Бэҕэһээ, 2023 сыл ыам ыйын 16 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко “СӨ саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин туһунан” дьаһалга илии баттаата, суруйда «Саха сирэ» сайт.
Былырыын сэтинньигэ саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын II сийиэһэ тэриллибитэ. Сийиэскэ мустубут дэлэгээттэр саха тылын уонна култууратын сайыннарыыга, тарҕатыыга бэйэлэрин көрүүлэрин эппиттэрэ, сийиэс резолюцията ылыныллыбыта. Манна олоҕуран саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын бүгүҥҥү олоххо сөп түбэһиннэрэн үөрэтиини тэрийиигэ киэҥ хабааннаах үлэ барбыта, халыҥ оробуочай бөлөх хас да төгүллээн мустубута.
СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, кэнсиэпсийэҕэ хас даҕаны тэрээһин түмүллэр: сахалыы тылынан иитэр, үөрэтэр бөлөхтөрү уонна кылаастары элбэтии; сахалыы тыллаах эбии үөрэхтээһин бырагыраамаларын ахсаанын элбэтии; икки тыллаах эйгэҕэ оҕону иитиигэ уонна сахалыы саҥарар дьоҕурдарын сайыннарыы боппуруостарыгар төрөппүттэргэ аналлаах бырайыактары олоххо киллэрии, оҕону уонна ыччаты сахалыы ааҕыы култууратыгар сыһыарыы; нэһилиэнньэҕэ саха тылын үөрэтэр куурустары тэрийии; саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтиигэ, иитиигэ оҕо төрөөбүт тылын билэр таһымыттан көрөн тус-туспа кылаастарынан уонна бөлөхтөрүнэн арааран үөрэтии, иитии; үөрэх тэрилтэлэригэр сахалыы эйгэни тэрийии, о.д.а. Ол эбэтэр тылы үөрэтии уруккулуу халыыбынан хаалбакка, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, сайдан иһиэхтээх. Бырабыыталыстыба дьаһала ону бигэргэтэр соруктаах.
“Сайдыы” саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Жанна Барашковаттан кэнсиэпсийэ уратытын быһааран биэрэригэр көрдөспүппүтүгэр: “Бу иннинээҕи кэнсиэпсийэ ылыллыаҕыттан отучча сыл ааста. Ол кэнниттэн уларыйыы-тэлэрийии да таҕыста. Билиҥҥи глобализация, оҕо нууччалыы саҥарара үксээбит кэмигэр кэнсиэпсийэни саҥардан биэрии ирдэнэр. Бу кэнсиэпсийэ уратата диэн, оҕону төрүөҕүттэн үрдүк үөрэҕи бүтэриэр диэри сахалыы эйгэҕэ иитиини, үөрэтиини, такайыыны мэктиэлиир уонна биир ситимҥэ киллэрэн үөрэтиини сүрүннүүр.
Оскуолаҕа чугаһатан эттэххэ, биһиги күн бүгүҥҥэ диэри биир бырагырааманан үлэлээн, үөрэнэн кэллибит. Кэнсиэпсийэҕэ олоҕуран инникитин биэс араас бырагыраама үлэлиирэ былааннанар: сахалыы үчүгэйдик саҥарар, билэр оҕолорго; саха эрээри сахалыы билбэт оҕолорго; атын омук оҕолоругар саха тылын судаарыстыбанай тыл быһыытынан үөрэтии; дьоҕурдаах оҕолорго аналлаах; доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго бэлэмнэммит туспа бырагыраама. Ол эбэтэр оҕо саха тылын төһө билэр таһымынан көрөн арааран үөрэтиэхтэрэ. Онон саҥа бигэргэммит кэнсиэпсийэни күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии турар кэнсиэпсийэ салгыытын, аныгы олоххо сөп түбэһиннэрэн хаамыытын быһыытынан өйдүөххэ сөп. Кэнсиэпсийэ олоххо киирэн саха киһитин бары эйгэтин, олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын барытын хабыахтаах. Саха ыччата саха буоларын төлө туппат туһугар толкуйдаммыт улахан күүстээх докумуон”, — диэн эттэ.
Кэнсиэпсийэ бигэргэннэ, салгыы бырагырааматын оҥорон олоххо киллэриэхтээхтэр. Бу, бастатан туран, күн сарсын оҥоһуллубат, үөрэххэ сыһыаннааҕын быһыытынан чааһы аттарары, сөптөөхтүк киллэрэри эрэйэр. Онон үс түһүмэҕинэн 2030 сылга диэри олоххо киирэр диэн ыйыллар.
Ааптар: Людмила Попова
This post was published on 17.05.2023 12:01 12:01