Олунньу 5 күнүгэр гуманитарнай чинчийиилэр институттарыгар Россия наукатыгар уонна Саха сирин төрүт тылыгар, суругар-бичигэр анаммыт тэрээһиннэр саҕаланнылар.
Бу күн социолингвистическай чинчийии киинэ тэрийбит «Жизнь языка. Язык в жизни/Тыл туруга. Тыл омук олоҕор» коммуникационнай былаһаакка арылынна.
Тыл боппуруостарыгар учуонайдар, судаарыстыбаннай структура бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, тыл актыбыыстара кыттыылаах кэпсэтии тэрилиннэ.
Олунньу 14 күнүгэр диэри институт сотрудниктара тоҕус онлайн-лекция, икки презентация, семинардары ыытыаҕа. Сүрүн тиэмэлэр: «Гражданская война: взгляд в прошлое», «Ландшафт и культура Якутии: сакрализация, символические стратегии, геокультурные образы», маны сэргэ археология лабораториятын научнай-чинчийэр үлэтэ уонна да атыттар киэҥ кэпсэтиигэ таһаарыллыахтара.
This post was published on 07.02.2024 10:04 10:04