22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха тылын кэскилэ. Былатыан Ойуунускайтан Авксентий Мординовка бэриллибитэ

11:01, 17 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Омуктар киһи аймах бүттүүн сайдыытын эргииригэр киирэн истэхтэрин аайы, кинилэр урукку култуураларын иитигэр тутуллан олоруулара улам мөлтөөн, олохторугар саҥа көстүүлэр киирэн бараллар. Саха үөрэхтээхтэриттэн бу сыһыаны маҥнайгынан А.Е. Кулаковскай чинчийбитэ. Кини бу үлэтин сүрүн санаатынан буолбута: «Саха дьоно нуучча култууратыттан олохторугар үгүскэ үөрэммиттэр уонна кини сайдыытыттан төһө баҕарар ылынар кыахтаах эбиттэр, сайдыыга, үөрэххэ тардыстыылаахтар, дьоҕурдаахтар». Саха омуга үөрэҕи ылынымтыатын, сатабыллааҕын туһунан өссө эрдэ нуучча биллиилээх демократа Н.Г. Чернышевскай бэлиэтээн турар.


Тыл – омук култууратын, сайдыытын сиэркилэтэ. Бу манна кини олоҕор буолар уларыйыылар эрэ буолбакка, уопсастыбаҕа үөскүүр араас сыһыаннар күөрэйиилэрэ үчүгэйдик көстөр. Ол онтон мин бу сырыыга саха интэлигиэнсийэтэ төрөөбүт тылга сыһыаныгар үөскүү сылдьыбыт уонна билигин да баар көстүүлэр тустарынан этээри гынабын.

Филиппов Гаврил Гаврильевич, тыл үөрэҕин дуоктара, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн бэрэпиэссэрэ

Бастатан туран, интэлигиэнсийэ туһунан тугу өйдүүрбүтүн чопчулуоҕуҥ. Нууччаларга «интеллигент» диэн тыл чулуу сиэрдээх-майгылаах, үрдүк духуобунай култууралаах киһини ааттыыллара. Кэлин сэбиэскэй кэмҥэ интэлигиэнсийэ диэн үөрэхтээх, судаарыстыба хамнас төлүүр сулууспалаах дьонун барытын ааттыыр буолбуттара.

В.И. Ленин интэлигиэнсийэ диэн оробуочайдартан уонна бааһынайдартан туспа халбаҥ өйдөөх-санаалаах, ураты менталитеттаах социальнай араҥа буолар диэбитэ. Биһиги бу уустук боппуруоһу быһаара сатаабакка, омук тыынын, сиэрин-майгытын үрдүк ыралын (идеал) илдьэ сылдьар, кэскилин саныыр дьонун интэлигиэн курдук сыаналаан, кинилэр тылга сыһыаннарын туһунан кэпсэтиэхпит.

Сахаҕа чулуу сиэрдээх-майгылаах, үрдүк духуобунай култууралаах дьонунан урукку өттүгэр, арааһа, удьуор уонна омук үгэстэрин тутуһар, тутар мөккүөннээх, ырыаны, үһүйээни, олоҥхону, тойугу, оһуохайы, ыһыаҕы, өс номоҕун туттар, тэнитэр дьүккүөрдээх ырыаһыттар, тойуксуттар, алгысчыттар, ойууттар уонна сир түннүгэ өйдөөх-санаалаах биирдиилээн дьон буолуохтарын сөбө буолуо. Ону сэргэ былыр да, билигин да үгүс дьон ити тылынан айыллар, тылга түмүллэр култуураны аахайбакка бэйэлэрин кэмнэригэр күннээн, күөдүргэхтээн ааһаллара баар чахчы эбит. Ол иһин былыр да, билигин да «аныгы дьон үгэһи тутуспат, тылы билбэт буолла» диэн тыл-өс үөскүүр эбит. Омук бэйэтин үгэстэрин чөл тутан олорор буоллаҕына, итинник саҥа-иҥэ тахсыа суоҕун сөп этэ.

