Балаҕан ыйын 30 — алтынньы 4 күннэригэр Наро-Фоминска 24 саастарыгар диэри спортсменнарга көҥүл тустууга Россия чемпионата буолар. Турнир Сербиятааҕы аан дойдуга бастыыр иһин киирсиигэ сүүмэрдээһин быһыытынан ыытыллар. СИА «Спорт Якутии» сигэнэн суруйар.
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдилэр:
57 кг — Петр Копылов, Алексей Копылов, Айаал Белолюбский, Михаил Иванов, Егор Вензель, Дархан Игнатьев, Айсиэн Винокуров, Дьулустан Федотов, Сергей Егоров, Валерий Андросов
61 кг — Петр Константинов, Быйан Быйаман, Яков Павлов
65 кг — Кирилл Павлов, Георгий Кычкин, Александр Неустроев (Москва)
70 кг — Константин Капрынов, Егор Захаров, Албан Аввакумов, Вальтер Владимиров, Егор Герасимов, Ньургустан Иванов, Николай Сивцев
97 кг — Андрей Аронов, Максим Толмачев (Красноярск)
125 кг — Никита Хабаров
Хамаанданы старшай тренердэр Егор Пономарев уонна Станислав Захаров салайаллар.
This post was published on 29.09.2021 17:01 17:01