Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлээн туран, саха тылын учууталларын өрө тутууга чахчы дьоһуннаах хардыыны оҥордо. Саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын үс бастыҥ учууталыгар сыллата туттарыллар 100-түү тыһ. солк. суумалаах бириэмийэни олохтоотулар.
“Педагогтарбытыгар, чинчийэр учуонайдарбытыгар, култуура диэйэтэллэригэр – саха тыла чөл хааларын туһугар кылааттарын киллэрсэр, сайыннарар дьоҥҥо барыларыгар сыралаах үлэлэрин иһин махтанабын. Бу боппуруоска дьиэ кэргэн, төрөппүт сүрүн оруоллаах: оҕолорбут төрөөбүт тылларынан үөрэнэр, саҥарар, толкуйдуур, ылынар, айар дьоҕурдарын биһиги бэйэбит өйүөхтээхпит.
Бүгүҥҥү бырааһынньыктааҕы күҥҥэ, Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылыгар бэлиэтээн, куорат оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт култууратын үс учууталыгар, сыл аайы туттарыллар 100-түү тыһ. солк. суумалаах бириэмийэни олохтуур туһунан уураахха илии баттанна. Бастакыларга куонкурус түмүгүнэн СӨ Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр, муус устар 27 күнүгэр, туттарыахпыт”, — диэн тус телеграм ханаалыгар суруйар.
This post was published on 14.02.2023 15:01 15:01