Биһиги саха бастакы интэлигиэнсийэтэ диэни 19 үйэ бүтүүтүттэн саҕалаан этэрбит ити кэмҥэ үөрэхтэнэн, омуктарын интэриэһин туруулаһар өйдөрө-санаалара, дьыалалара устуоруйаҕа биллибитин быһыытынан эрэ буолар. Кинилэр Арассыыйаҕа Саха сирэ бэрэстэбиитэллээх буолуутун, сахалыы сурук тэнийиитин, сахаҕа үөрэҕи тэнитиини, саха улуустарыгар бэйэни дьаһаныы, сири бас билиигэ барыан тустарынан биллэрдик туруорсубут дьон буолаллар. (Ол эрээри саха туһун, кэскилин турууласпыт чулуу дьоммут тустарынан олоҥхоттон саҕалаан, номохтортон, сэһэннэртэн эмиэ билэбит).

Ити кэмҥэ «эдэр социал-демократтар», саха эдэр көлүөнэ үөрэхтээх ыччата, бассабыыктыы өйгө-санааҕа уһуллан, саха омугун кэскилин букатын атын суолунан ситиһэр кыах баарын этэн-тыынан тахсан кэлбиттэрэ.

Саха бастакы үөрэхтээх дьоно уонна бу «эдэр социал-демократтар» биир баҕалаахтара эрээри, ону ситиһэр суолу көрүүлэрэ ый уонна күн курдук ыпсыспат ыраах эбиттэр. Бастакы интэлигиэнсийэ ыраахтааҕы батталын, кыһарҕанын, көмөтө суоҕун этинэн-хаанынан билбит буолан, сахалыы суругу тэнитии эрэйин, ыараханын; оскуоланы арыйыы, үөрэтии ороскуотун, мэһэйдэрин үчүгэйдик өйдүүр. Онон бэйэтин кыаҕар сөптөөх соруктары туруорар. Онон сахалыы саҥа суругу киллэрэри утарар, сахалыы тыллаах оскуоланы тэрийэри төһө да баҕардар, эрэммэт, ыарырҕатар.

Эдэрдэр ити баар ыарахаттар ыраахтааҕы былааһа эһиннэ да суох буолар мэһэй курдук саныыллар. Онон хомуньуустар эрэннэрэр бары үтүөлэрин бэлэм кэлэр чахчы курдук туруорсаллар: омуктарыгар көҥүлү, бэйэ баһын дьаһаныытын, сахалыы суругу, сахалыы бэчээти, сахалыы үөрэҕи, үлэни-хамнаһы.

Бу мөккүөр сорох көстүүлэрэ А.Е. Кулаковскай уонна С.А. Новгородов, А.Е. Кулаковскай уонна П.А. Ойуунускай үлэлэригэр биллитэлээн ааһаллар.

С.А. Новгородов латыынныы, А.Е. Кулаковскай нууччалыы кыраапыкаҕа олоҕурар сурук иһин мөккүспүттэрэ. Семен Андреевич аан дойду суругун үгэһин, атын түүрдэри кытта чугасаһар, номуукаҕа (билимҥэ) олохсуйбут, кэнэҕэс кэскиллээх суолу тутуһар дьулуурдаах буоллаҕына, А.Е. Кулаковскай ночоото суох, баар суругу, нууччалардыын чугасаһыннарар, үөрэххэ, сайдыыга судургутуйар суолу сөптөөх диэбитэ.

Эдэр интэлигиэннэр П.А. Ойуунускайдаах, М.К. Аммосовтаах, И.Н. Бараховтаах, о.д.а. бары С.А. Новгородов суругун өйөөбүттэрэ. П.А. Ойуунускай «көҥүлүн туппут омук нууччаттан ураты суруктаах буолуутун» суолталаабыта. Дьиҥ иһигэр кинилэр тиэримин, орфография боппуруостара уонна нуучча тылын суурайар сабыдыала итиччэтигэр балачча судургутук быһаарыллалларын суолталаабыт буолуохтарын сөп эбит.

