Сахабактисубтил пробиотигы киэҥник туһанары бэтэринээр быраас сүбэлиир

Өрөспүүбүлүкэ практическай ветеринарнай сулууспалара күннэтэ элбэх үлэни ыыталлар. Уус Алдан  улууһун  ветеринарнай  сулууспатын үлэһиттэрэ, Саха  сиринээҕи  Тыа  хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр  института олохтоох  айылҕа почваларыгар баар Bacillus subtilis  диэн бактерия  көрүҥнэрин (штамнарын)  киэҥник  үөрэтэн,  хас   да  араас  пробиотиктары  оҥорон  таһаарбытын, сэргээбиппит.


СИА-ҕа Уус Алдан улууһун ветеринарнай управлениетын начальнигынан үлэлээбит (2001-2019 сс.), Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, бэтэринээр быраас Васильева Ирина Ивановна пробиотиктар тустарынан кэпсээтэ.

Бу  пробиотиктар  күн аайы  баар,  көстөр  ыарыыларбытыгар  көмөлөһөр  толору   кыахтаахтарын  ордук  сэҥээрбиппит.  Ол  курдук   ыччат  сүөһү   ис-үөс   ситимин    ыарыытыгар,  эндометрит,   мастит,  сылгы  хабарҕаһыт   ыарыытыгар,  ириҥэлээх  аһаҕас  баастары  эмтээһиҥҥэ,  обмен  веществ  кэһиллиитигэр  уонна   түүнүктээх   оту  сиэһиҥҥэ  тэллэй  дьаатынан  сүһүрдүүнү  аччатарга,  окко  тарҕатан  кутуунан  сылгы,   сүөһү  иммунитетын  күүһүрдүүгэ  курдук   эмтиир-сэрэтэр  үлэбит    көрүҥнэригэр   туһалаах  буолуоҕун  ордук  тоһоҕолообуппут.

2012-2013 сылларга өрөспүүбүлүкэбит тыатын  хаьаайыстыбатын  министерствотынан  үбүлэнэн,  сахабактисубтил  пробиотигы  саҥа  төрүөххэ  уонна эмтиир-сэрэтэр   үлэлэргэ   туттарга  анаммыт  улахан  дьаһаллар  кэлбиттэрэ.  Биһиги  улууспутугар   үөһэ  этиллибит   сылларга  барыта  2000 доза  кэлэн,   ветеринарнай   учаастактарынан,  пууннарынан  түҥэтиллибитэ. Ити сылларга «форма-2 вет»  сыстыгана  суох  ыарыылары  эмтээһини  көрдөрөр  отчуокка  көстөрүнэн,  2012  уонна  2013  сылларга  барыта   4032  төбө  сүөһү  ыалдьыбыта   регистрацияламмыт,  ол  иһиттэн  2104  төбө  сүөһүгэ    оһоҕос-куртах  ситимин   ыарыыта  бэлиэтэммититтэн,  1176 төбө  саҥа  төрүөх  ньирэйдэр   ыалдьыбыттара,   үксүн   сыптарыйан,  салгын   хаайтаран,  куртаҕа  моһуогуран  ыалдьаллар. Улахан  уонна  ыччат  сүөһүлэр  ханныларынан,  оһоҕосторунан  моһуогураллар. Ону  кытта  тэҥҥэ  сөтөл,  тымныйан  ыалдьыы 390  түгэнэ,   ол  иһиттэн  276 төбө  ньирэйдэр ыалдьаллара  уонна   обмен  веществ   кэһиллэн, уопсай  туруга  мөлтөөн,  ыччат   сүөһү  369   төбө  булуллубутуттан,  47  саҥа  төрүөххэ  көстөр. 611  мастит  түгэнэ уонна  ыараханнык  төрөөһүн,  «послед»  хаалыытын  түмүгэр  ынах,  биэ   төрүүр-ууһуур  органнарын  584  ыарыыта  регистрацияламмыта.

