Саха тыла худуоһунньук хараҕынан. Аныгы ааптардар быыстапкалара Дьокуускайга арылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Бээтинсэҕэ, сэтинньи 1 күнүгэр, «Арт-Ситим» галереяҕа «ҺӨҔҮҤ: якутский язык глазами художника 2.0» быыстапка арылынна. Аныгы худуоһунньуктар быыстапкаларын иккис төгүлүн култуура көҕүлээһиннэринэн президент пуондатын өйөбүлүнэн ыытыллар. Кыттыыга 50-тан тахса үлэ сайаапкаланна, онтон 25-һэ быыстапкаҕа турда, суруйда ЯСИА.

«Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытыгар биллэр худуоһунньуктар Марианна Лукина, Борис Осипов, Дьулустан Бойтунов, Елизавета Третьякова, Лена Гоголева, Туяра Шапошникова, «Узкий взгляд» арт-бөлөх, Ольга Рахлеева, Иннокентий Попов, Сергей Колесов, маны сэргэ эдэр худуоһунньуктар Йэн Сур, Антонина Шадрина, Мира Аргунова, Василий Камшилин, Анна Саввина, Лилия Ушницкая уо.д.а үлэлэрэ турда.

Ааптардар бэйэлэрин үлэлэрин нөҥүө саха тылын хайдах уруһуйдаан көрөллөрүн дьүһүйдүлэр. Араас художественнай практика баар: живопись, графика, скульптура, декоративнай-прикладной искусство, инсталляция.

Бырайыак төрүт тыл суолтатын араас хайысханан, ол иһигэр саҥарыыта, суруйуута, лексиката, тутула, туттуллуута, үөрэтиитэ уонна да атыны көрдөрөр сыаллаах ыытыллар», — диэтэ Саха сирин худуоһунньуктарын сойууһун быыстапка эйгэтигэр исписэлииһэ Харитина Федорова.

Тэрийээччилэр эппиттэринэн, призердар уонна кыайыылаахтар уруһуйдьут туттар табаарыгар сертификаттары туттулар.

This post was published on 02.11.2024 12:07 12:07