Былырыын биллэриллибит «Пааматынньыктары харыстыаҕыҥ» бырайыак чэрчитинэн 2019 сылга Амма, Чурапчы улуустарыгар, Дьокуускайга 15 култуура эбийиэгэ сөргүтүллүбүт. Бырайыагы ким баҕалаах — норуот дьокутааттара, министиэристибэлэр, улуус, нэһилиэк салалтата, улахан тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон кыттыгас өйөөн үлэлэтэллэр.
Быйыл ураты болҕомто Кыайыы 75 сылыгар аналлаах 377 пааматынньыкка ууруллубут. Былырыын быйыл барыта 295 маннык тутуу чөлүгэр түспүт, ол иһигэр бырайыак чэрчитинэн 10 өйдөбүнньүк саҥардыллыбыт.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов бэйэтин үбүнэн Нам улууһун I Хомустаах Кыһыл-Сыыр нэһилиэгэр Гражданскай уонна Аҕа дойду сэриилэрин кыттыылаахтарыгар анаммыт пааматынньыгы сөргүппүт.
Урбаанньыт, «РГС» ХЭТ салайааччыта Сергей Крижановский Нерюнгри куоратыгар Улуу Кыайыы 50 сылыгар анаммыт мемориалы.
Орто Халымаҕа «Куоракка киирии» мемориала, «Орто Халыма 350 сыла» пааматынньык, «Орто Халыма 350 сыла» стела, Сергей Иванович Мицкевичка пааматынньыктар сөргүтүллүбүттэр.
Ньурба оройуонун Киров нэһилиэгэр Албан аат уонна Бочуот скверин, Хаҥаласка Кыайыы скверин саҥардыбыттар. Нам улууһугар Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар анаммыт пааматынньыгы.
Атырдьах ыйыгар Таатта улууһун Чөркөөҕөр 1867 сыллааҕы тутуу аҕыс кырыылаах саха балаҕана сөргүтүллэн бүтүө. Эбийиэк РФ норуоттарын култуураларын кэрэһэлиир судаарыстыбаннай испииһэккэ киирэн сылдьар.
Ураты тутууну Саха сиринээҕи нолуок сулууспатын профсоюһа үбүлээн туттарар. Бырайыакка өрөспүүбүлүкэ 10 нолуок инспекциятын үлэһиттэрэ кыттыспыттар. 1200-тэн тахса киһи биир күннээх хамнаһын саха балаҕанын сөргүтүүгэ көмө гынан ыыппыт.
«Саха сирин устуоруйатын, култууратын кэрэһэлиир пааматынньыктар үгүстэрэ өрөмүөҥҥэ, саҥардыыга наадыйаллар. Дойдуга соҕотох «Пааматынньыктары харыстыаҕыҥ» бырайыак көмөтүнэн кинилэр саҥардыллан эрэллэр», — диэн култуурунай эбийиэктэри харыстыыр Департамент салайааччыта Николай Макаров этэр.
This post was published on 21.07.2020 15:11 15:11