Варвара Потапова 1946 сыл ыам ыйын 13 күнүгэр Ньурба улууһун Сүлэ нэһилиэгэр Үҥкүүлүүр алааска төрөөбүтэ. Ньурба куорат 1 нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрэн, СГУ саха салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ол кэмҥэ, устудьуон саҕаттан, «Сэргэлээх» литературнай түмсүүттэн эдэркээн Варя поэзияҕа хардыыларын саҕалаабыта.
Бэйиэт Варвара Потапова төрөөбүт улууһугар сылын аайы оройуон таһымнаах киэҥ тэрээһиннэр буолаллара. Ыалдьыттар Ыраах Убайааҥҥа баар Варвара Потапова түмэл-уһаайбатыгар түмсэн, бэйиэт эдьиийдэрин олоҕун, айымньыларын ахтан ааһаллара, поэзия үтүө тэрээһинэ ыытыллара.
Быйыл, хамсык кэмэ буолан, түмэл-уһаайбаҕа «Ньурба уоттара» литературнай түмсүү кыттыылаахтара чөкө муһуннулар.
Түмсүү эрэллээх доҕотторо — Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатыр @nyurbateatr литературнай үлэһитэ Мария Семенова уонна артыыскалара Венера Никитина, Людмила Васильева, Мария Мигалкина Варвара Потапова айымньыларын аахтылар.
Ыам ыйынааҕы ылааҥы күн литература сэҥээрээччилэрэ, айар куттаах дьон ытыктыыр эдьиийдэрин дьиэтин тэлгэһэтигэр сандалы тула олорон сэһэргэстилэр, итии үүттээх чэйинэн, алгыстаах алаадьынан айах туттулар, суруйда Александра Варламова https://www.instagram.com/gazeta_nyurba_ogni_nyurbu/
This post was published on 14.05.2021 18:01 18:01