“СЫТС” бырайыак балаһыанньатын быһыытынан күрэхтэһии сүрүн көрүҥнэринэн бириэмэҕэ уонна хаачыстыбаҕа оту мунньуу, кэбиһии буолаллар. Быйыл Абаҕаҕа ыытыллыбыт күөн көрсүү кэмигэр ардах түһэн, балаһыанньа уларыйан, от охсуутугар эрэ илин-кэлин түһүстүлэр.
Хотуур суола түстэ
Манна иккилии киһи кытынна. Хас баҕарар хотууру туһаныахтарын сөп. Хамаанда атын чилиэттэрэ сыппаабыт хотууру сытыылаан биэрэллэрэ, күрэхтэһээччилэргэ уу аҕалан иһэрдэллэрэ, уунан ыһаллара, массаажтыыллара – барыта көҥүллэнэр. Күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччы э.т. Юрий Куприянов уонна Амма улууһун баһылыга Николай Архипов маҥнайгы хотуур суолун түһэрдилэр.
Балыйсыы тахсыбатын туһугар хас биирдии хамаандаҕа арбитрдар ананнылар. Уопсайа 4,5 гектардаах сири тоҕус хамаандаҕа үллэрэн, гектар аҥардыытын оҕустулар. Илии хотуурун билигин, тиэхиньикэ элбээбит кэмигэр, сүрүннээн киин улуустар туһаммат даҕаны буоллубут. Арай тэлгэһэ иһин охсорго туттабыт. Оттон бу күрэхтэһиигэ үгүстэрэ хотуурунан сатаан тутталлар, ыраастык охсоллор, сытыылыыллар эбит. Көрөргө астык!
“Сүүрэн иһэн сынньан!”
Хамаандалар бары даҕаны “СЫТС” былырыыҥҥы кыайыылаахтарын, сатаҕайдары, сүрүн утарсааччынан ааҕаллар. Кинилэр биир дьиэ кэргэн ыччата. Кыайыыларыгар эрэллээхтэр.
Амма олус кэрэ айылҕалааҕынан биллэр. Абаҕа нэһилиэгин И.Я. Строд аатынан ТХПК салайааччыта Василий Тимофеев от охсуутун күрэхтэһиитигэр анаан, өрүс үрдүгэр баар сириттэн быспыт. От охсооччулар өрүһү таҥнары көрбүтүнэн хотуурдарынан оту дайбаан иһэн айылҕа кэрэ көстүүтүттэн күүс эбинэргэ дылылар. Сатаҕайдар хапытааннара Гаврил Васильев быраатыгар: “Хотууруҥ сыппаабыт, баран атын хотууру ыл! Ыксаа! Киһи сүүрэн иһэн сынньаныахтаах!” – диэн хаһыытыырыттан киһи барыта салынна быһылаах. Оттон Мэҥэ-Хаҥалас хамаандатын хапытаана Зоя Сергучева уолаттарын батыһа сылдьан хотуурдарын сытыылаата. Үгүспүт кыыс хотуур сытыылыырын көрө илик буоламмыт олус соһуйдубут.
Бачча киэҥ сири үс чаас охсуохтара диэн былааннаабыппыт. Ити эрээри Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгин хамаандатын уолаттара га аҥара сири 1 чаас 59 мүнүүтэ иһигэр охсон куугунатан кэбистилэр. Сөхтөрдүлэр! Уолаттар бэйэлэрэ даҕаны соһуйдулар. Атын хамаандалар арааһа кыра сир түбэспит быһылаах диэн тиийэннэр иккистээн мээрэйдээн, хааман көрдүлэр. Барыта тэҥ.
Чочумча буолаат, аны, иккис хамаанда — И.Я. Строд аатынан ТХПК эдэр исписэлиистэрэ — сирдэрин охсон бүтэрбит үөрүүлээх хаһыылара иһилиннэ. Кинилэр бириэмэлэрэ – 2 чаас 14 мүнүүтэ. Василий Тимофеев оҕолорун бэйэтинэн кэлэн хонтуруоллуу, ыалдьа сылдьара. Кинилэр кэннилэриттэн уонча эрэ мүнүүтэнэн хойутаан Горнай хамаандата үлэтин түмүктээтэ (2 чаас 25 мүнүүтэ). Салгыы Абаҕа нэһилиэгин ыччатын хамаандата бүттэ (2 чаас 43 мүнүүтэ). Онтон хаалбыт биэс хамаанданы тохтотон, төһөнү охсубуттарын кээмэйдээтибит.