Сахалыы үөрэҕи тэнитиигэ уонна дьыаланы-куолуну сахатытыыга А.Е. Кулаковскай сыһыана сэрэх эбит. Аныгынан санаатахха, «сайыннах аайы кэминэн саха тылын туттууну киллэрэн иһэргэ» уонна «сахалыы тиэримини айарынан үлүһүйбэккэ бэлэми нууччаттан ылынарга» ыҥырыыта тыл сайдыытын алҕас өйдүүрүттэн буолар эбит. Тыл туттулуннаҕына сайдар, туттубатахха кини оруолун (функциятын) атын тыл солбуйар, ону кэлин хайдах да гынан кыайан көннөрбөккүн. А.Е. Кулаковскай нуучча тылын үгэһигэр олоҕуран сайдыахха диэн сүбэлиирэ сөп эрээри, сахалыы тыл байыытын «күүтэр» баҕата алҕас ыра буолар.

П.А. Ойуунускай тылга В.И. Ленин туруулаһар суолун тутуспута эрээри, кэлин хомуньуус баартыйа бу тосхолун токуруппутунан сибээстээн, кини биир сүрүннээх суолу тутуһара ыарахан буолбута. Кини тыыннааҕар тылга, тылы туттууга икки өттүттэн утарсыыны көрсүбүтэ.

Биир курдук, Сурук хамыыһыйатыгар бэйэтэ ыҥыран үлэлэппит, бэркэ биһириир киһитин Г.В. Баишевы-Алтан Сарыны кытта тыл сайдыытын көрүү боппуруоһугар арахсарга күһэллибитэ. Гаврил Васильевич бары түгэҥҥэ саҥа тылы үөскэтэргэ дьулуһуута бассабыыктарга хаҥас халыйар, нөҥүө түһэр курдук көстөн, уруулуу түүр тылыттан тиэримини ыларга дьулуһуута – пантюркизмҥа тардыстыы, нууччалыыны абааһы көрүү – омугумсуйуу диэн өйдөнөн, саха тылын тутуу бэлиитикэтигэр охсуу оҥорор кутталламмыта. Онтон күһэллэн, П.А. Ойуунускай хандьыдаат буолар диссэртээссийэтигэр бу суолу кириитикэлииргэ күһэллибитэ. П.А. Ойуунускай Г.В. Баишев-Алтан Сарын тиэримиҥҥэ көрүүтүн үлэтигэр тилэри сигэнэн көрдөрбүтэ кини бу киһини убаастыырын бэлиэтиир диэххэ сөп.

Эдэрдэр А.Е. Кулаковскай курдук сэрэхэдийбэккэ, нууччалыы тиэримиҥҥэ, нуучча тылын нууччалыы суруйан туһанарга ыҥырыылара хаарчаҕа суох барбыта. Бу дьон тылы харыстааһын, тыл сокуонун тутуһуу диэн өйдөбүллэрэ суох буолан, П.А. Ойуунускайы олохтон хаалбыт киһи курдук сыаналыыртан, буруйдууртан туттуммат буолан испиттэрэ. Үөрэх наркоматыгар үлэлиир Дмитриев «сотору коммунизмҥа киирэн биир тыллаах буолуохпут, онон оҕону сахалыы үөрэтэр наадата суох» диэн сахалыы үөрэтэр оскуолалары тэрийэри аһаҕастык утарбыта. П.А. Ойуунускай кыра омуктар тыллара сайдыахтаах, онон хойут омуктар муҥутуур сайдыыларын түмүгэр дьиҥ чугасаһыылара кэлиэхтээх диэн санааны тутуһан, А.Е. Кулаковскай «кэтэмэҕэйдээһинин», омугумсуйуутун уонна баайдыы санаатын кистээн», саха кыра-хара дьоно үөрэҕи төрөөбүт тылларынан дөбөҥнүк ылынар суолларын утарар диэн буруйдаабыта. «Баайдыы санаа» диэн ол кэмҥэ «нууччалыы үөрэтии дьадаҥы уонна баай дьон оҕолорун тэҥэ суох усулуобуйаҕа туруорар, оттон сахалыы үөрэтии кинилэри тэҥниир» диэн санаа буолуон сөп. Оттон Дмитриеви сыыһа санааттан, коммунизмҥа биир тыллаах буолан киирэ сатаан буолбакка, сахатыйыы үлэтигэр «эрэйдэммэт», чунуобунньук тэрийиэхтээх үлэтиттэн куотунар албаһын курдук саралаабыта.

