Дойду президенэ Владимир Путин 2020 сыл муус устар 24 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии түмүктэммит күнүн балаҕан ыйын 3 күнүгэр бэлиэтиир Ыйаахха илии баттаабыта. Бу күн Воинскай килбиэн — Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүнэн биллэр. Саха сирин дэлэгээссийэтэ бу күнү Ильмень күөл үрдүгэр көрүстэ.
Быйыл аан дойду үрдүнэн Улуу сыл — уоттаах-уодаһыннаах сэрии түмүктэммитэ 75 сыллаах үбүлүөйэ. Ордук Россия сиригэр-уотугар бу бэлиэ даата киэҥник бэлиэтэнэр. Сыл устата араас хабааннаах тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар.
Сэрии бүппүтэ дииргэ дөбөҥ. Өссө даҕаны суорума суолламмыт, сураҕа суох сүппүт буойуттар өлүктэрин көрдөөһүн ыытылла турар. Маныаха дойду Оборуонаҕа министиэристибэтэ «Мемориал» бырайыагы тэрийэн үлэлэтэр. Бу сэрии толоонугар охтубут, сураҕа суох сүппүт буойуннар дааннайдарын түмэр анал сайт буолар. Манна аймахтарын булуон баҕалаах дьон киирэн ытык киһигит аатын-суолун, төрөөбүт сылын, сыбаанньатын суруйан көрдөөн көрүөххүтүн сөп. Күннэтэ саҥаттан-саҥа ааттар киирэ тураллар.
Сахабыт сирин историятыгар үгүс өлүүнү аҕалбыт Ильмень күөллээҕи кыргыһыы буолар. 1943 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр хас даҕаны сүүс саха буойуна күөлү туораан иһэн үөһэттэн өстөөх ытыалааһыныгар түбэһэн, муус анныгар былдьаммыта. Кинилэр сырдык тыыннарын кэриэстээн Новгородскай уобалас сиригэр-уотугар хас даҕаны сиргэ мемориаллар туруоруллубуттара.
Балаҕан ыйын 3 күнүгэр Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн Санкт-Петербург куораттан Саха сирин дэлэгээссийэтэ Новгородскай уобалас Нагово сэлиэнньэтигэр бырааттыы могилаҕа тиийэн, «Старая Русса» МТ тэрийбит миитинигэр кыттыыны ылла. Манна эҕэрдэ тылы РФ Президенин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Кравцов эттэ, СӨ Ил Дарханын Махтал суруктарын уонна анал бэлиэлэрин «Старай Русса» МТ, Нагово нэһилиэк дьаһалталарыгар уонна Хотугулуу-Арҕаа фронт Музейын кэлэктиибигэр туттартаата.
Дэлэгээссийэ Саха сириттэн Новогород сиригэр-уотугар, Ильмень күөлгэ суорума суолламмыт буойуннарга аналлаах мемориалга сылдьан тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурда, үгүс дьон долгуйан туран тыл эттэ. Манна Аҕа көлүөнэттэн саҕалаан оҕотугар тиийэ кэлэн, саха дьоно түмсүүлээхтэрин, дойду историятын ытыктыылларын көрдөрдүлэр.
Бу күн Хаҥалас улууһун Улахан Ааныттан сэриигэ барбыт Давид Константинович Христофоров бииргэ төрөөбүт эдьиийинэн сиэнэ Евдокия Ноева долгуйан туран санаатын кытта үллэһиннэ:
— Ааспыт сылга диэри сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕылла сылдьыбыт аймахпыт, эбээм соҕотох быраата Улуу Ильмень кыргыһыытыгар охтубутун туһунан билэн, олус долгуйбуппут. Ол да иһин быһыылаах, Санкт-Петербурга көһөн олоруохпуттан сыллата сахалар түмсэн Старай Русса оройуонугар баар ытык сирдэргэ кэлэрбитигэр хааным тардар курдуга. Биллибитин курдук, бу сиргэ-уокка ытык киһибит охтубут эбит. Бу диэн эттэххэ, 2000 сылга диэри манна гиипсэттэн оҥоһуллубут саллаат турара. Ону Саха сирин уопсастыбаннаһа Бырабыыталыстыба иннигэр туруорсан, билигин киһи кута-сүрэ тохтуур, долгуйа кэлэр ытык Мемориаллаахпыт. Онон сыллын аайы Сахабыт сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ тэрийэр айаннарын долгуйа күүтэбит.
Мемориалы таһынан Саха сириттэн сылдьар биир дойдулаахтар Ильмень күөл үрдүгэр саҥардан оҥоһуллан туруоруллубут сэргэҕэ тиийэн сибэкки уурдулар. Ол курдук 1958 сыллаахха Ильмень кыргыһыытын кыттыылаахтара туруорбут сэргэлэрэ кэм-кэрдии, тыал-куус сабыдыалыгар оҕустаран самныбытын сөргүтэн, быйыл олунньу ыйга Ньурба улууһун Маар сэлиэнньэтиттэн Ксенофонт Васильев уонна Август Михайлов кэлэн бэйэ баҕа өттүнэн Дьөһөгөй оҕото бэлиэлээх сэргэни туруорбуттара историяҕа дириҥ ытыктабыл быһыытынан сыаналанаыҕын сыаналанар.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии түмүктэммит күнүн бу курдук бэлиэтээтибит, атаардыбыт. Маннык тэрээһиннэр хас биирдии киһи история чахчыларын умнубаппытыгар туһалаахтарын, дойдуга тапталы, өбүгэлэргэ ытыктабылы аҕалаллар.
This post was published on 04.09.2020 17:01 17:01