Петрова; Ред. П. А. Тимофеев. — Якутск: Изд-во СО РАН. Якут. фил., 2002. — 125 с.
  32. Петров П.П., Егоров И.Г., Петрова А.И. Математика терминнэрин нууччалыы-сахалыы быһаарыылаах тылдьыта = Русско-якутский толковый словарь математических терминов / Под ред. М.П. Алексеева. — Якутск: Бичик, — 184 с.
  33. Понятийно-терминологический русско-якутский словарь по психологии. Раздел “Психология воспитания” / Сост. М.Д. Гермогенова. — Якутск: Изд-во ЯГУ, 1992. – 44 с.
  34. Понятийно-терминологический русско-якутский словарь по психологии. Раздел “Общая психология” / Сост. И.П. Чабыев. — Якутск: Изд-во ЯГУ, 1992. — 64 с.
  35. Понятийно-терминологический русско-якутский словарь по психологии. Раздел “Психология обучения” / Н.Ю. Прокопьева. — Якутск: Изд-во ЯГУ, 1992. – 20 с.
  36. Понятийно-терминологический русско-якутский словарь по психологии. Часть I. “Общая психология”, “Физиологические основы” / Научн. ред. А.П. Оконешникова, отв. ред. А.Г. Нелунов. — Якутск: Изд-во ЯГУ, 1994. – 63 с.
  37. Понятийно-терминологический русско-якутский словарь по психологии. Часть II. «Возрастная психология», «Психология обучения», «Психология спорта», «Психокоррекция, психотерапия, Медицинская психология. Дефектология» / Научн. ред. А.П. Оконешникова, отв. ред. А.Г. Нелунов. — Якутск: Изд-во ЯГУ, 1994. – 63 с.
  38. Понятийно-терминологический русско-якутский словарь по психологии. Часть III. «Математическая психология», «Педагогическая психология», «Психология труда», «Профориентационная психология», «Психология личности» / Научн. ред. А.П. Оконешникова, отв. ред. А.Г. Нелунов. — Якутск: Изд-во ЯГУ, 1994. – 64 с.
  39. Понятийно-терминологический русско-якутский словарь по психологии. Часть VI. «Социальная психология», «Психология воспитания» / Научн. ред. А.П. Оконешникова, отв. ред. А.Г. Нелунов. — Якутск: Изд-во ЯГУ, 1994. – 62 с.
  40. Понятийно-терминологический русско-якутский словарь по психологии = Уйулҕа үөрэҕин тустаах нууччалыы-сахалыы тылдьыта / науч. рук. А.П. Оконешникова]. — Якутск: Бичик, 2006.– 192 с.
  41. Понятийно-терминологический русско-якутский словарь по социальной педагогике и социальной работе / Федер. агентство по образованию, ФГАОУ ВПО «Сев.-Вост. федер. ун-т им. М.К. Аммосова»; [сост.: А.Н. Васильева, к.п.н. и др.; науч. ред. д.п.н., проф. А.Г. Корнилова]. — Якутск: Офсет, 2011.– 56 с.
  42. Попов Б.Н. Ыал быһаарыылаах тылдьыта. – Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2001. – 104 с.
  43. Русско-якутский словарь биологических терминов=Биология терминнэрин нууччалыы-сахалыы тылдьыта /  Под редакцией Г.С. Угарова.  – Якутск, 1993. – 174 с.
  44. Самсонов Г.Г. Физика кылгас ыйынньыга / Г. Г. Самсонов. — Дьокуускай : ДНиСПИ, 2000. – 59 с.
  45. Самсонов Г.Г., Суздалов И.И., Яковлев П.А. Физика терминнэрин быһаарыылаах тылдьыта = Толковый словарь физических терминов. — Дьокуускай: Бичик, 1997. — 88 с.
  46. Самсонов Г.Г., Федоров И.С. Физика терминнэрин сахалыы-английскайдыы тылдьыта. – Дьокуускай: СГУ изд-та, 2006. — 94 с.
  47. Саха тылын кылгас терминологическай тылдьыта = Краткий терминологический словарь якутского языка / ССРС наукаларын акад., Саха сиринээҕи фил., Тыл, лит. уонна история ин-та ; оҥордо П. П. Барашков ; ред. Л. Н. Харитонов. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вата, 1955. — 299 с.
  48. Тумусов П.С. Киһи аан туома = Анатомия человека = Human anatomia. Бастакы кинигэтэ /П.С. Тумусов (П.Тараҕай). – Дьокуускай: «Октаэдр», 2007. – 264 с.
  49. Үөрэх терминнэрин нууччалыы-сахалыы тылдьыта : толорута суох орто уонна орто оскуолаларга / [оҥордулар Г. И. Слепцов уо. д. а.]. – Якутскай : САССР государственнай изд-вата, 1942. – 173 с.
  50. Черосов М.А. Саха тылын үөрэҕин терминнэрэ (Лингвистическая терминология якутского языка). – Якутск: Кн. изд-во, 1977. – 64 с.
  51. Яковлев П.А. Астрономия терминнэрин тылдьыта / П.А. Яковлев. – 2-с тахсыыта. — Дьокуускай: РНА СО ССНК изд-вота, 2007. – 100 с.
  52. Яковлев П.А. Астрономия терминнэрин тылдьыта. — Дьокуускай, 1998. — 100 с.

Арассыыйа Билим Акадьыамыйатын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи Билим Киинин (ЯНЦ СО РАН) архыыбыгар харалла сытар тылдьыттар

  1. Антонов Н.К. Толковый словарь терминов и заимствованных слов // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5. Оп. 6. Д. 260. — 607 с.
  2. Иванов М.С. Словарь местных географических терминов // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5. Оп. 12. Д. 305. — 210 с.
  3. Иванов А.А.-Күндэ. Терминологический русско-якутский словарь // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5.Оп.4 Д.149.
  4. Луковцев A.C. Якутско-русский словарь сельскохозяйственных терминов. Часть 2. Термины полеводства // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5. Оп. 12. Д. 135. — 286 с.
  5. Луковцев A.C. Якутско-русский словарь терминов охоты и рыболовства // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5. Оп.12. Д. 193. — 210 с.
  6. Скрыбыкин Н.В. Якутско-русский словарь. 4.1. Термины животноводства // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5. Оп. 12. Д. 136. — 227 с.
  7. Попов М.И., Софронов Л.А. Русско-якутский терминологический словарь (арифметика, алгебра, геометрия) // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5. Оп.4. Д.157.
  8. Онопров С.О., Ларионов П.Д. Краткий терминологический словарь по естествознанию (биология, химия, физика, математика) // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5. Оп.4. Д.160.
  9. Слепцов Г.И., Барашков П.П., Эргис Г.У. Русско-якутский словарь географических терминов и названий // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5. Оп.4. Д.19.
  10. Словарь синонимов и омонимов с вариантами / Сост. П.П. Барашков // Архив ЯНЦ СО РАН. Ф. 5. Оп. 4. Д. 25-27.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА