Саха тылын учууталларын сийиэһэ буолан ааста. Элбэх санаа этилиннэ, этиилэр оҥоһулуннулар. Киэҥ ыҥырыылаах мунньах быһаарыытын туолуулара хас биирдиибититтэн тутулуктаах, СИА-ҕа уопсастыбанньык Ньукулай Халан суруйда.
Биир быраатым бүгүн Мииринэйтэн суруйар.
– Инньэ гынан сийиэс түмүгүнэн тугу ылынныгыт? Саха тылын хайдах сайыннарар буоллугут?
— Эҕэлээх ыйытыы буолла диэтим мин, — диир уопсастыбанньык Николай Павлов — Ньукулай Халан.
Сийиэс диэн сийиэс, харахтан сыыһы ылбыт курдук кыһалҕаны барытын быһаарар дуу, соҕотох биир сырдык суолу ыйар дуу буолбатах. Арай урут баартыйа сийиэстэрэ оннук режиссуралаах буолаллара, албын-көлдьүн.
«Нынешнее поколение советских людей будет жить при коммунизме…» – диэбит курдук.
Элбэх кэпсэтии, элбэх санаа атастаһыы буолла, саарбахтааһын, сорох ардыгар суланыы да баар, элбэх этии киирдэ, дьон биир өттүнэн санаатын тойоҥҥо-хотуҥҥа тиэрдэ сатаата, иккис өттүнэн кини тылын-өһүн иһиттэ, биир идэлээхтэрин кытта алтыста, эрэл кыыма да баар, «барытыттан батыннылар» диэн хом санаабыт да дьон көстөр.
Түмүк докумуон баар, сотору кэминэн чочуллан баран тарҕаныа.
Ол эрээри сийиэс түмүгэ кэлин, бу 500-чэ киһи дойдуларыгар тиийдэхтэринэ көстүө. Тугу гыналлар эбит, кэтэһиэхпит, истиэхпит. Ол буолуоҕа дьиҥнээх түмүк.
Сийиэс үс хонук буолла, диэн суруйда СИА-ҕа Ньукулай Халан.
This post was published on 25.11.2022 12:28 12:28