П.А. Ойуунускай бу туруулаһар дьыалата отутус сыллар ортолоруттан өйөммөт буолан барбыта. Тыл кырааскатыгар эрэ төрөөбүт тылынан үөрэтии көдьүүһүн, саха тыла нуучча тылын сабыдыалынан барҕара сайдарын дорҕоонноохтук этэр буолбуттара.

Ол курдук 1939 с. нуучча кыраапыката киириэҕиттэн арпагыраапыйа уонна тиэримин үлэтигэр саха тылын ис кыаҕын сокуонун тутуһан, туһанан сайыннарыллыахтаах диэн санааны тутуһааччылар бары «националист» диэн дьаралыктанар буолбуттара. Бу ыарахан кэмҥэ саха тылын кэскилин П.А. Ойуунускайтан силис тардан салҕыы сайыннарарга А.Е. Мординов туруммут эбит.

П.А. Ойуунускай «Якутский язык и пути его развития» диэн диссэртээссийэтигэр К. Маркс, В.И. Ленин уонна И.В. Сталин үлэлэригэр олоҕуран, саха тылын сайдар кэскилин номуукаҕа олоҕуран түстүүргэ дьулуспута. Кини саха тылын дьылҕатын быһаараары саха үөрэхтээхтэрэ хайдыспыт төрүөттэрин чопчулаан сөптөөх суолу ыйарга холоммута. Саха тылын сайыннарбакка саха омугун сайыннарар суолу тутуһааччылар икки санааҕа олоҕураллар диир. Биир курдук, саха тыла үөрэх-сайдыы суолун толуйар кыаҕа суох, онон хара ааныттан оҕону нууччалыы үөрэтэргэ ыҥыраллар; иккистэр хомуньууһум идиэйэтэ омуктар биир буолууларын ирдиир, ол быһыытынан саха тылын сайыннара сатааһын уопсай сайдыы тосхолун утарыы, омук быһыытынан бэйэ ыырыгар бүгүү буолар дииллэр.

Оттон саха тылын сайыннаран саха омугун сайыннарарга дьулуһааччылар эмиэ биир санаата суохтарын ыйбыта. Манна П.А. Ойуунускай үс хайысха баарын этэр. Бастакы суол А.Е. Кулаковскай санаатын тутуһар. Нууччалыы кыраапыка, нуучча тиэриминин туһаныы, саха тылын сокуонун тутуһан суругу тэнитии, үөрэххэ, дьыалаҕа-куолуга нуучча тылын туттуу, тыл сайыннаҕын аайы нэмийэн тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии. Иккис суол Г.В. Баишев-Алтан Сарын санаатын тутуһар. Сахалыы ураты кыраапыка, саха тылын ис кыаҕын туһанан саҥа тиэримини үөскэтии, омуктан ылынар тылы саха тылын сокуонугар бас бэриннэрии, суругу морполуогуйа сокуонун тутуһан олохтооһун, саха тылын олох бары эйгэтигэр туттууну киллэрии, тыл сайдар кэскилин утумнаахтык тэрийии. Үһүс – П.А. Ойуунускай этэр суола. Кини саха нууччаттан ураты кыраапыкаланарын сөбүнэн ааҕар, тиэримини нууччаттан ылан туһанары сэргэ саха тылын ис кыаҕын туһанан сайыннарыы, сахалыы кыайан уларыйбат тылы нууччалыыга чугаһатан суруйуу, суругу саха тылын сокуоннарыгар олоҕуран сайыннарыы, саха тылын олох бары эйгэтигэр киэҥник туһанары тэрийии, саха тылын сайыннарарга утумнаах тэрийэр, көҕүлүүр үлэни тэнитии.