Солуурдаах ууну 14 мүнүүтэ 22 сөкүүндэ оргуттулар
Тэрээһин биир быһаарыылаах түһүмэҕэ — «Солуур-шоу». Манна хамаандаттан иккилии киһи уот оттон, уу оргута охсуохтаах. Ким уута урут оргуйбут кыайыылааҕынан тахсар. Манна мас, испиискэ уонна биэдэрэ эрэ көҥүллэнэр. Хамаанда уолаттара эбии оттуга, туоһа, кумаахыта суох, аҥардас тырыыҥка маһынан эрэ кутаа уотун оттуохтаахтар. Биир уол мас хайытар бириэмэтигэр, иккиһэ өрүстэн уу баһан таһаарар. Онтон тырыыҥка кыһа охсон, уот оттон иккиэн көмөлөөн ууну оргутуохтаахтар. Күрэхтэһиини көрө кэлбит дьон — сайылык олохтоохторо — бэйэлэрин биир дойдулаахтарыгар ыалдьа, сүбэ-ама биэрэ турдулар.
Санатан эттэххэ, былырыыҥҥы “СЫТС”-ка Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгин хамаандата солуурдаах уутун урутаан оргутан, кыайыылааҕынан тахсыбыттара. Онно сатаҕайдар 13 мүнүүтэ 13 сөкүүндэ иһигэр солуурдаах ууну оргутан, күрэхтэһии рекордун олохтообуттара.
Хамаандалар бары даҕаны ураты албастаах буолан биэрдилэр. Мэҥэ хаҥаластар маһы чараас гына хайытан баран, онон солуурдарын хаппахтаатылар, ону көрө охсон үтүктүбүт да хамаандалар үгүстэр. Хата, бу саамай туһалаах ньыма буолан биэрдэ.
Уоттарын умата, солуурдарыгар уу баһа охсон Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгин «Дьөгүөрүскэ сиэннэрэ» хамаандатын уолаттара 14 мүнүүтэ 22 сөкүүндэ иһигэр ууларын оргутан кыайыылааҕынан таҕыстылар. «Бу күрэхтэһиигэ бастакыбытын кыттабыт. Балаһыанньаны ааҕан, үөрэтэн баран, аймахтар буолан кыттарга сананныбыт. “Солуур-шоу” түһүмэххэ уолаттарбыт бастакы буоллулар, онтон биһиги олус үөрдүбүт. Маннык хабааннаах күрэхтэһии ыччаты түмэр, өбүгэлэрбит үгэстэрин тарҕатыыга холобур буолар үтүө тэрээһин», — диэн хамаанда хапытаана Ксения Неустроева санаатын үллэстэр.
Кинилэртэн сүүрбэччэ сөкүүндэнэн хаалан, иккис миэстэни Сатаҕай уолаттара ыллылар. Оттон Строд кэпэрэтиип эдэр үлэһиттэрэ 15 мүнүүтэ 17 сөкүүндэ көрдөрүүлээх үһүс буоллулар. Бу — былырыыҥҥытааҕар ордук көрдөрүүлэр.
Хамаанда бэриллиэҕиттэн балтараа мүнүүтэ кэннэ дьоммут уоттара умайан кытыаста охсон, унаар буруота субулунна. Амма Абаҕатын Строд аатынан кэпэрэтиип эдэр үлэһиттэрэ уоттарын ким хайа иннинэ күөдьүтэн, бастакынан кутааларын уматтылар. Манна урутаан да умайбыт кутаа уота уутун кыраадыһын туппакка, хамаанда кыайтаран хаалыан эмиэ сөп. Онон күүстээх уот суоһугар, үрдүк кыраадыска уу түргэнник оргуйар. Маны таппаккалар, Строд хамаандата үһүс миэстэҕэ «тэбиллэн» хаалла.
«Үүт-шоу»
Ынах ыаһын түһүмэҕэ “Илгэ” кэпэрэтиип титиигэр ыытылынна. Ыанньыксыттар тоҕус саамай үүттээх ынаҕы кэчигирэччи баайан, кыаһылаан «шоуга» бэлэмнээтилэр. Манна хамаандаттан биирдии ыанньыксыт үс мүнүүтэ иһигэр төһө элбэх үүтү ыабыта учуоттанар. Тэҥнэһии түгэнигэр үүт ырааһын тэҥнээтибит. Хамаандалар ыанньыксыттара ыахтаах ынахтарын сэрэбиэйинэн тардан ыллылар. Онон кимиэхэ үүттээх, үүтэ суох ынах түбэспититтэн күрэхтэһии хаамыыта эмиэ тутулуктаах. Манна тыа олоҕор сыстаҕас, барыны сатыыр, кыайа тутар кыргыттар кытыннылар.
