Аҕыйах хонуктааҕыта, “Саха” НКИХ “Аал Луук мас” устуудьуйа салайааччыта Евдокия Избекова уонна оператор Илья Жараев Москваҕа Космонавтары бэлэмниир кииҥҥэ баран кэллилэр. Кинилэр сүрүн сыалларынан — аан дойдуга тиийэ биллэр Ю.А.Гагарин аатынан космонавтары бэлэмниир бэрэбиэркэлиир научнай-чинчийэр киини саха хараҕынан көрдөрүү, биир дойдулаахтарыгар билиһиннэрии итиэннэ Россия дьоруойа, летчик-космонавт Олег Кононенконы кытта кэпсэтии буолар.
Манна даҕатан эттэххэ, 2011 сыллаахха летчик-космонавт Олег Кононенко саха ууһа Реворий Чемчоев оҥорбут хомуһун куйаарга таһааран дьүрүһүппүтэ. Онтон 2015 сыллаахха А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Хомус” хоһоонун ааҕан иһитиннэрбитэ.
— Евдокия Игнатьевна, Космонавтары бэлэмниир кииҥҥэ барыыгыт хайдах саҕаламмытай?
— Былырыын Ил Дархан Егор Борисов ыҥырыытынан Олег Кононенко кэргэнин, оҕолорун кытта Саха сиригэр кэлэ сырыттахтарына, “Сахамедиа” өрөспүүбүлүкэтээҕи иһитиннэрэр-издательскай холдинг Өлүөнэ очуостарынан, Бизонарийынан, Тукулаанынан илдьэ сылдьыбыта. Бииргэ үлэлиир бырайыак быһыытынан, “Саха” НКИХ онно кыттыспыта.
Оччолорго Олег Кононенко космоска уочараттаах олус илистиилээх көтүүтүттэнситэри чөлүгэр түһэ илик кэмэ буолан эбитэ дуу, хайдах эрэ толору арыллан сэһэргэспэтэҕэ.
Арай, биир үтүө күн олунньу бүтүүтэ төлөпүөммэр звонок кэллэ: «Космонавтары бэлэмниир киини кэлэн көрүөххүтүн баҕараҕыт дуо? Кэлиэххитин баҕарар буоллаххына, тута сурукта суруйуҥ”, — диэн космонавт Олег Кононеко илэ бэйэтинэн эрийдэ. Ону истэн туруохпут дуо, уталыппакка сурук ыыта оҕустубут.
Барарбыт-барбаппыт да, Космонавтары бэлэмниир киин көҥүл биэрэрэ даҕаны эрдэ биллибэт этэ. Ол иһин, командировкаҕа сайаапкабытын эрдэттэн суруйбатахпыт. Биир үтүө күн төлөпүөннээн: «Кэлиҥ. Көҥүл биэрдилэр. Кулун тутар 30 күнүгэр, сарсыарда 7 ч 50 мүн “Сулус куоракка” киирэр киин ааҥҥа баар буолуҥ», — диэтилэр. Ити, кулун тутар 23 күнүгэр ыҥырыыбыт быһаарыллыбытын туһунан иһиттибит. Дьэ, биһиги айаннаары сүүрдүбүт-көттүбүт. Журналист олоҕор дэҥҥэ түбэһэр үтүө түгэнтэн үөрдүбүт эрээри, хомойуох иһин, айаммыт харчыта суох буолан биэрдэ. Хата, “Якутия” авиа хампаанньаны кытта кэпсэтэн, кинилэр өйөөн, кыл мүччү барыта быһаарыллан, бэркэ сылдьан кэллибит.
— Дьэ, “Сулус куората” хайдах эбитий?
— Болдьоммут күнүгэр сарсыарда сэттэ аҥаар диэки тиийдибит. Аҕыйах мүнүүтэнэн кэлэн биһигини илдьэ бардылар. Хас даҕаны түһүмэхтээх бэрэбиэркэни ааһан, иһирдьэ киирдибит. Космоска тахсыахтарын иннинэ космонавтар 7 төгүл эксээмэн туттараллар эбит. Ол тургутуу саамай чыпчаала, бүтэһик икки эксээмэн икки күн устата буолар эбит. Биһиги ол түгэҥҥэ түбэһэ тиийдибит.
