ХИФУ аспираннара Парасковья Давыдова уонна Изабелла Баишева Германияҕа чинчийэр үлэлэрин ыытарга кыах ыллылар. Эдэр учуонайдар онно ылбыт билиилэрэ Саха сирин киинин уонна Чукотка күөллэрин үөрэтэллэригэр көмөлөһүөҕэ, үөрэх кыһатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Арктика экологиятын чинчийэр Россия-Германия лабораториятын сэбиэдиссэйэ Руслан Городничев бэлиэтээбитинэн, аспираннар куонкуруска кыайыылара улахан оруоллаах.
«Аспираннар чинчийиилэрин ыыталларыгар былааннара олоххо киирэр, харчынан көмөлөһүннэрэллэр, кыраныысса таһыгар стажировкаланаллар. Иккиэн Саха сирин киинин уонна Чукотка күөллэрин үөрэтэллэр. Бу экосистиэмэ саамай уйан компонена буолар», — диэтэ кини.
Парасковья Давыдова Альфред Вегенер аатынан институкка «Биогеографические закономерности распространения диатомовых водорослей в разнотипных озерах Чукотки» бырайыагынан үлэлиэ. Изабелла Баишева Research Grants – Bi-nationally Supervised Doctoral Degrees/Cotutelle, 2020/21. бырагырааманан киирсэр.
Сиһилии https://ysia.ru/yakutskie-uchenye-vyigrali-stazhirovki-v-germanii/
This post was published on 04.09.2020 16:01 16:01