Саха тыйаатыра 114-с дьылын "Өй, сүрэх икки мөккүөрэ" испэктээҕинэн түмүктээтэ

Быйыл Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 114-с театральнай дьылын от ыйын 1 күнүгэр түмүктээтэ. «Өй, сүрэх икки мөккүөрэ» испэктээк онлайн көрдөрүлүннэ.


Аан дойду үрдүнэн пандемия суоһаан, кулун тутар ый ортотуттан тыйаатырга биир да испэктээк оонньооммокко, дьиэҕэ олорон үлэлээтилэр. Артыыстар оруолларын үөрэтэн, сахалыы хоһооннору, айымньылары ааҕан, дьону-сэргэни сэргэхситтилэр.

Быйылгы Саха тыйаатырын 114-с театральнай дьылын түмүктүүр испэктээк тыйаатыр сыанатыгар буолбакка, олоххо киирбит саҥа сүүрээн сиэринэн онлайн көһүннэ.

Бэҕэһээ, от ыйын 1 күнүгэр, киэһэ 7 чаастан НВК «Саха» ханаалыгар саха улуу суруйааччылара Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Алампа айымньыларын сүнньүнэн турбут Саха тыйаатырын «Өй, сүрэх икки мөккүөрэ» испэктээк көрдөрүлүннэ.

This post was published on 02.07.2020 16:02 16:02