Сарсыарда 8 ч 20 мүн эксээмэннэрэ саҕаланна. Биһиги муус устар 20 күнүгэр көтүөхтээх экипаж, бэсиһин көтөр Федор Юрчихин (Саха Сиригэр 2011 сыллаахха кэлэ сылдьыбыта) уонна аан бастаан көтөр Джек Фишер (АХШ) Международнай космическай станция орбитаҕа көтө сылдьар станция иһинээҕи эксээмэнин туттаралларын көрдүбүт. Эксээмэннэрэ билиэтинэн. Суукканы быһа сылдьаллар, сорудахтары толороллор, ол быыһыгар хайаан даҕаны биир сорудахтара диэн, араас күчүмэҕэй балаһыанньаны туоратыы буолар эбит. Эксээмэн хамыыһыйатыгар букатын 60-ча киһи олорор. Учуонайдар, Роскосмос салалтата, исписэлиистэр, космическай тиэхинньикэни оҥорбут дьон – бары. Ити сүрүн экипаж эксээмэн туттарар. Ону кытта солбук (дублирующай) экипаж диэн баар (этэҥҥэ буоллаҕына ыам ыйыгар көтүөхтээх). Кинилэр атын саалаҕа, космоска тахсар транспортнай хараабыл тренажеругар эксээмэн туттардылар. Эбиэттэн киэһэ эмиэ штаты таһынан балаһыанньа үөскээбитин быһаардылар.
Космонавтары бэлэмниир кииҥҥэ икки күн устата сырыттыбыт. Бастакы күн биһигиттэн ураты ханнык даҕаны суруналыыстар, туора дьон суохтар. Көҥүллээх буолан, ханна баҕарбыт сирбитигэр барытыгар киирдибит-таҕыстыбыт. Международнай космическай станцияны, модуллары көрдөрөр (түмэл курдук) анал хостоохторугар сырыттыбыт. Салгыы аһаҕас космоска тахсыыга бэлэмниир сирдэригэр тиийдибит. Онно күһүн көтүөхтээх дьон бэлэмнэнэ сылдьаллара. Ити күн Олег Кононенко бэйэтинэн биһигини көрүстэ. Эксээмэн тутар 60 киһилээх хамыыһыйа ортотугар кини эмиэ баар эбит. Инньэ гынан, иллэҥэ суох, чаас аҥаарын эрэ кэриҥэ кэпсэтэҕит диэн эрдэттэн сэрэппиттэрэ. Биһиги дьолбутугар, Олег Дмитриевич транспортнай хараабыл иһигэр киирэн олус сиһилии интервью биэрдэ. Транспортнай хараабыл баара-суоҕа 3 куб миэтэрэ иэннээх бэрт кыбычыын дойду эбит.
— Космонавт тус олоҕун туһунан тугу кэпсиэҥ этэй? Киһи быһыытынан хайдаҕый?
— Олег Дмитриевич олох оҕо эрдэҕиттэн космоһынан үлүһүйбүт. Жуковскай аатынан Харьковтааҕы авиационнай институкка үөрэнэ сылдьан, научнай дакылаат бэлэмнээн, устудьуоннар бүтүн Сойуустааҕы кэмпириэнсийэлэригэрчаҕылхайдык кыттыбыт. Ону таба көрөн, Саратов куоракка баар аатырар ЦСКБ-ПРОГРЕСС-ка (ракетно-космическай научнай кииҥҥэ) үлэҕэ ыҥырбыттар. Аҕыс сыл устата манна сүрүн инженер-конструктор буола үүммүт. Онтон научнай салайааччытыгар космонавт буолар баҕалаах ис санаатын этэн, кини көмөтүнэн уонна алгыһынан, 1996 сыллаахха 32 сааһыгар космонавтар этэрээттэригэр дьэ кэлбит.
Эһиил, 2018 сыл сэтинньитигэр төрдүс көтүүтүгэр барарга бэлэмнэнэр. Олунньуттан саҕалаан эһиилги көтүүтүгэр дьарыга номнуо саҕаламмыт.