П.А. Ойуунускай омугумсуйууга буруйданан хаайыллыбытын кэннэ Саха сиригэр тыл бэлиитикэтинэн дьарыктаныы уонна саха тылын туттуллар эйгэтин кэҥэтэр үлэни хомуньуус баартыйа да, бырабыыталыстыба да көҕүлээбэт буолбуттара. Бу кэмҥэ саха тылын уонна кини курдук омуктар тылларын сайдыытын уонна кэскилин туруулаһыы Маркс-Ленин үөрэхтэрин дьиҥ ис номоҕун дириҥник билии, өйдөөһүн нөҥүө буолара көстүбүтэ. Бу суолунан саха омугун уонна ССРС бары омуктарын тылын көҥүлүн иһин туруулаһарга А.Е. Мординов туруммута. Бастатан туран, Авксентий Егорович сэсэлииһим идиэйэтэ омуктар ураты култууралара уонна тыллара чэчирии сайдыытын көҕүлүүр уонна тэрийэр аналлааҕын итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ. Манан кини саха тылын, саха омугун сайыннарар оруола нуучча тылынан солбуллуохтаах диэн санааны букатыннаахтык самнарбыта. Иккиһинэн, төрөөбүт тылы олох бары эйгэтигэр туһаныы саха омугар аҕалар, биэрэр көдьүүһүн сэсилиисими тутууга туһатын, наадатын кытта дьүөрэлии тутан дакаастаабыта. Үгүс «түөрүөтүктэр» хомуньууһум туһугар омуктар чугасыһыыларын уонна силлиһиилэрин түөрүйэтинэн салайтаран, тылтан уонна төрүт култуураттан аккаастаннара сатааһын омуктар сомоҕолоһууларын мөлтөтүөҕүн дакаастаан, буортулаах буоларын ыйбыта. Үсүһүнэн, омук тыла кини бары сайдыытын, чуолаан, кини омук быһыытынан ураты култууратын төрүт усулуобуйатынан, тас куорматынан буоларын итэҕэтиилээхтик арыйан көрдөрбүтэ. Онон тылы сайыннарар үлэ омугу, кини култууратын сайыннарыы дьыалата буолар диэбитэ.

Ити көрүүлэригэр олоҕуран, саха омугун тылын сайыннарыы сүрүн суолларын ыйбыта. Бастатан туран, тыл сүрүн тутулун (кырамаатыкатын) уонна тылын баайын (лиэксикэтин) чөл тутуу наадатын тоһоҕолоон ыйбыта. Киирии тыл ахсаана уонна тутула тылы алдьаппат эрэ буоллаҕына, кини бэйэтин ис кыаҕын толору туһанан сайдар уонна атын тыл сабыдыалынан суураллыбат күүстэнэр диэн, атын тыллар эстибит холобурдарын сиһилээн быһаарбыта.

Оскуолаҕа оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтиини тэнитии уонна сайыннарыы саха тылын кэскилин түстүүрүн, оҕо айар кыаҕын күүһүрдэрин, билиитэ дириҥиирин, атын тыллары баһылыырыгар төрүт буоларын ыйбыта, киһилии уонна көҥүл тыыннаах киһи буола улаатарыгар суолталааҕын чуолаан бэлиэтээбитэ.