Дьэ, «Үүт-шоу» саҕаланна! Ыһыы-хаһыы, ыалдьааһын манна буолла. Сайылык олохтоохторо «Наһаа хаһыытаамаҥ, айманымаҥ, ынахтары үргүтүөххүт» диэн көрөөччүлэри сэрэтэ турдулар. Онто да суох эмискэ тахсыбыт аймалҕантан, фотоаппарат уотуттан, тыастан-уустан соһуйан, ынахтар кыаһылаах да буоллар, биир кэм хамсыы турдулар.
Ыаныллыбыт үүттэри судьуйалар мээрэйдээтилэр уонна сыаналаатылар. Бастакы миэстэҕэ 4,6 лиитэрэ үүтү ыан, Сатаҕай кыыһа Варвара Васильева таҕыста. Былырыыҥҥы «СЫТС»-ка Варвара 3,2 киилэни ыабыт буоллаҕына, быйыл көрдөрүүтүн биллэ тупсарда. «Былырыын иккис буолан хаалбытым, онон быйыл кыайыахтаахпын диэн турунан туран, кыһыны быһа ыырга бэлэмнэммитим», – диэн эдэр ыанньыксыт санаатын үллэстэр.
Эбии түһүмэх – канаат
Күрэхтэһиибит балаһыанньатынан мунньуу, субуу уонна кэбиһии түһүмэхтэрэ буолуохтаах этилэр. Оттон ардах түстэҕинэ бу түһүмэхтэри охсуу солбуйар диэн, уолаттар от оҕустулар. Күрэхтэһээччилэрбит: «Охсуунан эрэ бүтэн хаалабыт дуо? Өссө биир түһүмэхтэ эбэн биэрэххэ», — диэн көрдөһөн, канаат тардыһыытын күрэхтэһиибит уопсай суотугар киллэрэн биэрдибит.
Бу да сырыыга “Дьөгүөрүскэ сиэннэрэ” күннээтилэр, утарсааччы аҕыс хамаанданы сулбу тардан ыллылар. Онон бу хамаанда бэлэмнээҕин, хомуурдааҕын көрдөрдө даҕаны, сөхтөрдө даҕаны. Иккис Горнай улууһун Орто-Сурт нэһилиэгин хамаандата, үһүс Сатаҕай хамаандата буоллулар.
Халбас харата — хапсаҕай
“СЫТС” киэһээҥи өттүгэр уолаттар хапсаҕайга кииристилэр. Мустубут хамаандалартан барыларыттан сүүрбэччэ уол киирсэн көрдө. Тыҥааһыннаах күрэхтэһии кэнниттэн мустубут боотурдары хум-хам тутан, хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ хас даҕаны төгүллээх чөмпүйүөнэ Абаҕа уола Константин Захаров кыайда. Кыайыылаахха «Туймаада-Лизинг» тэрилтэттэн болгарканы уонна “Илгэ” кэпэрэтиип туруорбут ньирэйин туттардылар.
Ол кэннэ тута аны кыргыттар кииристилэр. Мүһэ былдьаһыыта – сахалар былыр-былыргыттан муста түстүлэр да күрэхтэһэр оонньуулара буолар. Уон кыыс күрэхтэстэ. Онтон кыайыы өрөгөйүн Амма кыыһа Надежда Филиппова биллэ.
Дьон санаата
Юрий Куприянов, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччытын э.т. — Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыта:
— Быйыл кулун тутар ыйга, Ил Дархаммыт Егор Борисов, Евгения Михайлова буолан, 1000 ыччаты кытары көрсөн турабыт. Кэпсэтиибит тиэмэтинэн, ыччаты тыа сиригэр таһааран олохтоон үлэлэтэргэ хайысхаламмыта. Тыа сирин усулуобуйатын тупсаран, куораты кытары тэҥнээн, эдэр дьон талаһарын туһугар олоҕурбута. Оттон бу «Эдэр саас» хаһыат үлэһиттэрэ ыытар бырайыактарын ис хоһооно дьон санаатын түмэр уонна тыа сиригэр олорор ыччат үлэтин, олоҕун, санаатын, сыалын-соругун көрдөрөр, сырдатар аналлаах. Бу, мин санаабар, хас биирдиибитигэр туһалаах уонна суолталаах.
