Дойду култуурунай киинигэр олорор сахалар Өрөспүүбүлүкэ күнүн умнуллубаттык бэлиэтээтилэр. Кинилэргэ анаан РФ президенин иһинэн Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин Санкт-Петербургдааҕы салаата бэлиэ тэрээһиннэри бэлэхтээтэ.
Куорат хабыллар хаба ортотугар турар аатырбыт Петропавловскай кириэппэстэн, Нарышкин аатынан бастионтан пушкаттан күнүскү ытыы оҥоһулунна. 12 чааска Нева өрүс үрдүнэн салгыҥҥа сэрээт тыаһа дуорааннаахтык ньиргийдэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ үүммүтүн биллэрдэ. Бэлиэ ытыыны оҥорор чиэс Анал байыаннай дьайыы кытыылааҕар, Горнай улууһун эр бэрдигэр тигистэ.
Киниттэн ураты бу күн хас да анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, араас эчэйиини ылбыт, билигин госпиталларга эмтэнэ сытар саха байыастара эмиэ сылдьыстылар, Санкт-Петербурга олорор биир дойдулаахтарын кытта тэҥҥэ төрөөбүт Сахабыт сирин күнүн бэлиэтээтилэр.
«Биһигини бүгүн Санкт-Петербург Бырабыыталыстыбата улахан чиэскэ тигиһиннэрдэ. Ыҥырыыбытын ылынан, сүҥкэн суолталаах, историяҕа хаалар бэлиэ түгэни бэлэхтээтэ — Петропавловскай кириэппэстэн бырааһынньыктааҕы ытыыны оҥорору көҥүллээтэ. Бу биһиги регионнарбыт икки ардыларынан сыһыаны бөҕөргөтүүгэ, салгыы сайыннарыыга өссө биир хардыынан буолла. Бүгүн манна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, саха байыастара кэллилэр, «Саха волонтер Санкт-Петербург» актыбыыстара бааллар. Уолаттарга туһаайан дириҥ махталбытын тиэрдэбит, күүстээх эр санааҕытынан, хорсун быһыыгытынан киэн туттабыт», — диэн СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлин солбуйааччыта Юрий Кравцов эҕэрдэ тылыгар эттэ.
Онтон кини мустааччылар сахалыы «Уруй! Айхал!» тылларын, ытыс доҕуһуолларын ортолоругар өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан Нам улууһуттан сылдьар байыаска Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 100 сылыгар аналлаах мэтээли ииллэ уонна хас биирдии анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар бэлэхтэри туттарда. Уолаттар дойдуларыгар тиийэн туһааннаах судаарыстыба наҕараадаларыгар тиксиэхтэригэр эрэлин биллэрдэ.
Салгыы биир дойдулаахтар куорат Выборгскай оройуонугар ааспыт сылга арыллыбыт саха тылын уонна суругун-бичигин төрүттээччи Семен Новгородов аатынан сквергэ тиийдилэр. Манна кинилэр үөрүүлэрин оройуон баһылыгын солбуйааччыта Антон Полянскай уонна оскуола үөрэнээччилэрэ үллэһиннилэр.
«Бүгүн бары саха норуотун чулуу учуонайа, биллиилээх общественнай уонна политическай деятель Семен Новгородов аатынан сквергэ муһуннубут. Кырдьык, ааспыт өттүгэр маны ситиһэргэ, бэлиэ тааһы олохтуурга үгүс быһаарсыы, кэпсэтии, докумуон толоруллуута ыытыллыбыта. Манан үлэ тохтообот, салгыы территорияны тупсарыы үлэтэ күүтэр. Биһиги сквер сахалыы тыыннаах, төрүт истииллээх, инникитин дьон-сэргэ сөбүлээн сынньанар миэстэтэ буолуоҕун баҕарабыт. Онон салгыы өрөспүүбүлүкэни кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээн, саҕалааһыммыт үтүө түмүктээх буолуо диэн эрэннэрэбит. Түгэнинэн туһанан, манна кэлбит анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар дьаһалта уонна олохтоохтор ааттарыттан дириҥ махталбытын, билиниибитин, сыанабылбытын тиэрдэбит. Санкт-Петербург уонна Ленинградскай уобалас госпиталларыгар эмтэниигит этэҥҥэ аастын диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит», — диэн кини эттэ.
Бырааһынньыктааҕы тэрээһин Семен Новгородов аатынан бэлиэ тааска тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруунан, хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.
Ааптар: Анфиса Слепцова, СӨ, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Санкт-Петербург к.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
This post was published on 27.04.2023 10:28 10:28