Сахалыы диктаны 16 киһи туйгуннук суруйда

«Сахалыы диктант» өрөспүүбүлүкэтээҕи түмүгэ таҕыста. Диктаны 16 киһи «туйгун», 11 – «үчүгэй» сыанаҕа суруйдулар.

Олунньу 12 күнүгэр Саха сирин национальнай библиотекатын онлайн площадкатыгар сыл аайы ыытыллар «Сахалыы диктант» суруйдулар. Түмүгү олунньу 21 күнүгэр таһаардылар. Быйыл 16 киһи туйгун сыананы ыллылар

«Туйгуннарынан» суруйдулар: Сардаана Афанасьева, Рустам Васильев, Саргылана Васильева, Дьулустаана Кириллина, Мария Микина, Алексей Никифоров, Анна Петрова, Виктория Прокопьева, Марианна Прядезникова, Виталий Семенова, Марина Сивцева, Марина Филиппова, Марианна Филиппова, Яна Рожина.

Барыта 104 үлэ бэрэбиэркэлэннэ. ХИФУ преподавателлэрэ бэлиэтииллэринэн, быйыл пунктуацияҕа элбэх алҕаһы таһаарбыттар.

«Сахалар диктант» 2014 сылтан ыытыллар. Тэрийээччилэр, көҕүлээччилэр уонна автордар — Национальнай библиотека уонна ХИФУ хотугу норуоттар тылларын уонна култуураларын института, ону тэҥэ  култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ.

This post was published on 21.02.2022 19:01 19:01