Сахалыы бириэмэ хаамыытын билэҕин дуо?

Хаартыска: СИА

Бириэмэ хаамыытын сахалар хайдах быһааралларын «Ньурба» хаһыат телеграм-ханаалыгар таһаарда.

Чыпчылыйыах бэтэрээ — сөкүүндэ.

Күөс быстыҥа — биир чаас устата.

Биир ууну утуйуу — икки, үс чаас утуйуу.

Куоратчыт кэмэ — сарсыарда түөрт чаас.

Түүн үөһэ — түүн уон икки чаас.

Күн ортото — күнүс уон икки чаас.

Сарсыардааҥҥы ыам — сарсыарда алта чаас.

Күнүскү ыам — күнүс уон биир чаас.

Түөртүүр ыам — күнүс түөрт чаас.

Киэһээҥҥи ыам — киэһэ аҕыс чаас.

Тыҥ хатыыта — сарсыарда халлаан быһах биитинии сырдыыта.

Суһуктуйуу — халлаан сырдаан эрэрэ.

Омурҕан устата — түөрт чаас устата.

Түүннээх күн — биир суукка.

Источник: @gazetanyurba

This post was published on 19.12.2023 14:01 14:01