Итинник түбүктээх   сыстыгана  суох  ыарыылары  эмтии-томтуу  олорор  сулууспаҕа  икки  сыл  устата  2000   доза   сахабактисубтил  пробиотига  кэлбитин,  25  учаастакка,  пууннарга 4-түү   флакону (800 мл)  түҥэтиллибитэ. Онон  хас  биирдии  учаастак,  пуун  заведующайдарыгар  уопсай  балаһыанньаны   көрөн  тутталларыгар  сүбэлээбиппит.  Сүөһү  хаһаайыттарыгар  кэпсээн,  элбэх  тэрээһин  үлэлэр  тэриллибиттэрэ,  ол курдук ордук  саҥа   мөлтөх  төрүөххэ  уонна  биирдиилээн   ыалдьыбыт  сүөһү   диагноһынан көрөн   тутталларыгар  ыйыллыбыта.

Сахабактисубтил  пробиотик  туттуу   рекомендациятынан   ыалдьыбыт  сүөһүгэ  10  мл  раствору  туттууттан  саҕаланар   уонна   ыарыы  аайы  тус-туспа   буолар.  Онон  учаастактар,   пууннар  үлэһиттэринэн   ылбыт   800  мл  пробиотик  суурадаһынын олох   аҕыйах   ыарыһах   сүөһүнү  эмтээһиҥҥэ    тутуллубута  эрээри,  үлэһиттэрбит   кэтээн  көрүүлэрин  түмүгэр  сахабактисубтил  пробиотик    туһалааҕа,   көмөлөһөрө   тута  биллэн,   ветеринарнай   специалистар  ортолоругар   уонна   сүөһүлээх   дьон  сэҥээриилэрин  ылбыта.

Сыырдаахтааҕы  ветеринарнай   учаастак  заведующайа  Лебедева  Лидия  Гаврильевна  бииргэ    үлэлиир   коллегаларын     кытта   бэриллибит  800  мл пробиотыгы  15  мөлтөх  сыптарыйбыт    саҥа  төрүөх  ньирэйдэргэ  дизбактериоһы   профилактааһыҥҥа  10-нуу  мл  иккилиитэ  иһэрдэри,  13   төбө  обмен  веществ  кэһиллиилээх,   ырыганнаабыт  ыччат   сүөһүнү   эмтээһиҥҥэ   10-нуу  мл  үстүүтэ  биэрэн  туттары   уонна   5  төбө  убаһа  хабарҕаһыт  ыарыытыгар   ыалдьыбыттарын  5-тии  мл   муннуларыгар   иккитэ  кутан   эмтээн  үтүөрдэри   ситиһэллэр.  Лидия  Гаврильевна    пробиотыгы   туттуу   кэннэ,  олох  сотору   туһалыыра  биллэр  эбит  диэн  бэйэтэ  кэтээн  көрбүтүн  сөҕөн  кэпсиир.

Өнөрдөөҕү  ветеринарнай  учаастак  заведующайа Афанасьева   Анна  Федоровна  кэпсииринэн,  тыырыллыбыт  800  мл  сахабактисубтил   пробиотигы  мөлтөх   саҥа  төрүөххэ   уонна  ырыганнаабыт  ыччат  сүөһүлэргэ,  тыйдарга    10-нуу  мл  иккилиитэ туттаннар,  ол  саас ыччат   сүөһү  өлүүтэ-сүтүүтэ биллэ  аччаабыт.  Сүөһүлээх  хаһаайыттар  сүрдээҕин   сэҥээрэн,  бу  кэккэ  сылларга  бэйэлэрэ  быһаччы   институттан   ылан  тутта  олоробуттар. Ол  курдук  2015  сылга  600  мл  сахабактисубтил   пробиотыгы  ылан  18  ньирэйгэ  уонна  кулунчукка   обмен  веществ   кэһиллиитин   уонна  ырыганнааһыны   утары  эмтээһиҥҥэ  туттубуттар.  2018  сылга  12  тыйдар  туруктара    мөлтөөннөр  хаһаайыттар  800  мл  пробиотигы  институттан  ылан  иһэрдибиттэрэ,  кыстыгы  бэркэ  туораабыттара.  Онон  биһиги  нэһиэлэк  дьоно  сахабактисубтил  пробиотигы  бэркэ  билэллэр уонна  өссө  дэлэйдик  туттуохтарын,  куруутун  харчы  боппуруоһугар  тиийэн  иннэ  тураллар  диэн  түмүктүүр   Анна  Федоровна.

