Саха сиригэр, ХИФУ Сэлии түмэлин лабораториятыгар түҥ былыргы бөрөнү чинчийдилэр. Бу бөрө 44 тыһыынча сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт. Былыргы бөрө өлүгүн 2021 сыллаахха Абый улууһугар Тирэх үрэххэ 40 миэтэрэ дириҥнээх сиртэн булбуттара. Бу плейстоцен үйэтиттэн ирбэт тоҥҥо үчүгэйдик хараллыбыт былыргы кыылы аан дойду үрдүнэн өссө була иликтэр диэн ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Учуонайдар бөрө ис уорганнарын уонна тугу аһаабытын чинчийдилэр. Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ, 44 тыһыынча сыл анараа өттүгэр бөрө тугу сиэбитэ куртаҕар, оһоҕоһугар бэрт үчүгэйдик сылдьар эбит. Онон оһоҕоһун бактыарыйаларын, былыргы вирустары уонна кыыл тугу аһаан-сиэн сылдьыбытын салгыы чинчийиэхтэрэ.
Маны тэҥэ, адьырҕа кыыл геннэрин чинчийэн, билиҥҥи бөрөлөртөн туох уратылааҕын үөрэтиэхтэрэ.
Бу бөрө куртаҕар тугу сиэбитэ эрэ буолбакка, сиэбит кыылын аһаабыт аһа кытта баар эбит. Моҕус бөрө кыылы тутан сиэн баран, онтун ситэ буһарбакка эрэ, тута туохха эрэ түбэһэн, өлбүт эбит. Уҥуохтара, тиистэрэ эрэ буолбакка, тириитэ, ис уорганнара бүтүттэр.
Сэлии түмэлин лабораториятын сэбиэдиссэйэ Максим Чепрасов этэринэн, бөрө хас сааһыгар өлбүтүн чопчу билээри, тииһин ылбыттар. Тиистэрэ элэйбиттэриттэн көрдөххө, сааһын сиппит аарыма адьырҕа эбит.
ХИФУ учуонайдара салгыы өссө биир былыргы бөрөнү чинчийиэхтэрэ. Бу бөрөнү Аллараа Халыма улууһугар былырыын булбуттара. Дьэ, ирбэт тоҥмут өссө да төһөлөөх түҥ былыргы кыыллары саһыаран сытыарара буолуой?
Ааптар: Ангелина Васильева, Саха сирэ саайт
This post was published on 24.06.2024 14:14 14:14