Уус-уран литэрэтиирэ тыла омук тылын сайдыытыгар, түөлбэ тыллар бүттүүн сурук тыла буола сомоҕолоһууларыгар, тыл этигэн кыаҕа күүһүрүүтүгэр уһулуччу суолталааҕын чорботон бэлиэтээбитэ. Уус-уран айымньы таһыма кини тылын баайыгар, ураныгар көстөрүн ыйан туран, саҥа кэм айымньыта саха тылын саҥа тыыннаабытын, тылын ыырын кэҥэппитин, байыппытын ыйбыта.

Саха уус-уран литэрэтиирэтэ тылынан уус-уран айымньы үгэстэригэр уонна нуучча литэрэтиирэтин үтүө холобуругар тирэҕирэн үөскээбитин этэн туран, саха бүттүүн суругунан тылын сайыннарыыга тылбаас уһулуччу оруоллааҕын ыйбыта. Авксентий Егорович бэйэтэ чулуу тылбаас холобурун көрдөрбүтэ. Тылбаас сахалыы истиил үүнүүтүгэр, уус-уран айар ньыма олохсуйуутугар, тиэримин үөскээһинигэр, тыл суолтата кэҥээһинигэр көдьүүһүн кини тылбаастарыттан көрөбүт.

А.Е. Мординов саха тылын сайыннарыыга нуучча тылыттан тылы ылыныы, кини тылын үгэстэрин, үөрүйэхтэрин туһаныы оруоллаахтарын этэн туран, саха тыла нуучча тылыгар суураллыбат кэскилин туһунан маннык суоллары ыйбытын этэр наада. Бастатан туран, сахалыы сурук саха тылын сокуоннарын тутуһан сайыннарыллыахтааҕын, киирии тыл сүрүн өттө саха тылын сокуонунан уларытыллыахтааҕын, тылы эрэ буолбакка сомоҕо домохтору үтүгүннэрэн (калькалаан) туруору тылбаастаабакка, сахалыы дьүөрэлээх өйдөбүлүнэн солбуйарга дьулуһар сөп диэн сүбэлиир. Ол – тыл тутулун харыстыырга, алдьаппат буоларга тоҕоостооҕун этэр. Иккиһинэн, саха тылын ис кыаҕын туһанан саҥа тылы (тиэримини) үөскэтэр туһуттан, дьаныһан, кичэйэн туһааннаах суолталаах тылы көрдүөххэ, булуохха наада диир. Кини саха тыла духуобунай лиэксикэтэ олус баайын этэр уонна хайа баҕарар өйдөбүлү, көстүүнү бэлиэтиир кыахтааҕын анаан-минээн быһаарар. Үсүһүнэн, саха тылынан ханнык баҕарар уустук өйдөбүллэри, дириҥ номууканы айыахха, кэпсиэххэ, быһаарыахха сөп. Ол гынан баран итини ситиһэр туһуттан ол өйдөбүллэри, чахчылары дьиҥ дириҥник баһылыыр наада диэн чопчулаабыта. Этэр санааҥ сүрэххэр, өйгөр чуолкай, чахчы баар уонна олохсуйбут буоллаҕына, ону төрөөбүт тылынан быһаарар судургутун, дөбөҥүн, тиийимтиэтин анаан бэлиэтээбитэ.

Онон А.Е. Мординов учууталын, биир санаалааҕын П.А. Ойуунускай саха тылын кэскилин түстүүр чинчийэр үлэтин уонна идиэйэтин салгыы сайыннарбыт эрэ буолбакка, бары сэбиэскэй уонна холуонньа батталыттан босхоломмут омуктар тылларын сайыннарыы түөрүйэтин олохтообута. Хомойуох иһин, бу түөрүйэ бэйэтин кэмигэр ситэри олоххо киирбэтэҕэ. Сэбиэскэй олох тутуһар үгүс сүрүннүүр бириинсиптэрэ түөрүйэнэн бигэргэтиллибэт, сокуонунан салайтарбат, ол оннугар баартыйа биирдиилээн баһылыктарын уонна араас чунуобунньуктар дьаһалымсыйыыларынан быһаарыллар этилэр. Ол түмүгэр ССРС-ка олорор үгүс омуктар тыллара сүппүттэрэ, элбэх тыл туруга лаппа мөлтөөбүтэ. Бу маны «сөптөөх сайдыы» диир чобуо тыллаах дьорҕоот интэлэгиэннэр үүнэн-үрдээн тахсаллара, сиэрдээх тылы өйдүү барбакка, А.Е. Мординов курдук дьону «омугумсук» диэн буруйдаабытынан бараллара.