Танда  уонна  Суотту  ветеринарнай  учаастактара   ылбыт  800-үү   мл  пробиотиктарын  бэйэлэрин  дэриэбинэлэригэр  баар  улахан  хаһаайыстыбаларыгар  «Танда» (СПК) тыа  хаһаайыстыбатын  производственнай  кооперативыгар   уонна  «Лена» (КП)  коллективнай  производственнай  хаһаайыстыбатын  саҥа  төрөөбүт  ньирэйдэригэр   ис  ыарыытын  профилактикалааһыҥҥа,    эмтээһиҥҥэ   тутталлар  уонна    ньирэйдэр  тута  сэргэхсийии  бөҕө   буолан,  биһиги  үлэһиттэрбит  олус  сэҥээрэн,   тустаах  хаһаайыстыбалар   салайааччыларыгар   эбии  ылан  туттарга  рекомендациялыыллар. Ол  сыл    «Танда»  СПК   салайааччыта   Хомподоев  Н.С.   400  мл   уонна  «Лена»  КП  салайааччыта  Портнягин  И. С.   1500  мл  сахабактисубтил   пробиотигы  булан  аҕалан,  элбэх  төрүөххэ  тутталлар,  сайылыкка  этэҥҥэ  көһөллөр.  Улахан  хаһаайыстыбалар  кыһалҕалара   элбэх  буолар,  онон  кэнники  сылларга  үбүлээһинэ  кыаттарбакка,   сахабактисубтил  пробиотигы  туттуу  мөлтөөбүтэ.

2013 сылтан  сахабактисубтил  пробиотигы  үбүлээһин  өрөспүүбүлүкэбит  тыа  хаһаайыстыбатын  министерствотынан   тохтотуллар.  Сүөһүлээх дьон  сөбүлээн, өссө  мөлтөх  сылгыны,  убаһаны  аһатыыга  туттан көрөн,  элбэхтик  ыйытар,  көрдүүр буолбуттара. Биһиги  ЯНИИСХ  институтугар  быһаччы  тахсан   атыылаһалларыгар   рекомендация  биэрэн,  кэккэ  сылларга  биирдилээн  дьон  атыылаһан  туттубуттарын  туһунан  истэ-билэ  олорбуппут  эрээри,   төһө  пробиотик  ылыллыбытын  этэр  кыахпыт  суох.

Олохтоох  ветеринарнай   сулууспанан  көрөн-истэн  олорор  улууһун  сиригэр-уотугар  сыстыганнаах   уонна  элбэх  төбөнү  хабан  тарҕанар  сыстыгана  суох   ыарыылар  турбаттарын  туһугар  оҥоһуллар  тэрээһиннэр  оҥоһуллубуттарын   үрдүнэн,   биһигиттэн  тутуллубат   элбэх  итэҕэс  тэрээһиннэр  таҕыстахтарына,   хомолтолоох  да  мүччүргэннээх   да  балаһыанньалар  буолааччылар. Биир  оннук  түгэни  ахтан  ааһарым  тоҕоостоох  дии   саныыбын.

2013  сыл  сэтинньи 23-26  күннэригэр Уус Алдан  улууһун  Арыылаах  дэриэбинэтигэр  сабыс-саҥа  тутуллубут  сүөһү иитэр  комплексыгар  Бурятияттан  150  төбө  кыһыл-истиэп  боруода  ынах  сүөһүлэр  кэлбиттэрэ. Кыстык  саҕаламмыт  кэмэ буолан, сүөһүлэр  тута  комплекс  хотонугар  киирбиттэрэ  уонна  бааллыбат  буолан  икки улахан  бөлөххө арахсан  хааллыбыттара,  харантыын тэрээһиннэрэ  саҕаламмыта.

Улахан тымныылар  түһэн  барбыттара,  комплекс  ситэ  оҥоһуллубатах  итэҕэстэрэ   биллэн,  уунан хааччыйыы,  сүөһү  сааҕын  хомуйуу   тохтуу-тохтуу  барбыта,  үлэһиттэр  тиийбэттэрэ,   сүөһү   аһылыгын  хаачыстыбата  мөлтөҕө   барыта  түмүллэн,  төрүү  турар  сүөһүлэр  туруктарын  хамсатан,  саҥа  төрөөбүт  ньирэйдэрбит   ыалдьан  барбыттара.

2014  сыл  ахсынньы  24  күнүгэр  барыта  151  төбө  төрүөх (2013 сылга 28 төбө,  2014  сылга  123 төбө,  2014  сыл ахсынньы  ыйга 3  төбө  бэйэбит  сиэмэлээбит  сүөһүлэрбит)  төрөөбүтүттэн  30  ньирэй  ыалдьан  өлбүтэ  уонна  9  улахан  сүөһү  араас  биричиинэнэн  эмиэ  туораабыттара.  Онон   сыл  түмүгэр  146  төрүөҕү  ылбыттара.

Бу  146  төрүөх  тыыннаах  хаалалларын  туһугар,  элбэх  тэрээһин  үлэ  барбыта. Биһиги  сулууспабыт  сыстыганнаах  ыарыы  турбатын  туһугар,   элбэх  үлэни  тэрийбиппитин билигин  кистээбэккэ  күүскэ  этиниэхпитин  сөп. Өлбүт  ньирэйдэртэн  ылбыт  патологическай  материаллары  улуус  ветеринарнай  лабораториятыгар  өрүү  чинчийэ  олорбуппут.  Киһи  дьиксиниэх  эшерихи  коли,  цитробактерферинда,  клипсиеллатерригенс  бактерияларын  була  олорбуппут. Ыалдьар  ньирэйдэрбит  сыптарыйаллар,  сөтөллөллөр,  сүһүөхтэрэ  иһэн  көйөн тахсар  этэ.  Өлбүт  ньирэйдэри  аһан  көрүүгэ үксүгэр   куттахтара,  оһоҕосторо,  тыҥалара  ириҥэлээх  гемогарическай  воспалениелаах  буолаллар. Ол эрэн  колибактериоз,  сальмонеллез, диплококковой  инфекция курдук  ыарыылары  бактериологическай  чинчийии бигэргэппэтэҕэ.  Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи  ветеринарнай чинчийэр  лабораторияҕа  эмиэ  тэҥҥэ  патологическай  матырыйаал  ыытан чинчийтэрэ  олорбуппут,  кинилэр  эмиэ  инфекционнай  ыарыы  суох  диэбиттэрэ.