Василий Тимофеев, И.Я. Строд аатынан «Илгэ» тэрээһиннээх хаһаайыстыба салайааччыта (Амма, Абаҕа):
— Бу олус туһалаах, үчүгэй бырайыак диэн саныыбын. Ыччаты түмэр, тыа олоҕун-дьаһаҕын сырдатар. Кэпсэтиитин Максим Андреев Абаҕа сиригэр оҥоруохха диэн былырыын хаардаахха ыйыппыта. Ол иһин, бу Дьаам сайылык сирин-уотун талан, манна оҥордубут. «СЫТС» кэмигэр аан бастакытын оһуохай ыһыллыбыта даҕаны улахан суолталаах.
Надежда Самсонова, «Эдэр саас» хаһыат редактора, «СЫТС» бырйыак салайааччыта:
— Быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх хамаанда муһунна. Биһиги сыл аҥарын инниттэн тэринэн, бэлэмнэнэн ыыттыбыт. Ыччат даҕаны астынна. Аммаҕа күрэхтэһии иккиһин буолла. Аан бастакытын «От-шоу» диэн аатынан Эмис нэһилиэгэр тэриллибитэ. Эһиилги «СЫТС» ханна буолара биллибэт. Улуустартан сайаапкалары күүтэбит. Бырайыагы өйөөбүт дьоҥҥо махтанабыт.
Андрей Удин, СГТХА хамаандатын чилиэнэ, кэнэҕэски агроинженер:
— Бу бырайыакка маҥнайгыбын кыттабын. Ыччаты түмэр, көхтөөх тэрээһин эбит. Киһи тэһийэр. Биир күн өссө уһатан, ардах ааспытын кэннэ, мунньууну киллэрбиттэрэ буоллар дии санаатым. Бары туспа оллоонноохпут, аһыырбытыгар өрүс баарын үрдүнэн, анал уу таһар массыынаттан чугастыы иһэр, туттар уубутун ыларбыт табыгастаах. Уопсайынан, тэрээһин уурбут-туппут курдук. Балааккаҕа сытан сынньана таарыйа гитаралыыр эдэр сааспыт биир чаҕылхай кэмэ буоллаҕа.
Марина Максимова, Горнай улууһун Орто-Сурт нэһилиэгин хамаандата:
— Уолаттарбыт от охсуутугар көрдөрүүлэрэ үчүгэй. Бириэмэнэн иккис буоллулар. Күөспүтүгэр төрдүспүт. Ынах ыаһыҥҥа кытынным. Дьиэбэр, Орто-Суртка, үс ынахтаахпын. Маҥнайгыбын маннык тэрээһиҥҥэ сылдьабын. Сөбүлээтим. Тэрээһиннэрэ олус үчүгэй. Эрдэ бииргэ төрөөбүт балтым кытта сылдьыбыта, билигин ыал буолан сатаан кэлбэтэ. «Эдэр саас» хаһыат көхтөөх үлэһиттэригэр улаханнык махтанабыт. Тыа ыччата маннык сынньанарбыт, күрэхтэһэрбит олус үчүгэй.
Иван Дьячковскай, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөс бэлиитикэтин министиэристибэтин сүрүн исписэлииһэ, хамаанда хапытаана:
— Бу «СЫТС» күрэхтэһиигэ хамаанда тэринэн бастакыбытын кыттабыт. Боруобаланаары кэлбиппит. Улахан тэрээһиннээх, олус наадалаах бырайыак эбит. Биһиги үлэбит хос иһиттэн ырааппат буоллаҕа. Ол иһин тыа олоҕун, от үлэтин бэйэбит эппитинэн билэ сылдьабыт. Инникитин өссө киэҥник, бэлэмнээхтик кэлэрдии былааннанныбыт. Бэйэм Хаҥаластан төрүттээхпин, оҕо сылдьан оттообутум. Онон барыта интэриэһинэй. Аҥаардас аһыллыыта улахан таһымнаахтык ааста диэн сыаналаатым. Барыта анаабыт курдук, итэҕэһэ-быһаҕаһа суох.
Гаврил Васильев, Амма улууһун Сатаҕай хамаандатын хапытаана:
— Быйылгы «СЫТС» олус үчүгэй. Өссө элбэх хамаанда кэлбитэ буоллар. Бу тэрээһин сыл ахсын быстыбакка ыытыллан иһэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Тэрээһинэ уопсайынан сыл аайы тупсан иһэр. Ардах мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, мунньууга, субууга тэҥ-тэҥҥэ күрэхтэһиэхпит хааллаҕа. Тэрийээччилэр көрүҥүн арыый элбэтэллэрэ буоллар. Холобур, ынах ыыр аппарааты ыһааһын, хомуйааһын эҥин киириэ эбит диэн санаатым. Кэнсиэрдээҕэ олус үчүгэй, киһи сынньана, дуоһуйа үлэлиир.
This post was published on 27.07.2016 16:56 16:56