«Сахаэнерго» уу суолунан Алдан, Өлүөхүмэ улуустарыгар уматыгы тириэртэ

«Сахаэнерго» кыһыҥҥы суолунан оттугу тиэйии үлэтин бэрт ситиһиилээхтик тумуктээт, аны уу суолунан ДЭС-тэргэ оттугу таһар күүстээх үлэтэ саҕаланна. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Хампаанньа, навигация эппиэттээх сайыҥҥы ыйдарыгар, 64 тыһ.тоннаттан тахса дизельнэй уматыгы 23 улууска тириэрдэр улахан соруктаах. Тэрилтэ уотунан хааччыйыыга анаммыт уматыгы 4 млрд. 086 мөл. солк. атыыласта.

Бастакы танкердар Өлүөхүмэ улууһугар 1570 тонна уматыгы тиэйэн илтилэр. Бу уматык Өлүөхүмэ куораты, Мача, Токко, Чапаево нэһилиэктэри уотунан хааччыйарга ананар. Салгыы танкердар Эдьигээн улууһун хайысхатын туттулар. Кинилэр Эдьигээн бөһүөлэгэр, Кыстатыам, Бэстээх курдук кытыы нэһилиэктэргэ оттугу тиэнэн иһэллэр.

Дизельнэй уматыгы тиэммит 3 танкер Өлүөнэ өрүһүнэн устан Алдан сирин кытылыгар тигистилэр. Кинилэр Алдан улууһун Кутана, Чагда, итиэннэ Уус Майа улууһун Уус-Миль, Элдьикан ДЭС-тэрин уматыктарын толору сүөкээтилэр.

Быйылгы сылга «Сахаэнергоҕа» 6 улуус дизельнэй электростанцияларын холбообут буоланнар, уматыгы тиэйэргэ Покровскайдааҕы уонна Эльдиканнааҕы нефтебазалар эбилиннилэр.

Бэс ыйын бастакы күннэригэр Дьааҥы өрүһүнэн уматыгы тиэйии саҕаланна. Үөһээ Дьааҥы улууһугар 9500 тонна дизельнэй уматыгы тиэйиэҕэ.

Тэрилтэ уматыгынан хааччыйыыга дириэктэрэ Сергей Куртуйаахап кэпсииринэн, навигация кэмигэр саҕаланна, энергетиктэр үлэни балаҕан ыйыгар үмүрүтэр соруктаахтар. «Ол эрээри күн-дьыл туруга уонна уу таһыма үлэҕэ-хамнаска мэһэйи үөскэтиэн сөп. Быйыл өрүстэр уулара аҕыйах», — диир кини.

Хоту сири электроэнергиянан хааччыйарга анаммыт дизельнэй уматыгы «Сахаэнерго» ВОСТЭК, Москватааҕы оттук хампаанньата, «Сургутнефтегаз» уонна «Ирэлээхниэп» тэрилтэлэртэн атыыласта.

This post was published on 03.06.2016 11:15 11:15