Эмтиир  үлэбитигэр  бутуурдаах  уонна  ыксаллаах  балаһыанньа  үөскээбитэ. Бэйэбитигэр  баар  туттуллуон  сөптөөх  антибиотиктарынан,   витаминнарынан, раствордарынан  эмтии  олорбуппут,  күүстээх  текущай  дезинфекциялары  оҥорбуппут. Хааннарын,  ууларын,  отторун, уотурбаларын  биохимическай  чинчийиинэн  хонтуруоллаабыппыт.  Улахан  ынахтарга  20  төбөлөөх  хонтуруоллуур бөлөх  тэриллибитэ,  2013  ахсынньы    ыйга  уонна  кулун   тутар  саҥатыгар   2014   сылга   20  төбөбүтүн  биохимическай  чинчийиинэн   тэҥнээн  көрбүппүт,   чинчийэр  бары  көрдөрүүлэрбитин  белокка,  каратиҥҥа,  кальцийга,  фосфорга   улахан  намтааһын,  таҥнары түһүү  бэлиэтэммитэ. Ол курдук  харантыын  норманан  0.4-1.0  мг бырыһыан  буолуохтааҕын  0,14-0,18  мг  бырыһыан,  итинник  курдук  намтааһын  20  төбө  ньирэйбит  хааныгар  эмиэ  көстөрө.  Ыксаллаахтык  элбэх  тэрээһин  үлэни  ыыппыппыт.  Ол курдук  55  дьааһык фелуцен  диэн  битэмииннээх  туустары  салаттарбыппыт,  мөлтөх  172 төбө  сүөһүлэргэ  витаминизация, 113  төбө   ньирэйгэ  селенизация  оҥорбуппут  туһалаабыта  дии  саныыбын.  Ол  эрэн  ыалдьар  ньирэйдэрбит  өрүттэн  испэтэхтэрэ.

Уопсай  сүбэнэн  суһаллык  бииргэ  үлэлии  олорор   Саха  сиринээҕи   Тыа  хаһаайыстыбатын  научнай-чинчийэр   институтун  ветеринарияҕа  салаатын  салайааччытыгар  профессорбытыгар  Неустроев  Михаил  Петровичка  эрийэн,  уопсай  балаһыанньаны  билиһиннэрбитим.  Михаил  Петрович  миигин  сэрэппитэ,   вируснай инфекционнай  ринотрахеит  ыарыыта    көбүөн  сөп,  ити ыарыыны  үксүгэр    сүөһүлэр  илдьэ   кэлээччилэр   уонна  иммунитеттара  хамсаата  да  тахсан  кэлээччи  диэн.  Онон антибиотигынан  эмтээһини  кытта   тэҥҥэ,   иммунитеты   көтөҕөр   пробиотик  туттуохха  наада,   биһи  көмөлөһөн  сахабактисубтил  пробиотик  ыытыахпыт  диэбитэ. Инструкцияны  тутуһан  туттуҥ,  кытаатыҥ  диэбитэ. Олох  түргэнник  барыта  300   доза    (3 л) сахабактисубтил  пробиотик  ыыппыттара. Сүөһүлээх  тэрилтэбит  «Быйаҥ»   780  дозаны  эбии булан  биэрбитэ. Ыалдьа   турар  90  ньирэйбитигэр  иһэрдиини  саҕалаабыппыт.  Уонча  хонук  иһинэн,  киһи  сөҕүөх,   ньирэйдэрбит  сэргэхсийэн  барбыттара,  сайылыкка  тахсарбытыгар ыалдьыбыт  90  ньирэйбититтэн 5  эрэ  ньирэйи  сүтэрбиппит. Онон  иһэрдибит  сахабактисубтил  пробиотикпыт  көмөлөспүтэ  мөккүөрэ  суох  чуолкай  уонна  маннык   туһалаах  пробиотигы  айбыт  Саха  сиринээҕи  Тыа  хаһаайыстыбатын  институтун  сотрудниктарыгар,  коллегалабытыгар  махталбыт  улахан.

