Быйыл Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла. Маннык үтүө даатаҕа дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Модун Арассыыйаҕа олорор норуоттар култуураларын, ускуустубаларын үйэтитии сылынан биллэрбитэ биһиэхэ икки бүк суолталаах.
Саха сиригэр уонна Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр сүдү дьаһалларга тирэҕирэн, саха тылыгар суолта ууруллан, саҥа бырайыак үлэтэ саҕаланна.
Сахалыы саҥа түөлбэ-түөлбэ ахсын араас. Улуустар икки ардыларыгар кытта уратылаах. Маны аныгы ньыманан
үйэтитиигэ ол эбэтэр объектив (видеокамера, төлөпүөн) нөҥүө устан хаалларыыга сорук турда. Бастатан туран, тосхолу гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын института, саха тылын салаатын учуонайдара сэргээтилэр. Институт үлэһитэ Егор Реворьевич, институт бибилэтиэкэрэ Рожина Изабелла Васильевна И.С. Жараев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинигэр (Москвитин С.И) кэлэн, уһуллубут киинэ докумуону хайдах көрөрү, мунньары саас-сааһынан көрдүлэр.
«Айыы Кыһата» национальнай гимназия (дир.Шамаева Л.П.) оскуола оҕолорун, төрөппүттэри кытыннаран, илгэлээх ийэ тылбыт сүмэтин, сүөгэйин түмүөххэ сөп диэн, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын, куораттарын оскуолаларыгар «Саха тыла — кэм кэрэһитэ» үйэтитии бырайыак оҥоһуллар.
Бырыйыак үлэтэ сурук-бичик күнүгэр — олунньу 13 күнүттэн — саҕаланар. Онно учууталлар, оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр бука бары биир санаанан төрүт сахабыт тыла сүппэтин, үйэлээх үлэ салҕанарыгар кыттыһалларын биллэрдилэр.
Бэҕэһээ куйаар ситим нөҥүө аһаҕас кэпсэтии буолла. Дьон көхтөөхтүк кытынна.
Ааптар: Марина Винокурова