Сахалар айылҕа көстүүлэрин ааҕа билэллэрэ. Ол билиилэрэ кинилэр олохторун-дьаһахтарын тэринэллэригэр олус туһалыыра. «Айылҕа оҕолоробут» диэн этии бу толкуйу кытта ситимнээх буолуон эмиэ сөп. «Үөрэхтэрэ, үөрүйэхтэрэ» биһиги кэммитигэр тиийэн кэлбитигэр өбүгэлэрбитигэр махтаныах тустаахпыт.
От ыйын 3 күнэ — бу күн ардаатаҕына, ый былаһын тухары ардыа.
От ыйын 7 күнэ — эмтээх оту хомуйар кэм.
От ыйын 12 күнэ — Бөтүрүөп күнэ. От сиэмэтэ ситэр, окко киирии, өҥүрүк куйаас. Бөтүрүөп ардаҕа түстэҕинэ, бурдук, отон, тэллэй дэлэй күһүнэ буолар.
От ыйын 13 күнэ — кунай хотуурдаах күнэ. Бу күн от охсуллубат, «Абааһы мунньахтыыр күнэ» дэнэр.
От ыйын 14 күнэ — бу күн оҕуруот сыыс отун ыраастаатаххына, өлгөм үүнүүнү ылыахха сөп.
От ыйын 21 күнэ — кус оҕото ситэр, дьэдьэн буһар.
От ыйын 21 күнэ — Борокуоппайап күнэ. Кус оҕото ситэр, кэҕэ үчүгэй дьылга Борокуоппайапка диэри этэр.
Самаан сайын — Ыам ыйын 22 күнүттэн от ыйын 21 күнүгэр диэри.
Илгэ сайын — Бэс ыйын 21 күнүттэн от ыйын 20 күнүгэр диэри саары куйааһа.
Ийэ сайын — От ыйын 22 күнүттэн атырдьах ыйын 17 күнүгэр диэри.
Тохсунньу ыйы от ыйа батыһар.
This post was published on 03.07.2024 09:33 09:33