Сахаларга Аан Дьааһын ыйа саҕаланна

Атырдьах ыйын бастакы аҥаара сайыҥҥылыы куйаас күннэри түстүүр. Сөбүгэр соҕус ардахтаах.

Атырдьах ыйын  1 күнүгэр ардаатаҕына — күһүнэ өксүөн, курааннаатаҕына — күһүнэ кураан.

Атырдьах ыйын 2 күнэ – Ылдьыын Таҥара. Бурдук буһар. Түүн хараҥаран барар. Кус оҕото көтөр. Куйаас аны түспэт, сөтүөлээһин уурайар.

Атырдьах ыйын 10 күнэ – моонньоҕон буһар.

Атырдьах ыйын 14 күнэ – Бастакы Ыспааһап, Ыспааһаптар ардахтара түһэр. Хотуур ортото. Ыҥырыа мүөт таһаарара уурайар.

Атырдьах ыйын 19 күнэ – Иккис Ыспааһап. Хаһыҥ түһэр.

Атырдьах ыйын 21 — 23 күннэрэ – Аан Дьааһыҥҥа анаан туом толоруохха сөп.

Атырдьах ыйын 21 күнэ – халлаан ыйын эргэтэ кэрэниитэ саҕаланар. Сити күн дьыл хайдах туруктаах да, тохсунньуга эмиэ үкчү оннук.

Атырдьах ыйын 23 күнүгэр ардаатаҕына, күһүн уһун дииллэр.

Атырдьах ыйын 29 күнэ – Үһүс Ыспааһап. От үлэтэ үмүрүйэр. Ый бүтүүтэ оту-маһы орохсутар тыал түһэр. Эһиил үчүгэй дьыл кэлиэх буоллаҕына, от кэнчээрилиир.

Социальнай ситимтэн.

This post was published on 01.08.2024 16:03 16:03