Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра быйылгы сезонун уратытык арыйда. Ол курдук, тыйаатыр историятыгар хаһан да буола илик Евразийскай гастроль тура былааннанан, айар кэлэктиип Арассыыйа куораттарынан айаҥҥа турунна.
Алтынньы-сэтинньи ыйдарга ыытыллар «Саха тыйаатырын номохторо» гастроль саха национальнай тыйаатырын 110 сылыгар ананар.
Тур репертуарыгар Андрей Борисов – «Хаарыан хампа күөх кытылым», «Хоруол Лиир», «Мамаша Кураж уонна кини оҕолоро», Сюзанна Ооржак – «Бернарды Альба дьиэтэ», Сергей Потапов – «Тиит», Руслан Тараховскай «Ойуун түүлэ» испэктээкиллэрэ киирдилэр.
Николай Лугинов айымньытынан Лена Гримм туруорбут «Хунские повести» испэктээкил сүрэхтэниэҕэ.
Тур кэмигэр алтынньыга Кыргызстан, Казахстан уонна Татарстан көрөөччүлэрэ Саха тыйаатырын киэҥник сураҕырбыт испэктээкиллэрин билсиэхтэрэ. Онтон сэтинньи саҥатыгар артыыстарбыт Уфа көрөөччүлэрин үөрдүөхтэрэ.
Сэтинньи 11 күнүгэр Москваҕа Малай тыйаатырга «Хунские повести» испэктээкил аан бастаан көрдөрүллүөҕэ. Бу сценаҕа сэтинньи 12-13 күннэригэр көрдөрүллэр «Тиит» уонна «Мамаша Кураж уонна кини оҕолоро» испэктээкиллэринэн Саха тыйаатырын улахан гастроллара түмүктэниэхтэрэ.
Маннык киэҥ хабааннаах айар бырайыак Арассыыйаҕа олорор омуктар култуураҕа бииргэ үлэлээһиннэригэр уонна Арассыыйа театральнай искусствотын билиһиннэрэллэригэр туһалаах буолуоҕа.
Саха тыйаатырын гастроллара өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстабатын өйөбүлүнэн тэриллэллэр.
Онтон бүгүн Олоҥхо тыйаатыра IХ сезонун «Удаҕан кыргыттар» олоҥхонон арыйыа. Тыйаатыр бэйэтин көрөөччүлэрин алтынньы 15 күнүгэр «Орто дойду оһуора, олоҥхо тойуга», алтынньы 16 күнүгэр «Пионнаах беседка» туруорууларга күүтэр.
This post was published on 14.10.2016 15:15 15:15