Бу   кэнники   уонча   сыл  устатыгар   үүт  туттарыытын  боппуруоһугар,   улахан   эппиэттээх   бактериологическай   чинчийиилэри   оҥоро  олорор   сулууспа  быһыытынан,  үүт   хаачыстабатын  тупсуутугар  кэккэ   санаалар   уонна  кыахтар  баалларыгар  тохтуохпун  баҕарабын. Сылын  аайы   үүт   туттарыы   кэмигэр,      мастит   ыарыыта  арахсыбат,  туттарар  үүккэ  мастит  бактериялара  көстөн,   быстах  кэмҥэ  хааччахтааһын,  эмтээһин,  хаттаан  лабораторияҕа   чинчиттэрии  элбэх  сыраны,  бириэмэни   ылар, былааннаах   үүт  туттарыыта  тардыллар   уонна   үүппүт  хаачыстыбатыгар   эмиэ  куттал  үөскүүр. Сылга  сайын  үүт  тутарыытын  кэмигэр  200-тэн  тахса  ынах  маститтыыра  регистрацияланар  этэ,  ол  курдук 2013 сылга 276,  2014  сылга  246,  2015  сылга  209  ынах  ыалдьыбыта  бэлиэтэнэр.  2019 сылга 129  мастит  түгэнэ буолбута. Сылын  аайы  ынах   маститынан   ыалдьара  аччаабыт  курдук  көстөр  эрээри,  сыллата  үүт  туттарар  дьон  да,  ынах  да  ахсаана  аччаан  иһэрэ   мастит  көрдөрүүтүн намтатар.  Онтон  бу  элбэх  ночооту  аҕалар  мастит  ыарыытыгар сахабактисубтил  пробиотик   ТНП-3  ДЕП   штамма   сүрдээҕин  көдьүүстэҕэ  дакаастанан   турар.   Этиллибит  пробиотикпыт   дэлэй  соҕустук  үбүлэнэн,  эмтиирбитигэр  кэччэйбэккэ  туттарбыт   эбитэ  буоллар,  үчүгэй  түмүктэр  баар  буолуо  этилэр.

Күн  бүгүн  маститтаабыт  ынаҕы  эмтииргэ  күүстээх,   пролонгированнай   дьайыылаах  антибиотиктары   3-5   күн   туттарбытыгар  күһэллэбит.  Үс  хонугунан   эмтэммит  сүөһү   маститын  миэстэтигэр экспресс   методынан   бэрэбиэркэлээн   көрөбүт,  өскөтүн   положительнайы   көрдөрөр  буоллаҕына  эмтээһин  өссө  салҕанар.   Бүтэһик  антибиотигы  ынах  синньигэр  биэрбит  күҥнүттэн   7-8  күн  ынах  үүтэ  уопсай   үүккэ  холбоммот,   лабораторияҕа  антибиотик  баарыгар-суоҕар   бэрэбиэркэҕэ  киирэр,  үүтэ  мастита,  антибиотига  суох  буоллаҕына  холбонор.  Онон  маститынан  ыалдьыбыт  сүөһү  үтүөрэн,  үүтэ  туттарыллар  буолуор  диэри  барыта   ортотунан  10-12  күнү  сүтэрэр.

Сахабактисубтил   пробиотик  ТНП-3 ДЕП  диэн  штамма  маститтаабыт  ынаҕы  эмтииргэ эмиэ  бэркэ   туттуллар.   Антибиотик  тэҥҥэ  туттуллубат,   ынах  ыалдьыбыт  синньин  эмиийин  ханаалынан 5  мл  пробиотик  убаҕаһын   3-5  күн  бэриллэр.  Эмиэ  3  хонон  баран,   ынах  ыалдьар   синньин  үүтэ   мастикка   миэстэтигэр    экспресс   методынан  хонтуруолланар. Өскөтүн  өссө да  «положительнайы,  сомнительнайы»  көрдөрөр  буоллагына  салгыы  эмтэнэр.  Онтон    положительнайы  көрдөрбөтөҕүнэ,   ынах  үүтэ     ырааһырыытыгар  1-2  хонук бэриллэр   уонна   тута  уопсай  үүккэ   холбонор. Онон  маститынан  ыалдьыбыт  сүөһү  эмтэнэн,  үтүөрэн,  үүтэ  туттарыллыар    диэри  барыта  5-7  күн  барар. Онон  ынах  маститын  икки  ньыманан  эмтээһин  хонуктарынан  эрэ  араастаһар  буолбатах,   манна   куттала   суох  ыраас  үүтү  ылааһын   суолтата  күүскэ  туруохтаах  уонна  практическай  ветеринария  үлэһиттэринэн  сахабактисубтил  пробиотига  киэҥник  тутталларыгар   кыах  бэриллиэхтээх.