А.Е. Мординов нуучча кыраапыката хомуньуус баартыйа дьаһалынан саҥа суруктанар бары омуктарга соҥноммутун, нууччаттан ылан туттуллар тыл олоҕо барыта нууччалыы суруллуохтаах диэн быһаарыллан, онтон тиэримини сахалыы оҥоруу омугумсуйуу көстүүтэ буолар диэн буруйдааһын муҥутуурдук бүрүүкээн турдаҕына, маннык балаһыанньа омук тылын кэҕиннэрэр сыыһа суол буоларын дакаастыырга туруммута. Бу улахан хорсун быһыы эрэ буолбакка, кырдьык туһугар туруулаһарга бэйэ билиитигэр, кыаҕыгар, таһымыгар бигэ эрэллээх буолуу сүдү холобурун быһыытынан сыаналаныан сөп.

А.Е. Мординов төрөөбүт тыл кыһалҕатын (проблематын) дириҥник уонна араас өттүттэн чинчийбит киһи буолар. Ол курдук сэбиэскэй сэссийэлиистии култуура ис хоһоонун уонна тас куорматын быһаарар үлэтигэр [1] тыл омук култуурата сайдыытыгар уһулуччу суолтатын чопчулаабыта. «В.И. Ленин интернационализм идеологиятын уонна практикатын сайыннарыыта» диэн үлэтигэр тыл норуоттар доҕордуу сыһыаннаһыыларыгар, кинилэр тылларыгар сыһыан быһаарар оруоллааҕын итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ. Хомуньуустуу уопсастыбаны тутар омуктар чугасаһыыларын уонна биир буола ыпсыыларын түөрүйэтинэн салайтаран, омуктар тылларын уонна култуураларын муҥутуурдук сайыннарыы суола тутуһуллуохтааҕын чуолкайдаабыта. Маны сэргэ Маркс уонна Ленин үөрэҕэ тыл боппуруоһун хайдах быһаарарын [2] анаан чинчийбитэ. Маныаха омук тыла көҥүл сайдыыта уонна олоххо киэҥ туттуллуулаах буолуута мэктиэлэнэр диэн быһаарбыта. Кэлин «Киһи уонна төрөөбүт тыл» диэн ыстатыйатыгар (Кыым, 1990 с. атырдьах ыйын 31 к.). Тыл-өс мөлтөөһүнэ, омук сиэрэ-майгыта кэхтиитигэр тириэрдэрин тоһоҕолоон ыйбыта.

Бу үлэлэригэр төрөөбүт тылы сайыннарыы омугу сайыннарыы сүрүн усулуобуйата буолар диэн санаанан салайтарара көстөр. Ол гынан баран, тыл боппуруоһун быһаарыыга хайа да киһи омугум кэскилин утары барабын диэбэт, диэбэтэх буолуохтаах. Бэл диэтэр, оҕону сахалыы иитэри- үөрэтэри утарааччылар, оҕолорун нууччалыы тылга көһөрө сатааччылар, саха тылын нууччалыы тылынан «байыта» сатааччылар – бары сайдыыга тардыһан, итинник гынабыт диэхтэрин сөп.

