Сахабыт сирэ Владимир Путин ыйаахтарын толорууга иккис миэстэҕэ таҕыста

Саха сирэ олунньу ый түмүгүнэн, Владимир Путин маайдааҕы ыйаахтарын толорууга иккис миэстэҕэ сылдьар. Миэстэлэри «Медиалогия» хампаанньа таһаарда. Олунньу 26 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри Нерюнгри оройуонугар сылын аайы буолар Саха Өрөспүүбүлүкэтин отчуота ыытыллыбыта. Үлэлиир бөлөҕү Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин салайбыта.


Миэстэтэ

 Эрэгийиэн

МедиаИндекс

1

Карелия

631,0

2

Саха сирэ

629,1

3

Псков уобалаһа

470,0

4

Брянскай уобалас

355,0

5

Дагестан

321,0

6

Калуга уобалаһа

301,0

7

Чувашия

243,0

8

Москва уобалаһа

179,0

9

Ненецкэй АУо

167,0

10

Ставрополь кыраайа

159,0

2017 сылга олох-дьаһах уонна хомунаалынай хаһаайыстыба эйгэтигэр элбэх үлэ ыытыллыбыта бэлиэтэннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин урбааҥҥа уонна инвестиционнай сайдыыга министиэристибэтэ биллэрбитинэн, Алдаҥҥа, Намҥа, Ленскэйгэ, Чурапчыга, Хаҥаласка, Нерюнгрига уонна Ньурбаҕа саҥа концессионнай сөбүлэҥ түһэриллиэхтээх. Сөбүлэҥ чэрчитинэн, чааһынай урбаанньыттар итии, уунан хааччыйар уонна ууну сүүрдэр эбийиэктэри тутуохтаахтар.

Маны таһынан, Евгений Чекин Өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан 30 тыһыынча киһи, ол иһигэр 8 тыһыынча киһи Нерюнгри оройуонун олохтоохторо хаарбах туруктаах дьиэттэн саҥа дьиэҕэ көстүлэр диэн бэлиэтээтэ.

This post was published on 21.03.2018 14:00 14:00