Киһи быһыытынан олус көнө, судургу майгылаах. Андрей, Алиса диэн игирэ оҕолордоохтор, бальнай үҥкүүнэн дьарыктаналлар эбит. Кэргэнэ Татьяна Михайловна конструкторскай бүрүөҕэ инженердиир. Уоллара Андрей аҕатын туйаҕын хатаран, космонавт буолар ыра санаалаах.
— Хайдах быһыылаахтык бэлэмнэнэллэр эбитий?
— Эһиил американка Серина Онон-Чэнселлоры уонна канадец Давид Сен-Жагы кытта көтөллөр. Ол иннинэ хас даҕаны түһүмэхтээх бэлэмнэниини ааһаллар эбит. Олунньуга кыһыҥҥы тымныыны тулуйарга бэлэмнэниини ааспыттар. Ол курдук, 48 чаас устата түҥ тайҕа ортотугар түһэрэн кэбиһэллэр эбит. Салгыы ыам ыйыгар муораҕа бэлэмнэниини ааһыахтаахтар. Ити курдук барыта түһүмэх-түһүмэҕинэн баран иһэр.
Үксэ саастаах дьон көтөллөрүн бэлиэтии көрөн ыйыппыппар: «Космоска бэриниилээх эрэ дьон көтөллөр. Кыахтаах эрэ буолларгын, төһө баҕараргынан көтөҕүн. Арай, 35 сааһын ааспыт буолуохтаах. Сорохтор биирдэ көтөн баран тохтоон хаалаллар, атыттар биэс-алта сырыыны оҥороллор. Мин табылыннаҕына хаста да төгүл көтөр былааннаахпын», — диэн санаатын үллэстэр.
— Туох төрүөтүнэн космоска көтүүлэрин тохтотоллор эбитий?
— Олус улахан күүрүү (стресс), радиация буоллаҕа. Бастакы сырыытыгар 3 куб иэннээх транспортнай хараабылынан икки суукканы быһа айаннаан Орбитаҕа тиийбит. Бүтэһик көтүүтүгэр тиэхинньикэ сайдан, алта чааһынан тиийбиттэр. “Транспортнайдара” олус кыараҕас. Киһи тыына-быара хаайтарыах айылаах. Транспортнай хараабыл үс чаастан турар. Аллараа – уматык, ортотугар — люктара, үөһээ – бытовой холлороон (отсек). Бытовой отсекка аһыыллар, утуйаллар. Арыый киэҥ, 6 куб иэннээх эбит.
Орбитаҕа Международнай космическай станцияларын булан, алта ыйы быһа үс буолан онно олороллор.
Аны космоска көтөллөрүгэр бэйэлэрин кытта баара-суоҕа 1 эрэ киилэ таһаҕаһы илдьэ бараллара көҥүллэнэр эбит. Онтон биһиги хомуспут хас кыраамнааҕый? Иккис сырыытыгар Өксөкүлээх кинигэтин илдьэ көппүтэ. Онон хас биирдии кыраама учуоттанарын кытта аахсыбатах.
— Саха сирин, сахалар тустарынан туох санаалааҕый?
— Саха сирин олус сөбүлээбит. Уопсайынан, Саха сирин кытта алтыһан ааспыт эбит. Ол курдук, космонавка хандьыдаат быһыытынан тымныыны тулуйар тургутууну 1997 сыллаахха Тиксиигэ ааспыт эбит. Миигин кытта операторынан барсыбыт, оччолорго Тиксиигэ үлэлээбит Илья Жараев устубут. Онон дьылҕа анаан оҥорбутунуу сөп түбэһэр түгэнэ тосхойдо.
Ити курдук, бэрт элбэҕи билэн-көрөн кэллибит. Космонавтары бэлэмниир кииҥҥэ сырыыбыт, Олег Кононенконы кытта сэһэргэһиини муус устар 12 күнүгэр (сэрэдэҕэ) “Саха” НКИХ күнүс 12 ч 15 мүн, Саха 24 ханаалга 21 ч 30 мүн көрөөрүҥ.
This post was published on 11.04.2017 10:13 10:13