Биһиги А.Е. Мординов саха тылын сайдар кэскилин хайдах быһаарбытын арыйарга холоннубут. Омук сайдыыта кини төрөөбүт тылын сайдыытыгар көстөр эбит буоллаҕына, бу сөптөөх сайдыы дэниэхтээх. Тыл уларыйар, биир сиргэ турбат диэн буолар. Тыл бу уларыйыыта кини үүнэн үрдээн иһиитин көрдөрөр «сайдыы» дуу, кэхтэр суолга киирбитин туоһулуур «сайдыы» дуу? Бу көстүү туох кэриҥнээҕий? Бастакытынан, омук тыла олоҕун бары эйгэтигэр киэҥник туттуллар уонна ону хааччыйар тыла-өһө ситэри буоллаҕына; иккиһинэн, тыл дорҕоонун систиэмэтэ, тылын тутула, тылын баайа уонна тыл үйэлээх үгэһэ алдьаммакка утумнаахтык сайдан иһэр буоллаҕына, кини бигэ туруктаах, сайдар дэниэхтээх.

Онон А.Е. Мординов тылы сайыннарыы кини чөлүн харыстааһыҥҥа олоҕуруохтааҕын дакаастааһыҥҥа ыкса чугаһаабыта. Кини кэмигэр омук тылын харыстааһын туһунан быһаччы этэр табыллыбата: култууралар чугасыһыыларын, байытыһыыларын утарыы, омук сайдыыттан күрүөлэниитин туруулаһааччыга күтүрэниэн уонна «омугумсук» диэн буруйданыан сөбө. Тыл туттуллуутун көстөн турар алдьатыылаах төрүккэ олоҕуран тэрийии — тылы кэҕиннэрии, мөлтөтүү, омук сайдар кэскилин куорҕаллааһын буолар. Биһиги билигин даҕаны, тылы туттууга тахсыбыт алҕас, үгэс буортутун дьоҥҥо, норуокка, итэҕэтэн, харыстанар номохтоох тэрээһини олоххо киллэрэр судургута суоҕун өйдүүбүт. Онуоха А.Е. Мординов бэдэрээссийэлии тутуллаах судаарыстыбаҕа олорор омуктар сэссэлиисим усулуобуйатыгар сыһыаннаһыыларын, тылларын уонна култуураларын сайдыытын туһунан эппит балаһыанньалара билиҥҥи кэмҥэ да көмө-тирэх буолаллар. Уратыта: урут тыл сайдыытын барытын судаарыстыба уонна баартыйа дьаһайаллара. Билигин сокуоннар (көҕүлүүр да, хаарчахтыыр да) бааллар, оттон сүрүннээн дьаһайааччы көстүбэт. Тылы сайыннарар уонна харыстыыр үлэни омук бэйэтэ дьаһаныахтаах, ону судаарыстыба өйүөхтээх уонна тилэри үбүлүөхтээх. Маныаха В.И. Ленин «Тылга үлэҕэ туох кыһалҕалааҕын омук дьоно бэйэлэрэ үчүгэйдик билэллэр, онон кинилэр ити дьыалаҕа үлэлэрин тэринэллэригэр кыахта биэриэххэ, чунуобунньук араас сылтаҕынан үп суох диэн мэһэй, хаарчах оҥорорун тохтотуохха», – диэн бэлиэ этиитин санатар тоҕоостоох.

А.Е. Мординов сиһилэнэр кэмэ төһө да аастар, кини быһаарыылара саха тылын билиҥҥи уустуктарын көннөрөргө көдьүүстээх буолуохтарын сөп эбит.

Литэрэтиирэ

  1. Мординов А.Е. О социалистическом содержании и национальной форме советской культуры. М., 1959, 288 с.
  2. Мординов А.Е. О развитии языков социалистических наций в СССР//Вопросы философии. – 1950. — № 3 – С. 75-95.; Мординов А.Е., Санжиев Г. Некоторые вопросы развития младописьменных языков народов СССР // Большевик. – 1951. — № 8. — С. 39-48. ; Мординов А.Е. Развитие языков народов СССР // Социалистические нации СССР. – М., 1955. – С. 111-152.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА