Саха иһитэ-хомуоһа төрүт дьарыкпытын кытта ыкса ситимнээх. Холобур, күөсчүт диэн түҥ былыргы идэлээх киһи туой иһити оҥороро. Туосчуттар, мас уустара, тимир уустара мал-сал, иһит, туттар тэрил, сэп-сэбиргэл арааһын оҥороллоро. Иһити-хомуоһу ойуулаан-мандардаан, уокка буһаран-хатаран, кыһан, сирийэн, иһэрдэн, тигэн оҥорор омук күннэээҕи кыһалҕатын эрэ толунар буолбатах. Ол аата үрдүк култууралаахпытын, олохпутун-дьаһахпытын айылҕаны кытта дьүөрэлээн тэринэрбитин, анал идэлээх дьон араҥата баарын, ол идэҕэ уһуйааччылар, кинилэри утумнааччылар баалларын туоһулуур.
Төрүт аспыт-үөлбүт, иһиппит-хомуоспут төрдүн-төбөтүн салгыы хайабыт. Бу сырыыга саха тирии иһитин туһунан сырдата түһүөхпүт.
Егор Николаев, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун саха тылын салаатын үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата
Саха сиригэр кэлэн ааспыт айанньыттар хара ааныттан бэлиэтээбиттэрэ – “саха тирии иһитэ – кымыс иһитэ” диэн. Холобур, А.Ф. Миддендорф 1842-1845 сс. Сибииргэ, Уһук Илиҥҥэ эспэдииссийэтигэр сылдьан хомуйбут матырыйаалларыгар маннык суруйар: “simiir – мешок для масла сшивается из полудубленых, копченых кож; sirihit – такой чан содержит около 350 литр; он гораздо больше упомянутого прежде kjӧguӧrün и украшен нарисованными да вышитыми фигурками”.
Оттон Якоб Линденау: “kӧgӧr – делается из кожи быка; simir – маленький сосуд из кожи, употребляют их только во время путешествий, чтобы держать в них кумыс или umdan (ымдаан); Tschabetschach – сосуд из кожи или бересты, имеет наверху ручку”, — диэн бэлиэтээбитэ.
1894-1896 сс. Сибиряков эспэдииссийэтин матырыйаалларыгар олоҕуран политсыылынай В.К. Ливадин 1927 с. сахалар тирии иһит арааһын хайдах оҥороллорун сиһилии ырытан суруйбута.
Антрополог В.И. Иохельсон XIX үйэтээҕи ыһыах туһунан үлэтигэр кымыс иһитин-хомуоһун барытын ойуулаабыта.
Оттон саха төрүт аһын-үөлүн барытын ырытан суруйбут А.А. Саввин: «Почти вся кумысная посуда делалась из непромокаемой кожи “сири”. Из нее шили большие чаны “сири холлоҕос”, бурдюки для приготовления и перевозки кумыса вьюком – “көҕүөр” или “симир”, небольшие бурдючки – “симирчэх”, плоские чаши – чабычах, подойники и пр. Обилие кожаной посуды для кумыса указывает на то, что значительная часть якутов, разводивших конный скот, были раньше настоящими кочевниками», — диэн быһаарбыта. Кини былыргыта көс омук буоларбыт өссө биир туоһута тирии иһит буоларын чопчулаан биэрбитэ.
***
Сири иһит. Уратытык таҥастанан оҥоһуллубут оҕус тириититтэн тигэллэрэ. Быһыыта-таһаата аныгы уу буочукатын курдук. 30 солуур (биэдэрэ) киирэр иэннээҕэ. Сири иһит диэн, дьиҥинэн, тирии иһит уопсай ааттара буолар. Ол араас иһит аатыгар көстөр: сири чабычах, сири ыаҕас, ынах сири ыаҕас (40-50 см үрдүктээх үүт кутар иһит). Сири диэн тыл тирии таҥаска кытта ахтыллара Э.К. Пекарскай тылдьытыгар киирэн сылдьар: сири сыалдьа ‘натазники из коровьей кожи’, сири саары ‘коневья юфть, выделанная так, как выделывают сири’, сири сарыы, сарыы ‘почерненная лосиная кожа’. Биэ кымыһа түҥ былыргы ытык утахпыт буоларынан, Бүлүү сахалара сири иһити ханарытан хоруолаах диэн ааттыыллар эбит. Хоруо курдук харатын иһин ааттаабыт буолуохтаахтар. Сабаҕалаатахха, сири иһит диэн сирийэн тигиллэр диэнтэн тахсыбыт буолуон эмиэ сөп. Сорох чинчийиилэргэ көрдөххө, монгуол суругунан пааматынньыктарыгар siri(n) ‘кожа, сыромять’, халха монгуоллар тылларыгар šir ‘кожа, шкура’ (крупного рогатого скота, сыромять)’ диэн баара ыйыллар. Ол төһө оруннааҕа атын тирии иһит ааттарыттан ырылыччы көстөн тахсар.
Көҕүөр, көҕүөр иһит. Кымыһы көөнньөрөргө, харайарга аналлаах, кэтит олохтоох, синньигэс куолайдаах улахан тирии иһит. Бу иһити араастаан ааттыыр эбиппит: көҕүөр симиир – сири иһиттэн кыра кээмэйдээх, симэхтээх көҕүөр, симэхтээх симиир – сылгы тириитин хааҥҥа өр тутан баран тигиллибит кымыс иһитэ. Норуот тылынан уус-уран айымньытыгар сороҕор көйүөр (көҕүөр) айах диэн ааттыыллара баар. Багдарыын Сүлбэ “Аал уоту оттунан” кинигэтигэр: “көйөргө иһит, көгүөр – саппыйаан, торбос тириитэ. Мөһөөччүк саҕа, кыра да буолар. Моойунан быанан бүүйэ таттараллар. Маска иилэн сүгэ сылдьаллар. Ымдааны, суораты, кымыһы куталлар”, — диэн ахтыыны киллэрэн бэчээттээбитэ.
Симиир иһит. Көҥкөлөйдөөх, тылбыылаах, хамнатардаах кымыс көйөрөр уонна харайар иһит. Үөһэ диэкинэн синньиир. Биэ тириититтэн тигэллэр үһү. Кымыһы, үүтү, суораты, чөчөгөйү, арыыны, кэлин буокканы кутан илдьэ сылдьаллара. 2,7 солуур киирэр иэннээҕэ. Атыннык симэхтээх симиир диэн ааттыыллар.
Симиирчэх, симирчэх, симииччэх, симиирчэхээн, симииччэхээн. Кыра кээмэйдээх кымыһы харайан илдьэ сылдьарга аналлаах иһит. Кымыһы эрэ буолбакка, арыгыны эмиэ кутар буолбуттара, симиирчэхтээх арыгы диэн ааттаабыттара.
Таһыар (тойон) көҕүөр, таһыар. А.Е. Кулаковскай киэҥник биллэр үлэтигэр Бүлүү сахаларыгар тоһуор көҕүөр, таһыар көҕүөр, кыра симиир диэн ааттанара ахтыллыбыт. Улахан тылдьыппытыгар, Э.К. Пекарскайга да ‘большой кумысный мех (сосуд)’ диэн быһаарбыттар. Этнограф Ф.М. Зыков көҕүөр ойуу төрдүн-төбөтүн быһаарарыгар бу иһит туһунан сиһилии ырыппыта баар. Ол курдук, хакаастарга тазор, тозор ‘кожаный сосуд (для вина)’, алтаайдарга тажуур ‘кожаный сосуд’, кыргыыстарга тажоор ‘кожаный сосуд для хранения водки’ диэннэригэр ханыылыы быһыылаах диэн сабаҕалаабыта. Оннук да буолуон сөп, өскөтүн, сахалыы тас- ‘перемещать’, алтаайдыы тажы- ‘таскать (с собой), перетаскивать’ диэнтэн үөскээбит буоллаҕына. Ол эрээри тоҕо тойон көҕүөр буолбута киһини толкуйдатар. Тойон улахан диэн суолтаҕа туттуллубут буолуохтаах этэ.
Хаһан эрэ Сунтаар түөлбэ тылыгар бүтэй бөлүүр, бөлүүр ‘кымыс тирии иһитэ, көҕүөр’ диэн баара. Ону кэлин бүтэй бөлүүрү көҕүөр, симиир, сири иһит диэн уларытан ааттаан испиттэр. Монгуол тылыгар эмиэ бүлүүр диэннээхтэр. Ол эрээри суолтата атын: бүлүүр ‘мутовка, пахтальная мутовка, мешалка (для взбивания кобыльего молока при приготовлении кумыса или масла)’. Калмыктарга бүлүр ‘мутовка, мешалка (для пахтанья масла)’, чигәнә бүлүр ‘кумысная мутовка’ диэн баар.
***
Саха көҕүөрүгэр чугас кымыһы көөнньөрөн илдьэ сылдьар тирии иһит ордук монгуол тыллаахтарга тарҕаммыт эбит. Холобур, халха монгуол тылыгар – хөхүүр, бүрээттэргэ – хүхүүр, калмыктарга – көкүр ‘бурдюк (из шкуры крупного рогатого скота’, күр, күүр, ǝǝргин (чигǝнǝ) көкүр ‘бурдюк для кумыса’. Сороҕор хухуур дииллэр. Сылгы эбэтэр оҕус тириитин ыыһаан баран тигэллэр. Ойрат-синьцзян тылыгар: көкүүр ‘бурдюк, сосуд из кожи крупных животных (для хранения водки, кумыса). Билиҥҥи саха халыҥ араҥатын былыргы төрдө соҕурууттан, киэҥ куйаар истиэптээх сиртэн кэлбит диир буоллахпытына, көҕүөр ону ырылыччы ыйа сылдьар. Иһити-хомуоһу оҥосторго сөптөөх мас, туос дэбигис көстүбэт сиригэр сылгы, оҕус тириититтэн иһит ындыылана сылдьарга табыгастаах, чэпчэки ыйааһыннаах, сиргэ түстэҕинэ алдьаммат, акка да сымнаҕас, охсуллубат, төҕө баҕарар баайан, иҥиннэрэн кэбиһэҕин.
Манна даҕатан эттэххэ, монгуоллар 2015 с. айрагтарын (кымыстарын) ЮНЕСКО-нан аан дойду нэһилиэстибэтэ диэн бигэргэппиттэрэ. Оттон 2019 с. хөхүүргэ (көҕүөр) айрагы көөнньөрөр ньымаларын уонна ону кытта ситимнээх сиэрдэрин-туомнарын киһи аймах баайа-дуола диэн испииһэккэ киллэртэрбиттэрэ (Өлүөнэ туруук хайаларын, олоҥхобутун курдук).
***
Түүр тылларыгар сылгы тириититтэн тигиллэр тирии иһиттэрин саба, һаба ‘большой кожаный (из конской кожи) мешок/бурдюк, в котором приготовляют и хранят кумыс’ уонна иһити барытын холбоон саба, сава диэн ааттыыллар. Баҕар, саха туос сабарайа (эмиэ кымыс кутан уураллара) онно чугас буолаарай?
Тыл үөрэхтээҕэ Валентин Иванович Рассадин түүр тылларыгар баар көҕүөрү монгуоллартан киирбит тыл диэн быһаарбыта. Оннук да буолуон сөп, өскөтүн монгуоллары кытта өр кэмҥэ алтыһан олорбут буоллахпытына. Ол суола-ииһэ суох хаалбат. Оттон түүрдэрбитигэр хайдаҕый?
Хакаастарга кÿгäр ‘кожаный турсук’ диэн тирии иһиттээхтэр.
Кыргыыстар көөкөр ‘бурдючок (с горлышком для кумыса из тиснёной верблюжьей кожи; по форме напоминает плоский графин’ диэн эмиэ кымыһы куттан илдьэ сылдьар тирии иһиттээхтэр. Эмиэ сахалар көҕүөр ойууларын курдук көөкөр диэн ойуулаахтар. Ол көөкөр ойуу кымыс иһитин быһыытын-таһаатын үүт-үкчү хатылыыр.
Алтаайдарга: кӧкÿÿр ‘мешок (для молочных продуктов)’.
Тываларга: көгээр ‘большая кожаная фляга (для кумыса или араки)’, көгээржик ‘кожаная фляжка (для кумыса или араки)’.
Ити аата монгуол тыллаахтары кытта өр кэмҥэ ыкса алтыспыт түүрдэргэ көҕүөр төрүт иһиттэрэ буолан хаалбыт дуу? Хайа хайабыт да култуурабытын байытыспыт буолуохпутун эмиэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, сылгыны өрө тутарбыт, кымыһы көөнньөрөрбүт, сиэрбит-туоммут сорох өрүттэрэ барыта биир төрдүлээҕэ, дьиҥинэн, чинчийиллибитэ ыраатта (холобур, А.И. Гоголев үлэлэригэр).
***
Сири иһити хайдах оҥороллорой? Ол туһунан Сунтаар кыраайы үөрэтээччитэ Георгий Евгеньевич Федоров маннык суруйан хаалларбыт: “Аарыма улахан оҕус тириитин эт уонна түү кырыстарын үчүгэйдик ыраастаан баран, эдэр сүөһү хаана тириигэ ордук иҥимтиэ диэн, эдэр сүөһү хааныгар угаллар. Үс-түөрт сууккаҕа сытыаран баран таһааран куурдаллар. Сирини тигэр эр киһиэхэ анаан тиктэрэллэр. Дьахтар сирини тикпэт, аньыыргыыллар. Сирини тигэр дьахтар оҕоломмот диэн. Сирини ынах сүөһү атаҕын иҥиириттэн эрэ тигэллэр”.
Сири иһит ытык суолталааҕа саха олоҕор ити эрэ түгэҥҥэ көстүбэт. Археолог, этнограф Р.И. Бравина чинчийбитинэн, киһи көмүүтүгэр сылдьан баран биир сыл устатыгар кымыс иһитигэр-хомуоһугар чугаһыа, таарыйыа суохтааххын. Кымыс бэйэтэ да айыы аһа буоларынан, кирдээх киһи быртаҕырдыа суохтаах. Оттон А.А. Саввин саха төрүт аһын туһунан үлэтигэр киһи уҥуоҕар бокуонньугу кытта буспут арыыны уонна эти, оттон “пааматынньыгар” көҕүөрү уган анараа дойдуга атааралларын туһунан эмиэ суруллар.
***
Ити курдук, саха мындыр, мааны, киэргэмсэх, ойуулааҕы-мандардааҕы, киэргэллээҕи сөбүлүүр. Кымыс ыһан ыһыахтыыр. Ыһыах иһитэ-хомуоһа барыта уурбут-туппут курдук оҥоһуулаах, сиэллээх, үрүҥ көмүс, алтан салбырҕастаах. Төрүт итэҕэлбитин, алгыстаах сахабыт тылын кытта ыкса ситимнээх, биир баайыылаах. Ол барыта түмүллэн саха омугу айыы тыынныыр, үрүҥ илгэни үрүлүтэр хотугу түүр омук дэтэн сириэдитэр. Бу баай култуураны умнубатарбыт ханнык этэ…
This post was published on 23.04.2021 11:01 11:01