Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө 1912 сыллааҕы сахалар бастакы сийиэстэригэр ананар саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Саха бастакы национальнай интеллигенциятыгар анаммыт серия үһүс кинигэтэ аҕыйах хонуктааҕыта Екатеринбург куоракка бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ биир уопсай тиэмэнэн үс туспа таһаарыы түмүллүбүт.
Бастакытынан историческай наука кандидата, доцент Семен Ипатьевич Ковлеков «В.В. Никифоров и съезд якутов 1912 года» диэн 1996 сыллаахха таһаарбыт уонна бу сийиэс үлэтин, суолтатын үөрэтиигэ анаммыт кинигэтэ киирбит.
Сахалар бастакы сийиэстэригэр барыта 80 киһи, оччотооҕу кэм чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ – аҕа уустарын, нэһилиэктэр, улуустар, уопсастыбалар баһылыктара, учууталлар, быраастар, атыыһыттар, араас рангалаах чунуобунньуктар мустубуттар. Кинилэртэн үгүстэрэ Саха сиригэр эрэ буолбакка, уобалас тас өттүгэр биллибит дьон этилэр. Саха бас-көс дьонун түмээччинэн Василий Никифоров-Күлүмнүүр буолбут. Өрөбөлүүссүйэ, сэриилэр, репрессия сылларыгар 1912 сыллаах сийиэс кыттыылаахтарыттан үгүстэрэ ыар дьылҕаламмыттара. Үгүстэрин сырдык аата кэлин тиллибитэ, ол эрээри билигин да сорохторо умнууга сылдьар. С.И. Ковлеков бэйэтин үлэтигэр кинилэр ааттарын чөлүгэр түһэрэр уонна салгыы дьылҕалара хайдах буолбутун чинчийэр, быһаарар соругу тутуспатаҕа.
Бу тиэмэни арыйыыга саҥа кинигэҕэ иккис түһүмэх быһыытынан Ирина Леонидовна Романова чинчийиитэ ананар. Кини «Ил Түмэн» хаһыакка хас да сыл устата «Лики истории» историческай-чинчийэр бырайыагы толкуйдаан, ыстатыйалары суруйан таһаартарбыта. Бу тиэмэҕэ ылсарыгар төрүөтүнэн 1912 сыллааҕы сийиэс кыттыылаахтарын хаартыската буолбута. Хаартыска дьиҥнээҕэ Ем.Ярославскай аатынан музейга харалла сытар. Ирина Романова бу хаартыскаҕа түспүт 66 киһиттэн 36 киһи кимин-тугун билэн, олохторун кылгастык биир-биир ойуулаабыта.
Сахалар сийиэстэрин тэрийээччилэр көрдөһүүлэринэн ол саҕанааҕы биллэр фотограф, сыылынай Василий Приютов түһэрбит сэдэх хаартыскатыгар историяны сэргээччилэр, чинчийээччилэр, кыраайы үөрэтээччилэр оччоттон-баччаҕа диэри болҕомтолорун уураллара. Делегаттар тустарынан бастакы, толорута суох испииһэк хаартыскаҕа уонна куоппуйаларыгар баара. Хаартыскаҕа баар сийиэс кыттыылаахтарын ааттарын Г.Р.Кардашевскай, Г.В.Данилов, Н.Г.Сергеев, П.П.Петров, А.Н.Жирков уо.д.а. барыларын кэриэтэ быһаарбыттара. Онуоха ити каадырга 4-с эрээккэ хаҥастан 13-с турааччы ким буоларыгар мөккүөр баара. Ирина Романова ол биллибэт киһини быһаарыыга тоҕоостоох сабаҕалааһыны оҥорбута. Маны таһынан өссө биир киһи туһунан чуолкайдаан биэрбитэ. Түмүгэр хаартыскаҕа үйэтитиллибит 1912 сыллааҕы инородческай сийиэс делегаттарын толору испииһэгэ бүгүҥҥү күҥҥэ балайда дьэҥкэтик көһүннэ диэх тустаахпыт.
Саҥа кинигэҕэ үһүс түһүмэҕинэн атырдьах ыйын 15 күнүттэн балаҕан ыйын 2 күнүгэр диэри ыытыллыбыт Саха сирин уобалаһын инородческай сийиэһин боротокуоллара тиһиллибиттэр. Сийиэс боротокуолларын, уураахтарын, быһаарыыларын бэчээккэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр бэлэмнээбит.