23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

«Сахаэнерго» 23 улууска уматыгы тиэйэр

10:05, 17 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Сахаэнерго» 23 улуус дизельнэй электростанцияларыгар уматыгы тиэйэр эппиэттээх үлэтэ салҕанар. Уматыгы тириэрдиигэ 59 массыына таҕыста. Ону таһынан«Энерготранснаб» диэн уопуттаах хампаанньа үлэлэһэр.


Энергетиктэр кыьыҥҥы суолунан 137 дизельнэй электростанцияҕа анаан 24 тыһ. туоннаттан тахса дизельнэй уматыгы, 21 тыһ.туонна таас чоҕу, 103 туонна ниэби тириэрдэр соруктаахтар. Уматыгы кэккэ 1 тыһ.туонна өрөмүөн үлэтигэр, энергоэбийиэги, уот ситимин тутууга наадалаах матырыйаал улууска тиийиэхтээх. Саамай улахан кээмэйдээх таһаҕас Үөһээ Дьааҥы, Муома, Өлөөн уонна Усуйаана улуустарыгар тиэрдиллиэхтээх.

«Сахаэнерго” уматыгынан хааччыйыыга дириэктэрэ Сергей Куртуйаахап: «Быйыл сылаас кыһын буолан, суол хойут турда. Күн-дьыл хойутаан, Аллараа Халыма уонна Чокурдаах эҥэр улэ саҥа саҕаланна. Уматыгыгы тиэйэргэ суол мөлтөҕө мэһэй буолар. Саамай уустук учаастак – Алдан улууһун Угояныгар тириэрдэр суол. Манна улахан таһаҕастаах массыына кыайан айанныыр усулуобуйата суох. Суол мөлтөҕүттэн техника элбэхтэ алдьанар. Бу кыһалҕа ордук Эбээн-Бытантайга сытыы. Быйылгы сылтан «Сахаэнергоҕа» холбоммут 21 ДЭС-ҕа бастакыбытын уматыгы тиэйэбит. Манна кыараҕас муоста элбэҕэ улахан техникэни аһардыбат. Онон ыраах сиринэн эргийэн барарга күһэллэбит. Онон бириэмэҕэ да, уматыкка да сүүйтэрэбит».

Үгүс уустук да баар буоллар, «Сахаэнерго» уопуттааах үлэһиттэрэ муус устар бүтэһигэр диэри үлэлэрин бүтэрэри былаанныыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ соруктан 30 бырыһыана туолла.

«Сахаэнерго» пресс-сулууспата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА