Ахсынньы 6 күнүгэр Былатыан Ойуунскай аатынан Саха академическай тыйаатырын «Олоҥхо» саалатыгар нуучча улуу драматура Александр Островскай «Ойуур» испэктээкилин премьератын иннинээҕи пресс-кэмпириэнсийэ буолан ааста. Испэктээкил А.Н. Островскай төрөөбүтэ 200 сылыгар аналлаах Арассыыйа култуураҕа министиэристибэтэ уонна Арассыыйатааҕы театр диэйэтэллэрин сойууһа олохтообут судаарыстыбаннай граннарын көмөтүнэн тахсар, диэн Саха тыйаатырын пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрэр.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ Арассыыйа уонна СӨ народнай артыыһа, ССРС, АБ уонна СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Ефим Степанов, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, режиссер Сергей Потапов, испэктээкили уотунан-күөһүнэн хааччыйар Арассыыйа тарбахха баттанар худуоһунньуга Стас Свистунович, бырайыак салайааччыта, театровед Надежда Осипова кыттыыны ыллылар.
Саха театрын түмэлин салайааччыта Ефим Степанов Александр Островскай пьесалара сахалыы саҥаран, сыанаҕа турбут историяларын сырдатта. «Саха театрыгар Островскайы 1934 сыллаахха аан бастаан режиссер Спиридон Григорьев туруорбута. Онтон ыла, мин ааҕарбынан, Александр Островскай 16-17 араас пьесата сахалыы саҥаран, театрбыт сыанатыгар тахсыбыт», – диэн Ефим Николаевич кэпсээнин саҕалаата.
Нуучча улуу драматура Островскай пьесалара хас биирдии туруорбут режиссерга, оонньообут артыыска улахан оскуола буолаллара саарбаҕа суох. 1949 сыллаахха «Тыа» («Лес») испэктээги аан маҥнай ССРС норуодунай артыыһа Василий Местников туруорбут. Аатырбыт артыыстар Дмитрий Ходулов – Несчастливцевы, Петр Решетников – Счастливцевы, оттон Гурмыжская оруолун аан бастаан Дарья Слепцова оонньообуттар. Худуоһунньугунан кылгас кэмҥэ үлэлии сылдьыбыт Агафон Лукин үлэлэспит. «Онтон Саха театрыгар кэнники сылларга «Сатабыллаах саһыл саҕалаах» («На всякого мудреца довольно простоты») диэн испэктээк тахсыбыта», – диэн чопчулаан биэрдэ биллэр артыыс, түмэл салайааччыта Ефим Степанов.
Режиссер Сергей Потапов Александр Островскай пьесаларыттан иккис туруоруута буоларын сэһэргээтэ. Бу иннигэр Казахстаҥҥа Нуучча тыйаатырыгар «Энньэтэ суох кыыс» («Бесприданица») диэн пьесаны туруорбутун аҕынна. «Островскай классическай тыйаатыр маастара. Онтон биһиги туруоруубут олох атын. Саха көрөөччүтүгэр ордук тиийэр, болҕомтотун тардар гына ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-битиилээх буолан таҕыста», – диэн быһаарар Сергей Станиславович.
Режиссер бастаан Островскайдыын билсэригэр классик суруйааччыны ытыктаан, «Үс аҕас-балыс» («Три сестры») пьесаны бэйэтинэн туруорбутун көрөөччү соччо өйдөөбөтөх эбит… Ол иһин эмиэ классик суруйааччы Антон Чехов «Вишнялаах саадын» («Вишневый сад») Казахстаҥҥа туруоруутугар олоҕурбут көрүүтүн «тумнан» туран аныгылыы ырыаны-тойугу киллэрбит. Ол түмүгэр испэктээк Евразиятааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы тыйаатырдар бэстибээллэригэр кыайыылааҕынан тахсыбыт.
«Ойуур» испэктээккэ сүрүн оруолларга Гурмыжская – Ильяна Павлова, Сордоохоп – Айсен Лугинов оонньууллар. Пьесаны СӨ үтүөлээх артыыһа Кирилл Семенов тылбаастаабыта. Арассыыйаҕа ыҥырыыга сылдьар уотунан-күөһүнэн хааччыйар худуоһунньук Стас Свистунович көрдөһүүнү ылынан үлэлии кэллэ. Ону таһынан испэктээк муусукатын Горно-Алтайскайтан сылдьар Байару Такшина оҥордо.
Уот-күөс худуоһунньуга, «Көмүс мааска» тыйатыраалынай бириэмийэ лауреата Стас Свистунович Сергей Потаповтыын Псков куоракка Михаил Булгаков «Зойкина квартира» диэн пьесатын туруорарга билсибиттэр. Сүрдээх кылгас кэм иһигэр бэрт сэргэх, дьон биһирэбилин ылар музыкальнай испэктээкили көрөөччүгэ таһаарбыттарын истиҥник аҕыннылар. «Мин Саха сиригэр бастакы кэлиим. Сергейга махтанабын. Премьера буолара кылгас кэм хаалла эрээри, барыта сатаныа диэн эрэнэбин», – диир ааттааах-суоллаах испэсэлиис.
Бырайыагы сүрүннээччи, театровед Надежда Осипова бэйэтин этиитигэр Александр Островскай айымньыта Саха театрын сыанатыгар турара бэлиэ түгэн буоларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, ахсынньы 10 күнүнээҕи премьера улуу драматург Александр Островскай «Тыа» испэктээккэ сахалартан аан бастаан Сордоохоп оруолун оонньообут саха көрөөччүтүн кутун туппут ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Ходулов төрөөбүтэ 110 сылыгар ананар.
«Премьера күнэ-дьыла биллибитин кэннэ биир дьикти түгэн буолла. Ол курдук, «Тыа» испэктээк 1949 сыллаахха эмиэ ахсынньы 10 күнүгэр сүрэхтэммит эбит. Национальнай архыыпка ону туоһулуур испэктээкил туруон иннинэ ыытыллыбыт уус-уран сэбиэт мунньаҕын боротокуола баар. Аны туран 50 сыл анараа өттүгэр, 1973 сыллаахха суруйааччы 150 сыла бэлиэтэнэригэр, биллиилээх учуонай Георгий Башарин «Островский и Якутия» диэн кинигэтэ тахсыбыт. Кинигэ түмүктэниитигэр «Островскай пьесаларын сахалыы тылбааһын тарҕатыахха, кини айымньыларын туруоруохха наада» диэн туһаайыы оҥорбуттаах. Дьэ, ол этиитэ туолан иһэр», – диэн сиһилии быһаарар Надежда Осиповна.
* * *
117 айар дьыл ахсынньытааҕы былаанынан, «Ойуур» испэктээк ахсынньы 10, 11 күннэригэр сүрэхтэнэр. Айымньыны уонна суруйааччыны дириҥник өйдүүргэ анаан испэктээк иннинэ сырдатар лиэксийэлэр былааннаннылар. Ахсынньы 10 күнүгэр киэһэ 18:00 ч. «Островскай уонна Саха театра» диэн Саха тыйаатырын литература чааһын үлэһитэ, театровед Надежда Осипова, онтон ахсынньы 11 күнүгэр киэһэ 17:00 ч. «“Театр иһигэр театр” – А.Н.Островскай “Ойуур” кэмиэдьийэтигэр» диэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Филология факультетын «Нуучча уонна тас дойдулар литератураларын» кафедратын доцена, филологическай наука хандьыдаата Ольга Дедюхина кэпсээннэрин сэргээҥ.
Надежда Ильина,
П.А. Ойуунскай аатынан Саха академическай театра