Россияҕа биллэриллибит Киинэ сыла норуот духуобунаһын, кини сүппэт-симэлийбэт үрдүкү сыаннастарын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллиитигэр төһүү күүс буолуохтаах. Искусство биир саамай улахан суолталаах уонна маассабай көрүҥэ кэккэ сылларга өйү-санааны, сиэри-майгыны чэбдигирдиигэ киллэрбит кылаата бэрт кыра. Күннэтэ өтүүлүү хатыллар сериаллар, триллердэр, вестерннэр, блокбастердар, о. д. а. саха киһитин үгэс буолбут сиэригэр сөп түбэспэттэр.
Киинэ сыла саҕаланна диэтибит. Россияҕа киинэ саҥа кэрдиискэ тахсан дьон-сэргэ, ордук эдэр ыччат өйө-санаата ырааһырыахтаах, чөллөрүйүөхтээх диэн өйдөбүлүнэн салайтаран федеральнай киин үбүлээһинэ лаппа улаатта. Ол туһунан РФ Культураҕа миниистирэ Владимир Мединскэй чуо-бааччы этэн турар. Оттон биһиэхэ, өрөспүүбүлүкэҕэ, национальнай киинэбит сайдыахтаах. Күн бүгүн прокакка тахсар сахалыы киинэлэрбит бюджеттара, киһи сөҕүөх, олус кыра. Режиссердарбыт сырдык санааларынан эрэ салайтараллар. Кинилэр дьүккүөрдээх-дьаныардаах үлэлэрэ үтүө түмүктэрдээх: сахалыы саҥалаах көрөөччү эрэ буолбакка, нууччалар, омуктар биһиги киинэлэрбитин бириискэ тиксэрэллэр. Кырдьыга, барыта эриэ-дэхси буолбат. Саҥа саҕалааһын буолан сорох киинэлэрбит таһымнара намыһах. Сахалыы киинэ сайдар саҕахтарын арыйарга, үбүлээһини улаатыннарарга, хаачыстыбаны тупсарарга анал сокуон барыла оҥоһуллан, Ил Түмэҥҥэ ааҕыылары ааһара наадалаах. Оччотугар сахалыы киинэ хайа баҕарар таһымнаах киинэ фестивалларыгар кыттан омук быһыытынан киэн туттунуубут төһөлөөх далааһыннаах буолуо этэй?!
Аҕа саастаах көлүөнэ сэбиэскэй киинэ искусствотын материальнайа суох баайыттан дэлэйдик сомсубуппут диир толору кыахтаахпыт. «Летят журавли», «Они сражались за Родину», «Тени исчезают в полдень», «Вечный зов», «Москва слезам не верит», о. д. а. нуучча киинэтин кыһыл көмүс фондугар киириэхтэрин киирбиттэрэ. Кинилэр оччотооҕу уопсастыбаннай тутул идеологиятыгар сөп түбэстэллэр да, киһи киһитинэн кэрэтин итэҕэтиилээхтик көрдөрбүттэрэ.
Россия национальнай идеята – төрөөбүт дойдуга бэриниилээх уонна кинини көмүскүүр өйдөөх-санаалаах патриот киһини иитии буолар. Хомойуох иһин, күн бүгүн киинэ прокатыгар ардах кэннинээҕи тэллэйдии дэлэйбит киинэлэр үгүстэрэ бу чувствоны сайыннарыахтарын оннугар кэҕиннэриэхтэрин сөп диэтэххэ өһүргэс буолбат. Бу туһунан сүдү киһи, аан дойду билинэр режиссера Никита Михалков эппитин кытта сөбүлэһэр наада.
This post was published on 02.03.2016 10:08 10:08