Сахалыы дьыктааны онлайн суруйуохха сөп

«Сахалыы дьыктаан» аахсыйа олунньу 13 күнүгэр ыытыллар. Эпидемиологическай балаһыанньанан тэрээһин онлайн ыытыллар.


Национальнай бибилэтиэкэҕэ үгэскэ кубулуйбут дьыктаан суруйуутугар дьаһал санитарнай ирдэбилинэн аҕыйах киһини хабар.

Ити эрээри баҕалаахтар дьиэлэригэр олорон бэйэлэрин билиилэрин онлайн суруйан бэрэбиэркэлэниэхтэрин сөп. Национальнай бибилэтиэкэ дьыктааны олунньу 13 күнүгэр 14.00 чааска быһа холбонууга бу сигэнэн ааҕыаҕа https://nlrs.ru/event-redirect/5109.

Эрдэттэн кумааҕы уонна уруучука бэлэмнээн, эпииргэ кыттыаххытын сөп. Биир нэдиэлэнэн дьыктаан тиэкиһэ nlrs.ru саайтка тахсыаҕа.

This post was published on 11.02.2021 14:01 14:01