Саха тыйаатыра Олоҥхо дойдутугар эргилиннэ

П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын 110 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт «Саха тыйаатырын номохторо» Евразийскай гастроль түмүктэннэ. Тыйаатыр кэлэктиибэ дойдутугар сэтинньи 15 күнүгэр кэллэ. Артыыстары биир идэлээхтэрэ, аҕа көлүөнэ артыыстар Анна Кузьмина, Мария Варламова уо.д.а аэропорка киирэн үөрэ-көтө көрүстүлэр.


Саха сирин тыйаатырын Евразийскай тура – эдэр артыыстарга эрэ буолбакка, кэлэктиипкэ бастакы улахан гастроллар.

«Өссө икки испэктээкили бэлэмниибит»

Анатолий Николаев, Саха тыйаатырын дириэктэрэ:

Гастролларбыт алтынньы 12 күнүттэн саҕаламмыттара. Сылдьыбыт сирбит аайы олус истиҥник, үчүгэйдик көрүстүлэр. Биһиги туруоруммут сорукпутун толордубут – биир идэлээхтэрбитин, тыйаатырдары кытары сибээспитин бөҕөргөттүбүт. Билигин Дьокуускайга икки саҥа испэктээкили көрдөрөр былааннаахпыт.

«Оҕолорбун көрөн долгуйдум»

Анна Кузьмина, Саха сирин норуодунай артыыската:

Аатырбыт тыйаатырым айанныырын үөрэ-көтө уонна астына кэтээн көрдүм. Мин 60-тан тахса сыл устата гастролларга сырыттым, элбэхтик айаннаатым. Эдэр артыыстарга ситиһиилэри баҕарабын!

«Эһиги олус күүппүппүт!»

Юрий Соломин, Малай тыйаатыр уус-уран салайааччыта, ССРС норуодунай артыыһа, РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата:

— Саха тыйаатыра – Москва күүтүүлээх уонна долгутуулаах ыалдьыта. Арассыыйа биир күүстээх уонна улахан национальнай тыйаатырын туруоруулара дойду тэбэр сүрэҕэр сибиэһэй салгыны киллэрдилэр.

Саха тыйаатырыгар кырата суох оруолу артыыстар көлүөнэлэрин утумнааһына уонна омук быһыытынан төрүттэрэ ылаллар. Мин биир кэмҥэ саха оҕолорун кытары «Щепкэҕэ» үөрэммитим. Кэнники 20-30 сылга мин көлүөнэм артыыстарыгар өссө Шепкин түөрт устуудьуйатын оҕолоро эбиллибиттэрэ. Щепкинэцтэр хас биирдии көлүөнэлэрэ тыйаатыр айар олоҕор туох эрэ уратыны киллэрэрин олус интэриэһиргээн кэтээн көрөбүн. Эһиги сахалыы уларытыллыбыт «Илиир Хоруолгутун» хаһан да умнубаппын!

«Биһиги олохпутун байыттыгыт»

Михаил Бочарников, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ Ыксаллаах уонна боломуочуйалаах посола:

— Саха тыйаатырын испэктээкиллэрин көрдөрүү дьиҥнээх үөрүүлээх түгэн. Биллэн турар, Казахстан театральнай олоҕун байытта уонна киэргэттэ.

Тыйаатыр кэлэктиибэ саха классикатын, аныгы драманы интерпретациялааһыҥҥа үрдүк таһымнааҕын көрдөрдө. Эһиги искусствоҕыт эстетиканы, үтүө санааны уонна духуобунаһы сайыннарарга көмөлөһөр. Айар үлэҕит үйэлээх буоларыгар, саҥа санаалары, тус сыалы тутуһууну, кэрэхсэбиллээх испэктээкиллэри уонна махталлаах көрөөччүлэри баҕарабын!

