П.И. Мельников аатынан ирбэт тоҥу үөрэтэр институт учуонайдара муус ууллуутуттан дьиэ иһигэр сылаас таһаарыытыгар тэрили патеннаатылар. Ол туһунан суруйда «Российская газета».
«Боростуой бириинсип үлэлиир — сайын муус аккумуляторга ууллар күн энергиятыттан, оттон кыһын уу тоҥоругар таһаарыллар итии дьиэни сылытар, нуулга чугаһыар диэри«, — техническай наука доктора Георгий Кузьмин «Наука в Сибири» сурунаалга эппитэ ыйыллар.
Исписэлиистэр анал гарааж туппуттар, истиэнэтигэр күнтэн энергия ылар уу аккумулятордарын туруорбуттар — уулаах ыстаал лиистэн оҥоһуллубуттар тимир резервуардары. Икки сыл чинчийэн үөрэппиттэр.
«Кыһын гараажка температура 3,5 кыраадыска диэри түһэр, онтон таһырдьа -45. Сайын тас итииттэн дьиэтээҕи емкоска турар муус ууллар. Онон чинчийии кырыа кыһыннаах сиргэ дьиэни сылытыыга маннык тэрил барсыан сөбүн дакаастаата«, — диэтэ Георгий Кузьмин.
Айааччылар тэрили экономическай өттүнэн барыыстаах диэтилэр, тулалыыр эйгэҕэ да буортута суох.
«Хаҥкылыыр катоктарга, гараажтарга, ангаардарга, оҕо күүлэйдиир уонна спордунан дьарыктанар, оҕуруот аһын харайар, ону сэргэ тымныыны тулуйбат матырыйаалы уурар сирдэргэ тутуохха сөп«, — диэн суруллар ыстатыйаҕа.