Ынах  синньин  ыарыытын  эрдэттэн  сэрэтиигэ  бу  пробиотик  эмиэ  тутуллуон   сөп  эбит.  Ол  курдук  ынах  уолуон  2  нэдиэлэ  иннинэ  синньин  эмиийин  ханаалларыгар  5-тии    мл  пробиотик   убаҕаһын  бэриллэр.  Онтон  иккистээн  ынах  төрүөн  15-30  хонук  иннинэ  бэриллэр.  Бу  методы  хаһаайын  үчүгэйдик  кэтиир  сүөһүтүгэр  туттуон  сөп.

Үөһэ  этиллибиккэ   олоҕуран,   түмүктүүр   санаалары  эттэххэ,   практическай  ветеринарнай  сулууспа  үлэһиттэринэн   биир   эрэ   көрүҥ   сахабактисубтил   пробиотигы    туттан  көрөн  олорор  курдукпут   эрээри,    улаханнык  сэҥээрэбит. Дьиҥэр  дэлэй  соҕустук   үбүлэнэн,   элбэх  иэнинэн пробиотик  кэлэрэ  буоллар,   күннэтэ  эмтиир-томтуур  практикабытыгар,  күүстээх  антибиотиктары  солбуйан  туттан,  үчүгэй  түмүктэри   ыларбыт  саарбаҕа  суох.

Бу   билигин  күн   аайы  куттала  суох  экологическай  ыраас  аһылыгы  ( үүтү,  эти ) сүөһүттэн,   сылгыттан  ылыыга  тэрээһиннэр,   кэпсэтиилэр  буола  турар  кэмнэригэр,   бэйэбит  өрөспүүбүлүкэбит  Тыатын  хаһаайыстыбатын  научнай  чинчийэр института  сүҥкэн  ситиһиилэрин,   пробиотиктары  айыыга   Российскай   Федерация   12  патенын   ылбытын   кэннэ,  биһиги   тыа   дьоно-сэргэтэ  уонна  күн  аайы  үлэлии  сылдьар    практическай   ветеринария   үлэһиттэрэ   олохтоохтук   үлэбитигэр, күннээҕи   олохпутугар    туттубаппыт   олус  хомолтолоох.  Бу  боппуруоһу  дириҥник   ыраҥалаан  көрдөххө,  саха  норуотун  кэскилэ   уонна  региоммут  тыатын  хаһаайыстыбатын  аан  дойду  таһымыгар   тахсар   инникитэ  буолар.

34-с  сылын  ветеринарнай  сулууспага  үлэлии  сылдьар  киһи  быһыытынан,   Дьокуускайдааҕы бааһынай ырыынагар олохтоох  ас-үөл  атыыланар,  үп-харчы   эргийэр,   саха  киһитэ  ырыынак  сыһыаннаһыытыгар үөрэнэн,  кынат  үүннэрэн,   аан  дойду   түһүлгэтигэр  тахсар   сүҥкэн   аартыга  буолуон  баҕарабын.  Онно  аспыт-үөлбүт  хаачыстыбата  тупсарын   туһугар  айа-тута,  үлэлии   олорор   учуонайдарбыт   кэскиллээҕи   айбыттарын,  олоххо    күүскэ  киллэрдэххэ,   элбэх  ситиһии   кэлэрэ  саарбаҕа  суох.  Онтон  биһиги  практическай  ветеринарнай  сулууспа  үлэһиттэрэ  туора  туруохпут   суоҕа  дии  саныыбын,  саҥаны  кэскиллээҕи   онорого  өрүү  бэлэммит.

This post was published on 26.11.2020 18:01 18:01