Айан кэмигэр – саҥа испэктээкил

Саха тыйаатырын артыыстара:

Лена Гримм «Хуннские повести» саҥа үлэтигэр гастроль устатын тухары бэлэмнэннибит. Бастаан уопсай ааҕыы, онтон сценаҕа тахсыы, мизансценалары оҥоруу, мастарыскыайга үлэлээһин – бу барыта араас куораттарга Бишкеккэ (Кыргызстаҥҥа), Астанаҕа уонна Алматаҕа (Казахстаҥҥа), Казаҥҥа (Татарстаҥҥа) буолла. туруорууга ыарахаттар бааллар этэ эрээри, көрөөччүгэ тиийдэ. Уфа куорат көрөөччүлэрэ испэктээкили уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр уонна үс испэктээкилгэ толору саалаҕа муһуннулар.

«Норуот быһыытынан уратыбыт – инники күөҥҥэ»

Куприян Михайлов, Саха тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа:

Биир тылынан эттэххэ, олус үчүгэйдик сылдьан кэллибит. Тыйаатыр гастрола – Саха тыйаатырын, чуолаан Андрей Саввич 40-ча сыллаах үлэтин түмүгэ дии саныыбын. Дьиҥинэн ыллахха, бу үһүс айаммыт диэххэ сөп. 1990 с. сайын эмиэ ити курдук Бишкеккэ, Уфаҕа, Чебоксарга сылдьыбыт эбиппит. Бурятияҕа «Лики Чингисхана» монгол-түүр тыллаахтар түмсүүлээх улахан дьаһалга кыттыбыппыт. Ол кэннэ Туванан. Хакасиянан, Алтайынан, Калмыкиянан, Моголиянан сылдьан кэлбиппит.

Бу үһүс улахан айамммытыгар түүр-монгол тыллаах, урукку Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэлэрин норуоттара Саха тыйаатырын саамай инники иһэр кэлэктиибинэн билинэллэрин итэҕэйдибит. Кинилэрдиин доҕордуу сыһыаны, сомоҕолоһууну биһиги сүрүннүүр эбиппит. «Биһиги эһиги тыйаатыргыт курдук уһун кэмнээх уонна элбэх дойдуну хабар гастролларга сылдьар туһунан санаан да көрбөппүт» диэн ымсыыралларын кистээбэккэ эттилэр.

Айаммыт кэмигэр Николай Лугинов айымньытынан «Хуннские повести» испэктээкилгэ үлэлээтибит. Манна даҕатан эттэххэ, омук сирдэригэр сырыттахха, биһиги кэлэктииппитин «тотальнай тыйаатыр» диэн сөҕөллөр. Сахалыы санаанан салайтаран эттэххэ, хааммытыгар баар көс олохтоохпут туһалыыр. Ханна да гастролларга тиийдэрбит, эн салайааччыгын, эн артыыскын, эн техническэй үлэһиккин диэн көрөн турбаппыт. Бары эдэрдиин-эмэнниин саба түһэн, испэктээкили туруорууга бэлэмнэнэн барабыт. Итинник үгэс атын тыйаатырдарга сэдэхтик көстөр. Уот, музыка биэрээччи, сценаны бэлэмнээччи уо.д.а. сценаҕа көстүбэт туруу үлэһиттэрбитин Андрей Саввич айар дьонунан ааттыыра мээнэҕэ буолбатах. Бу сырыыга хаһааҥҥытааҕар да уһуннук, ыйтан ордук кэм устата сырыттыбыт.

Москваҕа үөрэммит училищебытыгар ыалдьыттааһыммыт олохпутугар эмиэ биир умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Щепкиҥҥэ үөрэппит 70-90 саастаах учууталларбытын сирэй көрсүү долгуйуутун киһи биир тылынан кыайан кэпсээбэт.

ххх

Тыйаатыр кэлэктиибэ бастыҥ испэктээкиллэрин көрдөрдө:

Абдумомунов аатынан Кыргызстан национальнай академическай тыйаатырыгар;

Гафури аатынан драма Башкириятааҕы академическай тыйаатырыгар;

Татарстан «Нур» тыйаатырыгар;

Үүнэр көлүөнэ Мусрепов аатынан Казахстаннааҕы тыйаатырыгар;

Москваҕа Ордынкаҕа Малай тыйаатырга.

This post was published on 18.11.2016 10:17 10:17